Ол түгэн уораана. Сэһэн

Сэһэҥҥэ киирии тылы манна аах.

Туох иһин бу киһи
Лабаатын тонотто?!
Туох аньыы кинини
Бу маннык оҥордо?! 

Пётр Одорусов,
“Сэрии тыыннаах туоһута”

1.

Тыал уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии сэтэрэн, быһыта биэртэлээн кэлэр. Бу билигин намыраан турар. Омос истэргэ букатын да астыбыт курдук. Ол эрээри, түннүгүнэн оол көстөр мастар чыпчааллара биэтэҥнэһэ туралларынан сылыктаатахха, тыал өтөрүнэн тохтуур чинчитэ суох.

Бары-барыта кумуйан-бүүрүллэн, киһи кута-сүрэ тохтуо суох курдук курас. Сытыы сааскы тыал — эркин эрэ, туох эрэ диэн иҥнибэккэ — эргэрэн эрэр дьиэни курдары үрэн кэбиһэргэ дылы…

— Эһиги “Сонуннар” киэһээҥҥи таһаарыыларын истэҕит. Улуу Кыайыы 57 сылыгар анаммыт хайыһар походугар Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх училищетын үөрэнээччилэрэ турунуохтара. Онно бэлэмнэнии утумнаахтык…

Миитэрэй оҕонньор аҕылыы-аҕылыы, тайаҕар тэптэрэн кэлэн, бакыр тарбахтарынан араадьыйаны саба тутан кэбистэ. Эркиҥҥэ өйөнөн, тыын ыла түһээри, чочумча турбалыы түстэ. Онтон уҥа ытыһын холбоччу тутан кулгааҕар даҕайда уонна, арааһа, араадьыйаны буоллаҕа буолуо, иһиллиирдии тутунна.

Им-ньим. Арай оһох барбах таһырҕаан ылаттыыр уонна таһырдьа тыал хардьаны кыыкынатара иһиллэр. Күн, бу өйдөөн көрдөххө, биллэ уһаабыкка дылы эбит. Туох да бэйэлээххэ кыайтарыа суох курдук баары эрэ барытын тоһута тоҥороору буугунаан күрдьүөтэммит Дьыл оҕуһун моонньоох баһа түһүөхчэ буоллаҕа. Бээ, арба, бүгүн хаһыс этэй?

Миитэрэй абына-табына намылыйбыт туртаҕар бытыгын имэринэн ылла уонна кыараҕас харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ халандаарын диэки көрбөлөөтө.

Тууй-сиэ! Халандаарын лииһин эмиэ көтөхпөккө хаалбыт дуу, хайа үөдэн дуу? Кырдьар — кырыыс, сорсуйар — сор диэн, дьэ, итини этэн эрдэхтэрэ.

Урут — этэргэ дылы, ойуур отун-маһын тардыалаан көрөр эрдэҕинэ — Миитэрэй халандаар лииһин быһыта тардан быраҕан иһэр этэ. Ол бэйэтэ билигин тоҕо эрэ оннук гыныан санаата буолбат, бэл айыырҕыыр да курдук, онон ааспыт күннээх лииһи тиэрэ быраҕан, эрэһиинэҕэ туттаран иһэр.

Даа, кутуйах хаамыытынан да буоллар, сынтарыйар диэни билбэккэ утумнаахтык чыбырҕатыы диэн бу буоллаҕа ээ. Онно холоотоххо, биһиги дьон оннук буолуохпут баара дуо?..

Миитэрэй аргыый үөһэ тыынан баран, оһоҕун диэки сүдьүҥнээтэ. Тиийэн, чыыппаанынан оһоҕун аанын арыйда уонна, таһырдьаттан тоҥон-хатан киирбит киһи курдук, тарбахтарын саратан уот суоһугар сырайда. “Ыч-ча-аа!.. Тоҥоро тоҕо бэрдэй?!” — аны көхсүн аста.

Суох, туһалаабат. Баатыгарын, сылааска кэлэн тоҥмутун ордук биллэ. Били чыс кутуйах түүлэннэҕинэ ордук тоҥор диэбиккэ дылы. Ис-иһиттэн тахсар бүтэй тымныы сиһин иэниттэн саҕалаан, тоноҕоһун хас биирдии уҥуоҕун ааҕа хаарыйар.

Бу дьиэ уорааннаммыта тоҕо бэрдэй?!

Быһаҕас түспүт уотугар хас да хардаҕаһы эбии укта уонна, оһоҕун аанын саба да сатаабакка, кыра олоппоско нүксүччү түһэн олорон, кып-кыһыл тылларын онон-манан былтаҥнатан иҥсэлээхтик салаан барбыт уоту одууласта…

Кыыһа Даайа уолун көрдүү диэн ааттаан барыаҕыттан кини итинник идэлэннэ. Киэһээҥҥи барык-сарыкка оһоҕун иннигэр олорор уонна арааһы эргитэ саныыр. Саныыр былыргыны — былыт саппытын, саныыр аныгыны — айыы арыйыахтааҕын.

Киһини санаа кулута дииллэр да, Миитэрэй бэрт хойукка диэри санаа-оноо ыарыга диэни билбэтэҕэ. Оннук соло да суох курдуга: үлэ, үөрэх, сэрии, онтон эмиэ үлэ, үлэ… Быар куустан тиэрэ түһэн сыппыт дуу эбэтэр көрү-нары батыһан аралдьыйа сылдьыбыт дуу күнүн тоҕо эрэ өйдөөбөт. Баҕар, ол иһин даҕаны, аҕыс уон үс сыл уутун-хаарын быһа кэһэн, ардаҕын-толонун санныгар уулларан-куурдан баччаҕа тиийбитэ буолуо… чэ, ону айбыт бэйэтэ билэр… Тимири дьэбин, киһини санаа сиир диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ чахчы.

Ама, Баһылай Бырдьахаанап, били истибит эрэ кутун туттарар “Ньургуһуннар” курдук кэрэ ырыаны суруйбут барахсан, “кыһыл буурҕа аттаах” Эллэй бэйиэти эппитигэр дылы, араас санааны-оноону “таһаҕас оҥостор дириҥ уйулҕата суоҕа” буолуо дуо?..

“Тас!” Үөл хардаҕас түбэстэҕэ буолуо, уоттаах чох көтөн тахсыбытыгар Миитэрэй санаата, үргэммит ньуолах түүнү күүстээх тыал үрбүтүн курдук, биирдэ үрэл гынан хаалла. Дьиэтин-уотун өрүһүйэр айдааныгар, бэл, кэнники кэмҥэ бүтэй дьиэ бөҕө буоларга күһэйбит аҕыс уон аҕыс араас суол араахымалара умнулларга дылы буоллулар. Уот түспүт бөҕүн-сыыһын тимир тарыйарынан бэрт дьороҕойдук күрдьэн ылан, оһох иһигэр төттөрү ыһан күдээриттэ. Ол кэннэ, оһоҕун аанын син биир саппакка, олоппоһугар лах гына түстэ.

Уот диэн, дьэ, итинник. Сыыһа туттарыа кэрэх, баары эрэ барытын ньимси ыйыстыа, өссө салбанан эрэ хаалыа турдаҕа. Уот маҥалайа туолбута суох ини. Аанньаран, аһыыр-аһыыр топпот баар үһү диэн таабырыннаабыттар үһүө…

Кээс-кээс! Айыыны ыатаран бардым. Уота суох сатаммаккын ээ. Аал уот барахсан баар буолан, иэгэйэр икки атахтаах төрөөн-үөскээн, дьиэ-уот тэринэн, сир-уот оҥостон орто туруу дойдуга тараан буолан тарҕаатаҕа эбээт. Алаһа дьиэни иччилиир аал уот барахсаны оттон туохха тэҥниэҥ буоллаҕай?!

Аал уот арай дьалаҕай быһыыны сөбүлээбэт. Аал уот булгуччу иччилээх-араҥаччылаах буолуохтаах. Иччитэ суох уот умуллар эбэтэр, кыыл баран, хаһан уодьуганнаныар диэри иэдээн бөҕөнү төлү тардар…

Миитэрэй оҕонньор бачча сааһыгар диэри кыра да, улахан да уоттары көрдө ини, көрбөтө ини. Уонна хаһан даҕаны, илиитин сиэбигэр уктан баран, туораттан көрөн турбатаҕа. Бэйэтин да былдьата сыспыт түгэннэрдээх этэ…

— Хайа, эмиэ уоккун умаппакка олороҕун дуу? — ыала Марыына эмээхсин (эмээхсин да буолан, баара эрэ алта уончата буолан эрдэҕэ) ыйыппытынан киирэн кэллэ. — Халлаан кубулҕатыран ахан эрэр, — уоту холбообутугар дьиэ биирдэ сандаара түстэ. — Тыала-кууһа сүрдээх, бэҕэһээ бэркэ ылааран бэлиэтии сылдьыбытын тамты мэлдьэспит.

Марыына аһылык бэлэмнээн букунайа-букунайа, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну кэпсии-ипсии сырытта.

