Көҥүлгэ көччүйүүй

Эриэккэс иһирэх иэйиилээх,
Номоҕон нап -нарын илгэлээх,
Кэрэни тэлгэтэр эйгэлээх
Тупсаҕай ырыаны иһиттим.

Дуорайар бу дьоллоох олоххо
Сибэкки уу-нуурал ырыата.
Суккуллар хомоҕой хоһооҥҥо
Сып-сырдык ыралаах ымыыта.

Чээлэй күөх симэҕи хомуйан,
Уунуоҕум доҕорбор налыйан.
Абылаҥ ырыаттан дуоһуйан,
Иһиллии туруоҕум таалалаан.

Үөрүүй дуу, ырыаһыт чыычааҕым,
Күөрэйэр долгуҥҥа уйдаран,
Көтүүй дуу, далбарый аналым
Көҥүлгэ көччүйүүй астынан.

Эбии аах: