Хоһооҥҥо холонуу

Саргылаах санааны түмүнэн
Сандалы аттыгар олорон
Хоһуйар сорукка түһүнэн
Холоннум баҕабын толорон

Хомоҕой хоһоону айаары
Иэйиилиин көрсөргө тиэтэйдим
Тыл баһын тыргытан дайаары
Тыыппатын таппакка иэгэйдим

Табыла суох бүгүн быһыыта
Тылларым сааһыта сахсархай
Хаанньайда хаҥыл тыл хайыыта
Халтайыы амтана хабархай!

Сулумах иэйиибин сулуйан
Сорукпун толорор баҕаттан
Сутурук саҕаны суруйан
Суудайан көрүөм дуу саҥаттан…

Эбии аах: