Баар буолууй өрүү аттыбар

Эн суоххар-суоххар доҕоччуок,
Уота умуллар оһохпун,
Уутун көтүтэр элгээммин,
Эргэ иҥнэйбит сэргэбин.

Эн бааргар-бааргар сэгэриэм,
Эдэр-сэнэх эрдьигэммин,
Эйэҕэстэй бэйэлээхпин,
Эмэҕирэрбин умнабын.

Эн суоххар-суоххар доҕоччуок,
Хагдарыйбыт ньургуһуммун,
Ыллаабат ырыа чыычаахпын,
Санньыар туруйа буолабын.

Эн бааргар-бааргар сэгэриэм,
Барыны кыайар модуммун,
Барыттан үөрэр эбиппин,
Ырыанан эрэ сылдьабын.

Эн суоххар-суоххар доҕоччуок,
Күнэ суох бүтэй халлааммын,
Силлиэ буолан ытыллабын,
Эйигин суохтуур киһибин.

Эн бааргар-бааргар сэгэриэм,
Күндүл күөх халлааммыт күннээх,
Дьиэбит-уоппут сырдык, сылаас,
Оҕо чаҕаан күлүүтэ ыраас!

Бу курдук өрүү буолуохтун,
Олохпут суолун аартыга
Үҥэр үйэлээх тапталбыт,
Толору дьоллоох ыллыгар!

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.