Оҕо саас эргиллэн…

Кустук өҥнөөх оҕо саас
Арылыйар халлаана,
Сибэккилээх хонуута
Силигилээн биллэн аас.

Ойуу- дьарҕаа симэммит
Кырдалларбар сүүрүөҕүм,
Дайар лыаҕы тутаммын
Астынаммын үөрүөҕүм.

Күөрэгэйим дьырылаан
Ырыа- тойук дьиэрэтиэ,
Моҕотойум көһүтэн
Омун- төлөн түһэриэ.

Чомполонор сылаас уу
Ол онно көһүтүөҕэ,
Чүөмпэтигэр бэлэм туу
Байанайдаах күүтүөҕэ.

Киирбэт күнүм эргиллэн,
Күнү мэлдьи тиргиллэн
Оҕо сааспар ыалдьыттыам,
Сайыһаммын атаарыам.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.