Кыыһа Даайа нэдиэлэ курдук анараа өттүгэр сураҕа суох сүппүт соҕотох уолун көрдүү барарыгар Марыынаттан аҕатын көрө сылдьарыгар, аһын-үөлүн бэрийэригэр көрдөспүтэ. Марыына ону тук курдук толорон, күн ахсын иккилиитэ-үстүүтэ киирэ турар.

— Биир атын улуус ийэтэ, эмиэ Даайа курдук уолун көрдөөччү муҥнаах, бадаҕа, Свердловскай куоракка, билигин Екатеринбург дииллэр дуу, тиийбит. Ол айманыы бөҕөтүн айманан, уйулҕата хамсаан сылдьар эрэйдээхтэн ол дойду урдустара харчылаах суумкатын уоран ылбыттар. Милииссийэлэнэн-таймаланан туох да туһа тахсыбатах. Ылаары ылбыт уоруйахтар буолан биэрбиттэр, инньэ гынан, бу эрэйдээҕиҥ букатын билбэт куоратын вокзалыгар биир-биэс харчыта суох сир-халлаан ыккардыгар туран хаалбыт.

— Дьэ, буоллаҕа… — оҕонньор иҥиэттэн кэбистэ.

— Хата, кини дьолугар, үтүө дьон түбэһэ түһэн, дьиэлэригэр илдьэн хоннорбуттар. Уонна сарсыныгар куоракка үөрэнэр саха оҕолорун булларбыттар. Ол котокуларыҥ харчы хомуйан билиэт атыыласпыттар, өссө сөмөлүөккэ киллэрэн биэрбиттэр.

— Айыы санаата син сүтэ илик буоллаҕа, — Миитэрэй Марыынаҕа туһаайбыта дуу, бэйэтэ бэйэтигэр саҥарбыта дуу биллибэттик этэн баран, оһоҕун аанын сапта уонна, тайаҕын харбаан ылаат, остуол диэки хааман сүдьүҥнээтэ.

Бу кэмҥэ күүлэҕэ туох эрэ лүһүгүр гына тыаһаата, Марыына сүр сылбырҕатык иһит соторун санныгар иилэ бырахта да, ааҥҥа кылымахтанан тиийээт, тэлэйэ баттаата.

— Хайа, тукаам, тыыннааххын дуо?!

Субу түһүөхчэ адаарыспыт хардаҕастары бобо кууспутунан уончалаах Дьулус киирэн кэлэн, бокуойа суох оһох диэки дэдэрийдэ. Тиийээт, тыас-уус бөҕөнү таһааран, онтун төлү тутан кэбистэ. Онтон улаханнык илистибит киһи быһыытынан тыын ылаат, саба түспүт бэргэһэтин көннөрүннэ.

— Тукаам, бэйэҥ кыаххынан көрөн ылыаххын, — Марыына сиэнин аһыммыт уонна таптаабыт хараҕынан көрө-көрө, сэмэлээн дуу, сүбэлээн дуу унаарытта.

— Бэргэһэм дии, барыта… — уол хардаҕастары сааһылыы сылдьан, кырдьыгын таһаарына оҕуста.

— Оттон ол бэргэһэни эн төбөҕөр ким кэтэрдибитэ эбитэ буолла?! — Марыына мунаарбыта буолла. — Ыксалыҥ бөҕө…

Дьулусхаан буруйдаммыттыы кэтэҕин куучур-хаачыр тарбанна.

Чэй иһэн бурулата олорор Миитэрэй ону иилэ хабан:

— Оттон били муултуктарбыт-киинэлэрбит атахтанан куотан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Бу киһи аны кэтэҕин тэһэ тарбаары гынна. Чэ, кэл, хата, итинник өлө-тиллэ үлэлиир көмөлөһөөччүбүн, ньымааттаһа таарыйа, кэмпиэтинэн күндүлүү оҕустахпына сатаныыһы, — дии-дии хаадьылаан мүчүҥнээтэ.

— Ити киһиҥ бүгүн эйигиттэн көрдөһүүлээх кэлэн турар. Миигиттэн ыйыталаһа сатаабыта да… — Марыына илиитинэн сапсыйан кэбистэ. — Туһа мэлигир. Онон, Миитэрэй Ыстапаанабыс, Дьулуһуҥ көрдөһүүтүн истээр эрэ. Мин хотоҥҥо таҕыстым.

— Дьэ эрэ, доҕор, ол туох көрдөһүүлээххин? — Миитэрэй саалаҕа алтахтаан киирэн, кириэһилэҕэ дьобуччу түстэ. — Итиннээҥҥи уоту саба тутан баран, манна кэлэн олор.

