Холбо

холбо

Холбо

Былыр хаһан эрэ Мэҥэ улууһун иһигэр биир баай киһи олорбут. Элбэх ынахтаах, сылгылаах уонна хас да хамначчыттаах эбит. Олортон сылгыһыт киһитэ Уйбаан диэн ааттаах эбит. Уйбаан – сытыы-хоодуот, эдэрчи киһи. Бу киһини күһүн, сир харатыгар, уу тоҥон эрдэҕинэ, тойон ыҥыран ылан соруйбут:
– Уйбаан, сылгыны барытын сылгылаан, булаттаан биир бүтэйгэ мус. Сылгы ууга өлөр кэмэ буолла. Утатан даҕаны ууга киирэн былдьаныахтара.
– Чэ, сөп. Бүгүн аппын баайан баран, сарсын сарсыарда туран айанныам, – диэбит Уйбаан.
Сарсыарда эрдэ туран, Уйбаан атын ыҥыырдаан оҥостон сылгы көрдүү барбыт. Аһыыр ас, өйүө эҥин ылбатах. Киэһэ хайаан да эргийэн кэлэр курдук оҥостон айаҥҥа туруммут. Алаастан алааска киирэн испит. Биир да сылгыны булбатах. Күһүҥҥү күн киирээтин кытта тоҥон, аччыктаан барбыт. Уйбаан санаан көрдөҕүнэ, бүгүн дьиэтигэр хайдах да тиийиэ суох. Бу эргин чугас ыалы көрдөөн баран, сарсын күннүктээн бу үрэхтэр салааларын батыһан, сылгыларын көрдөөн, булаттаан бардаҕына эрэ сатанар эбит. Өр барда да, ыал көстөн испэтэ. Ыксыы быһыытыйда.
Арай эмискэччи алаас быыһыгар өтөххө киирэн кэллэ. £төх ортотугар ыал баара көһүннэ. Балаҕан дьиэ хас түннүгүн аайы оһох уота күндээрэн олорор, турбанан оһох кыыма өрө ыһылла олорор. Дьиэ түннүктэригэр дьон элэҥнээн ааһар. Уйбаан бу ыалы көрөн баран, атаҕа сири билбэт буолуор диэри үөрдэ. Дьэ, манна хонон баран сарсын бу эргин сири-дойдуну барытын кэрийиэ. Балаҕан иннигэр сэргэ баарыгар түһэн атын баайда. Дьиэҕэ киирбитэ, кэтэҕэриин ороҥҥо аҕам саастаах үчүгэй мааны таҥастаах хотун дьахтар олорор эбит. Биир олус кырасыабай кыыс оҕо уҥа диэки тугу эрэ гына сылдьар. Уйбаан хонор киһи быһыытынан уҥа диэки ороҥҥо таҥаһын устуталаан баран уот диэки иттэ кэллэ.
– Уйбаан, тугу иһиттиҥ? – диэтэ дьиэлээх хотун.
– Суох, тугу да истибэтим. Эн тугу иһиттиҥ, биллиҥ-көрдүҥ? — диэн Уйбаан хардары кэпсэттэ. Иһигэр олус кыбыста санаата. Көр, бу дьон миигин билэр эбиттэр. Оттон мин билбэппин. Бу эмээхсин хайалара буолла? Эрэ суох огдообо буоллаҕа дуу? Бу кыыһа эбитэ дуу? Ити курдук иһигэр арааһы саныы олордо. “Эһиги кимнээхтэргитий?” диэн хайдах да саҥата тахсыбата.
– Бу хантан хойутаан иһэҕин? – диэтэ эмээхсин.
– Сылгы көрдөөн, үрэхтэри кэрийдим да булбатым. Киэһэ хараҥаҕа былдьатан, устунан мунан хаалан баран, хата, эһигини булан абыранным, – диэн хоруйдаата Уйбаан.
– Ок-сиэ! Уйбаан буолан бараҥҥын төрөөбүт дойдуҥ иһигэр хайдах мунан хааллыҥ.
– Хараҥаҕа балыйтаран муннум. Дьиҥэ, чугас эргиннээҕи сири-уоту син билбэхтиир этим.
Ити курдук эмээхсин ону-маны ыйыталаһан син кэпсэттэ.
– Чэ, тукаам, бу хоноһо кэллэ дии. Киэһээ аһылыкпытын аһаабыппыт дии. Хоноһоҕо сылабаарда өрө оҕус, – диэтэ эмээхсин кыыһыгар. Кыыһа туран сылабаар өрдө. Эмээхсин балаҕантан күлүүс тыла уонна кытыйа ылан таһырдьа таҕыста. Сотору буолаат, буспут эмис сылгы этин киллэрдэ. Ол икки ардыгар кыыс сылабаарын аҕалан остуолга уурда, чааскы аҕалан, итии чэй кутта. Буспут сылгы этин тэриэлкэҕэ ууран биэрбитин Уйбаан бэрт үөрүүнэн уобалаан кэбистэ. Биэрбит эттэрин барытын сиэтэ, чэйи да элбэхтик куттан истэ. Уйбаан тотто-ханна, ирдэ. Эмээхсинтэн: “Аппын ханна аһата түһүөхпүн сөбүй?”– диэн ыйытта. Эмээхсин:
– Ити ампаар кэннигэр остоолбо кыбыы баар. Онно от баара буолуо. Киллэрэн ыытан кэбис, – диэтэ.
