Ийэкэм

Дорообо, ийэкээм,
Хайдах-туох олордуҥ?
Аҕынным даҕаны
Эн сылаас мичээргин.

Саныыбын кырачаан,
Оҕо саас кэмнэрбин,
Эйигин аймааммын
Мэниктиир да этим.

Өйдүүбүн—ыалдьаммын
Утуппат түгэммин,
Оронум аттыгар
Түүннэри ытыыргын.

Мин үөрэр кэмнэрбэр
Эн тэҥҥэ мичийэн,
Ааспыт ыар олоххун
Хаалларбыт курдугуҥ.

Оо, ийэм барахсан,
Ахтабын эйиигин,
Бу сиргэ баарбынан
Махталбын тиэрдэбин.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.