Баҕа санаам

Сэгэриэм,
Көмүһүөм,
Чыычааҕыам,
Эн эрэ, эн эрэ сүрэххэр
Кэхтибэт ньургуһун буоламмын
Мэлдьитин тыллыахпын баҕардым.

Сэгэриэм,
Көмүһүөм,
Чыычааҕыам,
Эн эрэ, эн эрэ сылааскар
Угуттуур нууралы буламмын
Дьоллоохпун дэниэхпин баҕардым.

Сэгэриэм,
Көмүһүөм,
Чыычааҕыам,
Эн эрэ, эн эрэ суһуоххар
Мэник тыал буоламмын иилистэн
Сүүс үйэ мунуохпун баҕардым.

Сэгэриэм,
Көмүһүөм,
Чыычааҕыам,
Эн эрэ, эн эрэ түүллэргэр
Үүт маҥан атынан дайдаран
Түүн аайы тиийиэхпин баҕардым.

Сэгэриэм,
Көмүһүөм,
Чыычааҕыам…

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.