Автор: СахаИмхолайк

Сайдам  көҥүл  санаалаах

Оһуокайдыыр-оһуокай! Эһиэкэйдиир-эһиэкэй! Сайдам  көҥүл  санаалаах Сахам  дьоно  барахсан Сыстыганнаах  ыарыыттан Саһан-бүгэн  хаалбычча Сайаҕастай  санаатын Сааһылаахтаан  саҥаран Куһаҕантан  куттанан Курутуйдар  даҕаны Көмүскэллээх  дорҕоонноох Көҥүл  үтүө  үҥкүүтүн Күөрэлдьитэ  этээхтээн Көмүскэнэн  эрдэҕэ Көрдөөх  үҥкүү  көҕүгэр Көһүйбүтү  көннөрөн...

Сахам алаадьыта

Саһарчы буспут алаадьым Арчылаатын бар дьоммун, Сылаас дыргыл сытынан Дьиэм иһин толордун. Минньигэс амтанынан Санаабын сааһылаатын, Бөрүкүтэ суох чинчини Туора ыраах кыйдаатын. До5отторум тулалаан, Алаадьыбын амсайдыннар, Сандалыбар олорон, Күө-дьаа кэпсэттиннэр. Саҥа сүүрээн сыыйыллан, Ырыалары...

сардаана

Сардаана сибэкким

Кырдалбар кытара тэтэрэн Кыыс оҕо кэриэтэ киэркэйэн, Күн уота күлүмнэс күүһүнэн Кыыһаҕын , тырымныы сэгэйэн. Симээтиҥ тулабар сыдьаайа, Сырдыгы, ырааһы анаара, Сир ийэм ньууругар сандаара Сибэкки кэрэтэ сардаана. Сарсыарда сарыалга саһаҥҥын, Сахалыы саргыны саҕаҥҥын,...

Мукучуга интеллектуальнай оонньуу

Айылҕа харыстабылын, ыччат, Кэбээйи улууһа төрүттэммитэ 80, Сайылык 65 үбүлүөйдээх сылларыгар аныыбыт. Биһиги нэһилиэкпитигэр ыччат лидерэ Николаев Геннадий Михайлович биһиги эдэр ааҕааччыбыт буолар, кини көҕүлээһинин уонна этии киллэриитин ылынаммыт тэрилтэлэр салайааччыларыгар аналлаах интеллектуальнай оонньууну...

Төлөннөөх сүрэҕинэн айбыта. Семен Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар

Биһиги улууспут уонна библиотекабыт историятыгар тулхадыйбат дьыаланы оҥорон хаалларбыт бэриниилээх коммунист, талааннаах салайааччы Яковлев Николай Егорович буолар. Кини оҕолорун, ааҕааччыларын тус холобурунан уонна айымньыларга олоҕуран ииппитэ, кинигэни таптыырга иҥэрбитэ. Биһиги социальнай партнербыт, кыыһа Дьяконова...

Намчы тапталым

Бастакы билинии кистэлэ Тапталы таайтарыы суруга, Сэрэнэ сиэттиһии сылааһа Долгуйа куустуһуу түгэнэ. Ол онтон сүрэхпит битиирэ Тапталтан долгуйа тэбиитэ, Ол онно тапталбыт тыллыыта Олоххо кыттыһа кэлиитэ. Бастакы уураһыы дьиктитэ Кыбыста куустуһуу кэрэтэ, Түгэни кэтэһии...

Иһийэбин, иһиллиибин…

Иһийэбин, иһиллиибин Испэр иэйэ иҥэрэбин. Истиҥ тылы сэҥээрэбин, Ийэ куппун бүөбэйдиибин. Ымсыырабын, ыллаһабын Ыраас санаа ырыатыгар, Ыра гынан талаһабын. Ыраах сулус чаҕылыгар. Чуумпурабын, уоскуйабын, Наҕыл, бигэ эрэлтэн, Чуопчаарабын, уйгуурабын Нарын иэйии имэҥиттэн.

