Күн солко утаҕын ыспахтыы

Күн солко утаҕын ыспахтыы
Күөх дуолу угуттуу сылытар,
Сибэкки обуйук уоһуттан
Сэрэнэ убуруу илгийэр.

Сиккиэр тыал сэгэйэ сипсийэн
Хатыҥчаан суһуоҕа ибирдиир,
Сир ийэ хонноҕун арыйан
Хампа күөх ыһыаҕа ыһыллар.

Күөх сайын кэрээбэт илдьитэ
Күөрэгэй дьурулуу тайаарар,
Киҥкиниир киэҥ халлаан ньууругар
Үрүмэ былыппыт ыйанар.

Көй салгын мүөтүнэн дыргыйан
Сир ийэ халадаай анньынар,
Ситэри симэнэн-киэркэнэн
Көҥүллүк көччүйэ дугунар.

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.