Кэрэмэс кийиитэ – Саргылаана Спиридонова

2015 сыллаахха Арассыыйа үрдүнэн Литэрэтиирэ сыла биллэриллэн, сир-сир аайы уус-уран тыл тула айар түмсүүлэр сөргүтүллэн, үлэлээн барбыттара. Ити сыл саҥатыгар Сунтаарга Дьокуускайтан кэлэ сылдьар айар куттаах дьону кытта көрсүһүү буолбута. Уһун остуол нөҥүө миигин утары биир сааһыран эрэр далбар хотун бэрт сэмэйдик туттан-хаптан, киһи диэки уу-холкутук унаарыччы көрөн ыла-ыла, намыын-наҕыл куолаһынан хоһоон ааҕа, кийиит кэриэтэ көрсүө-көнө көрүҥнээх – Кэрэмэс кийиитэ, диэн ааттаныан ааттаммыт Сунтаар бастакы поэтессата Саргылаана Спиридонова олорбута. Кинини ити бастакы көрүүм этэ.
Иккиһин, 2015 сыл кулун тутар ый бүтэһигин диэки «Поэзияҕа айылҕа туһунан» диэн Арассыыйаҕа Литэрэтиирэ сылыгар анаммыт СӨ куонкуруһугар Горнай Бэрдьигэстээҕэр кыттан баран, кэлэн иһэн айан суолугар Бүлүү Хампатыгар көрөн аһарбытым. Түүн ортотун ааһыыта, хараҥаҕа ханна эрэ билэр намыын саҥам иһиллэр. Уот сардаҥатын сырдыгар көрө түспүтүм: Саргылаана Спиридонова кимниин эрэ илии-илиилэриттэн тутуһан аастылар. Саха тылын кэрэтин, сүмэтин илдьэ сылдьар киһи, хараҥа да түүнү сырдатыах ис-иһиттэн сылааһынан сыдьаайа сылдьар көрбүтү эрэ умсугутар дьүһүнэ өйбөр хаалбыт.

Онтон сайыныгар киин куоракка литэрэтиирэ пикнигэ диэн айар куттаахтар тэриллиилэригэр тиийбиппитигэр, тута чугас киһим курдук сылааһынан кууһа көрсүбүтэ.

Бастакы көрсүһүүбүтүгэр Саргылаана Спиридонова ”Уҥа суол” диэн Дьокуускайга 2011 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтин бэлэхтээн турар.

Ханнык да кинигэни арыйан киирэн бардахха, кини киһи курдук эйигин кытары кэпсэтэн, санаатын этэн, толкуйдатан барар үгэстээх. Киһи – кинигэ, кинигэ – киһи. Бу Сиргэ киһиттэн ордук сонун, дьикти суох эбээт. Киһи эппит санаатын, тугу этэ сатаабытын, эбэтэр кини тылын кэтэҕэр баар кыайан этиллибэтэҕи болҕойон, сыныйан биллэххинэ бэйэҕин эмиэ ордук билэн, арыйан барар курдук буолаҕын.

Ааптар олох эрдэтээҥҥи хоһоонноро эдэр саас сырдык сарыалынан сыдьаайа сылдьаллар, кини олус таптыыр сааскы кэмин кэриэтэ кыыс оҕолуу кэрэлэринэн, ыраастарынан угуйаллар. Олоххо, дьоҥҥо итэҕэл, эрэл, таптал, үтүө санаа күүстээх тыыннара чаҕылыйа оонньуур. Кырачаан кыысчааҥҥа олоххо бастакы хардыылара үөрэххэ, сырдыкка тиэрдэр суола өрүү уҥа диэкиттэн саҕаланарын кинигэтин аатыгар кытта ааҕабыт:
…Уҥа өттүбүтүнэн көстөрө
Уп-уһун айан суола тыргыллан,
Күөх урсун иэнэ ыраах көҕөрө
Көөчүктүүрэ дьикти сырдыгынан…

Улахан доҕорбунуу, уҥа суолбун
Олус да ахтан кэлэбин.
Оччоҕо баҕам биир-эдэр олохпун
Уҥа суолунан тэллэрбин! (32 с)

***
Оо, сандал күннээх үлэһит саас,
Эн түбүккэр сүгүрүйэбин!..

…Эн уран тарбах ойууһуккун,
Эгэлгэ да өҥү кустуктуугун:
Сандаархай дуйунан соппуккун
Сып-сырдык сыа хаары, күөл мууһун. (8 с)
1972 с

***
Олох улуу долгуна,
Оо, дохсуҥҥуон!..

…Оо, күндүгүн!
Дьоллоохпун ээ мин
Дьонтон тирэх көрдүүрбүттэн,
Кинилэргэ эмиэ ис сүрэхтэн
Киирбэт күнү түстүүрбүттэн. (8, 9 сс)

***
Оҕо сааһым ааһыа диэн
Отой санаан көрбөппүн,..

…Сарсыарда уум быыһынан
Саныыбын — күн ыалдьыттыыр,
Сэмээр солко суһуохпуттан
Сардаҥаны тиһэ сатыыр… (29 с)

Кыыс оҕо таптала, истиҥ иэйиитэ, сороҕор бэйэ-бэйэлиин өйдөспөккө хардарыта ааһан, атын суолунан арахсан барбыт куруһа иһиллэр, бу түгэни ааптар олоххо тардыһыыта күүстээх буолан, этэҥҥэ туораан, таптыыр доҕорун көрсөн ыал буолан олоҕун оҥоһуннар, ол таптал ахтылҕанын сааһырдар даҕаны син биир умнубакка сүрэҕэр илдьэ кэлбит:
…Ол ыһыахтар сылаас илгэлэрин
Олоҕум устата илдьэ кэллим… (58 с)

Эн миигин умнубутуҥ,
Элгээммиттэн тумнубутуҥ,
Миигиттэн эрэ тахсар күҥҥүн
Мэлдьэһэҥҥин күрэммитиҥ. (59 с)

Ааптар дьахтар киһи сааһырыытын туһунан этэрэ уот харахха чопчутунан сөхтөрөр:

…Сааһырыыга бэриммит кырдьыгы
Сатаан саһыарбаттан толуннум… (58 с)

Кэрэмэс кийиитэ килбик кийиит буолан, сүрэҕинэн сөбүлээн, кэргэн тахсан, дьылҕа ыйааҕынан талан ылбыт доҕорунаан дьоллоох олоҕу олорон биэс оҕону төрөтөн, сиэннэнэн, Сиргэ төрөөбүт киһи аналын толору билбит, толорбут киһи.

Эдэр этибит, оҕобут сууларын
Эн сууйа, мин сайгыы сылдьарбытын,
Эйэргэһэ түбүгүрэрбитин
Эмискэ сытыытык саныыбын.

Оччолорго ону ДЬОЛ диэбэт
Олус да дьоллоох эбиппит! (55 с)

Киһи дьоллоох кэмэ кыл түгэҥҥэ сүттэҕинэ эрэ, ол хаһан да төннүбэт, хатыламмат күндүтүн өйдүүр үгэстээх.

…Эйигинниин куттал диэни билбэтим, —
Эн этиҥ эрэллээх эрдииһитим. (54 с)

Олоххо киһи көһүппэтэх соһуччу түгэннэрэ күөрэйэн биир түгэҥҥэ күнүҥ сирэ хараара түһүөн сөп.

…Эйигин хайа күн сүтэрдим,-
Нус-хас олорон бүттэҕим.
Бүтэй хараҥа быыһыгар
Мунан хааллым, санаабар… (54 с)

Кэргэнин сүтэрэн аҥардас хаалбыт дьахтар барахсан намчы санныгар олох бары кыһалҕатын тута сүгэ түһэр, мунаарыы, мунчаарыы тыынын ааптар хоһоонноругар эрэ итэҕэйэн этэр, кэпсиир. Киһиэхэ ыарахан кэмигэр дьиҥнээх, эрэллээх итэҕэйэр, санаатын үллэстэр күндү доҕоро, үтүө сүбэһитэ — ийэтин үүтүн кытта иҥмит төрөөбүт сахатын тыла буоларын Саргылаана Спиридонова бу хоһоонугар этэр:
Сымыйалыахпын баҕарбатахпына,
Саҥарбакка да сылдьыаҕым,
Сүөргүтүк көстүөхпүн туттуннахпына,
Сирэйбин кистэнэн ааһыаҕым.

Арай хоһооннорбор кистэлэҥмин
Арыйаммын кэпсиэҕим.
Ким да билбэт ис дьиҥмин
Киниэхэ эрэ итэҕэйиэҕим.

Хоһоон албыны уйбат,
Хойгур тылтан тыыннаммат. (51 с)

Нарын иэйии киһи сүрэҕэр, ис кутугар букатын кэлбит ыалдьыт буолбатаҕа биллэр. Кини син биир таптал кэриэтэ күн сардаҥатын тыган ааһарыныы тырымнаан ылар. Эн хайаан күн сардаҥатын илиигэр тутуоххунуй, тутаары гыннаххына кыайан туттарбата биллэр, олох да сүтэн хаалыан сөп буоллаҕа. Онуоха эбии олох эриирэ-мускуура, тыала-кууһа эрийдин-мускуйдун.
Улуу өйдөөхтөр эппиттэринэн, хоһоон төрүүр төрүөтүн үксүн курус олох тыынныыр диэн эбит.
Бу кинигэҕэ киирбит хоһоонноругар Саргылаана Спиридонова, ыал оҕото, эр киһи тапталлаах кэргэнэ, ыал истиҥ ийэтэ, сылаас-сымнаҕас эбээтэ олоххо көрсүбүт үөрүүтэ, хомолтото – барыта баар:
Мин олохпор барыта баара:
Баара арахпат ыарыы,
Баара манньытар ырыа,
Баара бүтэн биэрбэт түбүк,
Баара ыар да сүтүк… (30 с)

Хаһан да сүппэт-эстибэт инникигэ эрэллээх бэйээт умайар сүрэҕэ, бэрт сэргэх, иһирэх тылынан холкутук, ыксаабакка, наҕыл тылынан хоһооҥҥо, ааҕааччыга – олоххо тапталга билинэр:
Уккунньах кэриэтэ сириэдийэн,
Умуллан эрэри күөдьүтэн,
Өй-сүрэх кырдьан биэрбэтин
Өссө биирдэ итэҕэйэн
Ыйдаҥа түүнү иһиллии
Ырыа-хоһоон айбыт киһи! (46 с)

Бу олоҕу, тулалаан турар эйгэни улуу таптал күүһэ эрэ тутан турарын ааптар итэҕэйэр, билэр:
Чуумпу, холку тиһэх тапталынан
Чараҥым иһэ сырдаан ылар,
Сүрэх нүөлүйэр ыарыытынан
Сойон эрэр кырыс үөһээ тыынар… (65 с)

Иллээх ыал, дьиэ кэргэн кистэлэҥэ: дьиҥнээх дьахтар «таптал ньээкэ биһигэр тыалы-кууһу аһарбат сымнаҕас эйэтигэр, истиҥ эйгэтигэр» диэн бэйэтин тутуһан кэлбит олоҕун тускутун сүктэр кыыһыгар сүбэлиирэ истиҥ тыыннаах.
Маннык киһи Саргылаана Спиридонова – сааһырыыны билиммэт сэмэй, хорсун сүрэхтээх, дьол кымыһын кыынньар чороонуттан амсайбыт, дьоллоох далбар хотун.

Барыах сүрэҕим аларыгар,
Иэйиим көччүйэр алааһыгар!..

…Бэйэм да дьикти түүлүм ойбоно
Уостан эрэринии сананным.
Түргэнник бара охсуохха онно,
Алааспын олус даҕаны аҕынным! (56, 57 с)

Тапталыам, миэхэ хоргута санаама,
Тоҕо саҥарбаппын ыйытыма:
Сүрэхпэр чочуллубут нарын тыллар
Сибэккилээх сыһыыларга тыллаллар… (55 с)

Саргылаана Спиридонова кыыһынаан

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.