Соҕотох кыталык. Түбэлтэ

Оҕонньор отуутугар кэлэн, мааҕыын бэлэмнээн уурбут мас чохчотугар уот аста. Бэйэтэ киирэн дьиэҕэ сөрүүкүү олордо. Соторунан таһырдьа тахсан, чэйэ оргуйбутун таһааран сойута уурда, бэлэм собо миинин сылытан, дьэ чэйдиэх курдук буолан иһэн, ытын санаан...

Сайылык Уолун «Иэйэр кутум илдьиттэрэ»

  Быйыл саас айан суолугар аргыстаһан иһэр Кириэстээх нэһилиэгин айар куттаахтарын «Тымтык» литературнай түмсүү биир көхтөөх-көрдөөх чилиэнэ Надежда Румянцева – Нөнүөһэ, сып-сылааһынан симириктээн көрөн ыла-ыла: ”Күн Сиккиэрэ, эйигин «Тымтыктар» ватсаап бөлөҕөр киллэриэхпит, сылыйдаҕына айылҕаҕа...

сардаана

Бүгүн мин эйигин көрөммүн

Бүгүн мин эйигин көрөммүн Имэним саҥаттан тилиннэ. Эдэркээн саастааххын санааммын Иэйиилээх тылларым тылынна. Урукку эн эдэр мөссүөнүҥ Харахпар бу илэ көһүннэ, Эдэркээн эн кэрэ мичээриҥ Сүрэхпин долгутан уматта. Үтүмэн сыллары нөҥүөлээн Эн кэрэ дьүһүнүҥ...

Улуу Өксөкүлээҕи санаан…

Ханнык уустар күөртэрэ Хатаран-үрэн күүрдэҕэй, Хараан кэмнэр күннэрэ Халлаан үөһэ көттөҕөй… «Саха тылын өрө тутан Суол тэлэн сирдээбитэ, Сарсыҥҥыны өтө көрөн Саргы түһүн түстээбитэ,»- Сырдык-хараҥа быыһыгар Дьол сандаарда, чыпчылҕан! Суостаах тыынтан быыһанар Дуорайда тыл-чаҕылҕан!...

Күннүк Уурастыырап 110 сааһыгар анаммыт биэчэр

Норуот тапталлаах ырыаһыта, тойуксута, олоҥхоһута, САССР норуодунай поэта Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сылын көрсө республика үрдүнэн араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ыам ыйын 31 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музейга «Саха» НКИК...

Сунтаар ырыа айааччыларын түмсүүтэ

Бэс ыйын 7 күнүгэр улуус киинин Олоҥхо дьиэтигэр Сунтаар улууһун айар куттаахтарын «Ньургуһун» литературнай түмсүүтэ уонна ырыа айааччылара бииргэ мустан сүбэлэстилэр. Сүбэ мунньаҕы улуустааҕы култуура уонна айылгы салалтатын эдэр салайааччыта Мария Кобельянова-Тускулаана киирии тылынан аста...

Сибэкки ыһыаҕа

Сибэкки ыһыаҕа дьүрүһүйэн Сүһүөх ууллан дьүһүйэр, Бырылас тыа уһугар Бычыгырас үөрүү уһуктар… Отур-ботур тоһугураан Олуур былыт ботугуруур, Уоһун иһигэр туойан Уол-дорҕоон ойор… «Оннуук, оннук, кук-куук, кук-куук, Орто дойдуга мантан ордук Сибэкки ыһыаҕа, куруук Сиргэ...

Бэс ыйа

Бэс ыйа, сайын кэрэ кыыһа Силик ситэр мааны далбара, Тыллар кэрэнэн тыыммыта үчүгэйиэн Уһуктар уйгуну ууммута кэрэтиэн. Бэс ыйа, бэс ыйа кэрэ куо Ырыалаах кэлбитэ кырдалга, Бэс ыйа, бэс ыйа ырыа куо Сибэкки ыһыаҕын...