Уйбаан таһырдьа тахсан атын ыҥыырын сиргэ лах гыннара бырахта. Ампаар кэннигэр сиэтэн илдьэн, баһын быатын устан ылла уонна остоолбо үрдүгэр иилэ быраҕан баран кыбыы иһигэр атын ыытан кэбистэ. Дьиэҕэ киирбитигэр эмээхсин: “Уйбаан, эн утуйар таҥаһыҥ суох дуо?” – диэн ыйытыылаах тоһуйда. Уйбаан хантан утуйар таҥастаах буолуой. Оннооҕор ыһык ылымматаҕа.
– Суох, – диэн хоруйдаата.
Эмээхсин ампаарга тахсан эһэ тириитэ тэллэх, куобах суорҕан уонна сыттык киллэрэн, уҥа орону оҥорон барда. Эмээхсин бэйэтэ кэтэҕэриин оронугар сытта. Кыыс буоллаҕына, уҥа диэки чуулаан баарыгар киирэн хаалла.
Уйбаан сылаас, сымнаҕас таҥаска сытан баран ону-маны санаата. Көр, бу хараҥаҕа былдьатан мунан бараммын, хата, маннык үтүө санаалаах ыалга түбэһэн абыранным. Бу барахсаттар эмис сылгы этин сиэттэхтэрэ, маннык мааны таҥаска утуттахтара. Дьэ, үчүгэй да хотун. £ссө миигин билэр. Мин буоллар кинини билбэппин. Бэркиһээтим. Хайдах, саатар, сурахтарын истибэккэ хаалбыппыный? Ити кыыһа барахсан, дьэ, үчүгэй да кыыс эбит. Ойох ылбыт киһи абыраныыһы. Ити курдук бу ыалын саныы сытан утуйан хаалбыт.
Сарсыарда Уйбаан уһуктан кэлбитэ, халлаан илин өттө туртаччы сырдаабыт. Арай чиккэччи тоҥон хаалбыт. Бэҕэһээ киэһэ эһэ тириитэ тэллэххэ, куобах суорҕаҥҥа, сылаас ороҥҥо сыппытын өйдүү биэрдэ. Илиитинэн харбаан көрбүтэ – туох да суох, тоҥ сир үрдүгэр сытар эбит. Онтон дьиэ иһигэр хоммутун, эмээхсин уонна кыыс баалларын өйдүү биэрдэ. Ол-бу диэки көрбүтэ, арай былыргы үйэҕэ үмүрүччү оһон эрэр эргэ оһох саҕатыгар сытар эбит. £төх саҕатыгар көтөҕөтө түспүт тииттэр кубары´ан тураллара көстөр.
– Бу хайдах хайдаҕый? Иирбит буоллаҕым дуу, эбэтэр түһүү сытабын дуу? Суох, иирбэтэххэ дылыбын. Син барыны-бары өйдүүбүн. Бу туох айылаах албаһыгар түбэстэмий?
Тура охсон дьиэлиэн баҕарда. Токуччу тоҥон хаалбыт, кыайан туруо суох. Илиитин, атаҕын имитэн, дэлби мөхсөн, хамсаан баран бэрт эрэйинэн турда. Бэҕэһээ киэһэ атын сэргэ төрдүгэр ыҥыырын устан баран ампаар кэннигэр остоолбо кыбыыга хаайбытын өйдүү биэрдэ. Ыҥыыра таах сиргэ сытар эбит. Ампаар да, кыбыы да төрүт суох. ¥үнүн тэһиинин сиртэн булан ылла. Ата буоллаҕына, ол курдук өтөх аҥаар өттүгэр сылдьар эбит. Атын аҕалан ыҥыырын кэтэрдэ туран өйдөөн көрбүтэ, кини утуйбут сирин аттыгар сүүнэ улахан бэс турар эбит. Ол бэс үөһээ өттүгэр улахан киһи хоруобун курдук быһыылаах туос “Холбо” ыйанан турар эбит. Ону көрөн баран Уйбаан олус куттанна.
– Тыый! Бу абааһы холбото турар буоллаҕа. Мин бэҕэһээ манна кэлэммин иирбит буоллаҕым. Атын түргэнник миинэн, былыр үйэҕэ оһон хаалбыт суол омоонун устун айанныы турда. Ол хоммут сириттэн биэс биэрэстэлээх сиргэ тиийэн баран, дьэ, дьиҥнээх ыалы булла. Аһаата-сиэтэ, итиннэ. Бэҕэһээ туохха түбэспитин, ханна хоммутун, тугу аһаабытын барытын кэпсээтэ. Кырдьаҕас оҕонньор бэркэ болҕойон истэн баран ыйытта:
– Доҕоор, онно улахан бэс баара дуо?
– Ээ, көрөн. Сүүнэ улахан бэс турара, – диэтэ Уйбаан.
– Ити кэпсээбитиҥ кырдьык буолуо. Ити өтөххө былыр илэ абааһы удаҕан дьахтар олорбута эбитэ үһү. Ол удаҕан биир олус кэрэ кыыстааҕа эбитэ үһү. Удаҕан соһуччу өлөн хаалбыт. Туоһунан хоруоп оҥорон, уҥуоҕун улахан бэскэ уурбуттар. Сотору буолаат, кыыһа эмиэ ол дойдуга аттаммыт. Эмиэ өтөҕүн саҕатыгар көмпүттэр. Дьэ, ол дьон билигин сыл атаҕар-баһыгар ити курдук ыал буолан олорон, эн курдук мунан-тэнэн хаалбыт дьону хоннорор үһүлэр, – диэн кэпсээбит оҕонньор.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.