Намчы тапталым

Бастакы билинии кистэлэ
Тапталы таайтарыы суруга,
Сэрэнэ сиэттиһии сылааһа
Долгуйа куустуһуу түгэнэ.

Ол онтон сүрэхпит битиирэ
Тапталтан долгуйа тэбиитэ,
Ол онно тапталбыт тыллыыта
Олоххо кыттыһа кэлиитэ.

Бастакы уураһыы дьиктитэ
Кыбыста куустуһуу кэрэтэ,
Түгэни кэтэһии кэмнэрэ
Долгуйар сүрэхпит битиирэ.

Бастакы ньургуһун кэриэтэ
Намчы кэрэ сааскы тапталбыт.
Ырааппыт ыйдаҥа сыһыыта
Ахтылҕан кыттыһар сиккиэрэ.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.