Эн мин түүлбэр киирбиккин

Эрэйим дуу?
Эгэйим дуу?
Эймэнитэ долгутан,
Эттиин-хаанныын иэйдэрэн,
Эйэҕэстик көрөҥҥүн
Эн мин түүлбэр киирбиккин…

Арай, арай, кэрэ куо,
Арай, арай, тырым куо,
Үрүмэччи буолаҥҥын
Үрүҥ түүлбүн киэргэтэн
Тэлээрбэхтээн кэлэҥҥин
Түөспэр ыга сыстаргын
Сэгэлдьийэн ааһаргар
Сэрэйбэккин даҕаны…

Эрэйим дуу?
Эгэйим дуу?
Эппэлдьитэ тыыннаран,
Эдэр уохпун оргутан,
Эгэй-дугуй үктэнэн
Эн мин түүлбэр киирбиккин…

Эрэйим дуу?
Эгэйим дуу?
Эр бэйэбин күүрдэҥҥин,
Эпсэритэ куустаран,
Энэлийэ сипсийэн
Эн мин түүлбэр киирбиккин…

Эмискэччи даҕаны
Эн мин түүлбэр киирбиккин,
Эмискэччи даҕаны
Эн мин куппун туппуккун…
Эрэйим дуу?
Эгэйим дуу?

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.