Иһийэбин, иһиллиибин…

Иһийэбин, иһиллиибин
Испэр иэйэ иҥэрэбин.
Истиҥ тылы сэҥээрэбин,
Ийэ куппун бүөбэйдиибин.

Ымсыырабын,
ыллаһабын
Ыраас санаа ырыатыгар,
Ыра гынан талаһабын.
Ыраах сулус чаҕылыгар.

Чуумпурабын, уоскуйабын,
Наҕыл, бигэ эрэлтэн,
Чуопчаарабын,
уйгуурабын
Нарын иэйии имэҥиттэн.

Эбии аах: