Үүнүүй ньургуһун

Көрүүй сибэкки күүһүн
Олоххо тардыһар баҕатын,
Күнү көрсөөрү үүммүтүн
Хаһыҥҥа хаарылла тыллыбытын.

Олох дьиктилээх аналын
Көрөбүн ньургуһун кэрэтигэр,
Дьылҕа дьыбарын тулуйар
Сыллата тыллар күүһүгэр.

Үүнүүй олохпор ньургуһун
Күүстээх санааны күөдьүтэ,
Тыллыый сибэкки бастыҥа
Олоххо тапталы күөдьүтэ!

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.