— Учууталбыт Инаара Дьууровна Дьыл оҕуһун туһунан дьоҥҥутуттан билэн кэлээриҥ диэбитэ. Ону эбэм Миитэрэй Ыстапаанабыстан ыйытаар диир дии, — уол мин онно сыһыаным соччо суох диэбиттии, түннүгүнэн боруктуйан эрэр таһырдьаны көрүөлээбитэ буолла.

— Чэ, оччоҕо иһит, — оҕонньор бра уотун арааран тас гыннарда, — маннык кэпсэтиини имик-самыкка олорон ыыттахха тиийимтиэ буолааччы. Бу номоҕу мин эмиэ эн курдук уончалаах сылдьан истибитим.

Хас сыл аайы саҥа кэлэр дьыл анал оҕустаах буолар дииллэр. Ол оҕустар бары ыраас хаар курдук мап-маҥан, сири сиппийэ сылдьар уһун түүлээхтэр үһү. Күн уота түүлэрин быыһыгар, хаар кыырпаҕар кылабачыйа оонньуурун курдук, киһи хараҕа саатар гына сытыытык күлүмүрдүүр, дьиримниир эбит, ол иһин кинилэри көннөрү киһи ханна да, хаһан да илэ бэйэлэрин таба көрө илик. Ол тымныы тыыннаах көстүбэт оҕус кутуругунан оонньоотоҕуна, халлаан оройугар диэри араас өҥнөөх сардаҥалар сырдьыгыныы-сырдьыгыныы сырсаллар эбит. Оттон, атыыр оҕус мөҥүрүү-мөҥүрүү буору хаһарын курдук, хаары хаһан бурҕаҥнаттаҕына — хаардаах тымныы силлиэ ытыллар, сылайан сыттаҕына, тохтоон уоскуйдаҕына — сылаас, сымнаҕас күннэр кэлэллэр.

Күһүн кэлиитэ хоту диэкиттэн хоҥнон, сайыҥҥы от-мас быыһыгар саһан-хорҕойон, сииккэ-симэххэ силигилээн, наһаа хойдубут быртаҕы-быдьары, үөнү-көйүүрү тымныы тыынынан тоҥортоон, аһара баралларын, олус дэлэйэллэрин уодьуганныыр аналлаах эбит. Биир ыйга бу оҕус биир саастанар, икки ыйга икки саастанар. Алтынньы ыйга алталаах аарыма оҕус буолар, сэтинньи ыйга ситэн-хотон сириэдийэр. Ахсынньы ыйга аам-даам тымныыны түһэрэн, тохсунньу ыйга тоһуттаҕас тымныыны туругурдан, сири-дойдуну сиһик үөһүн кэриэтэ ыбылы тоҥороору, үүнэр үүнээйини имири эһээри хаайар эбит. Ол курдук улааттаҕын аайы улам киҥэ-наара холлон, киэбэ-быһыыта тырыттан, майгыта-сигилитэ алдьанан иһэр кэмэлдьилээх эбит, бу оҕуһуҥ баара.

Хас биирдии дьыл бэйэтин аналлаах оҕуһа бөдөҥнөрүнэн, тыйыс тымныы тыынын иҥэринэн илдьэ сылдьар муостарын улаханынан уратылардаах буолар үһү. Сороҕор сөбүгэр соҕус бөдөҥ, уһун хороҕор сытыы муостаах, сороҕор аһара бөдөҥ, ураа-лаҥкыр муостаах. Онтон тутулуктаах буолар эбит, сыл устатыгар тымныы төһө күүскэ, төһө уһуннук түһэрэ.

Миитэрэй болҕойуоҕунан болҕойон, дьыбааны кытта дьыбаан буолан ньим барбыт уолу кэрэхсээбиттии көрөн аһарда (өссө даҕаны былыргы, устар ууну сомоҕолоон сэһэргиир тобоҕо баар эбит ээ!) уонна, бытыгын имэринэ-имэринэ, өссө ордук итийэн-кутуйан, салгыы кэпсээн доллоһутан барда.

— Дьэ, ахсынньыга-тохсунньуга наһаа барар, туһалыырын оннугар иэдээн эҥээрдэнэр Дьыл оҕуһун дьаһайар кыахтаах аан дойду үрдүнэн суос-соҕотох күүс баар — ол Хоноһо Хоһуун. Дьылҕалара буолан, оҕустар: “Хонор-сытар сирбитин Хоноһо таба тайанан хоолдьукпутун толкуйан, суорума суоллуо”, — диэн мэлдьи куттанан көһө, сир уларыта сылдьаллар эбит. Онтон сылтаан, тымныы сир-дойду үрдүнэн хаһан да эриэ-дэхси буолбат. Ол даа буоллар, Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун тоҥ суолун тордоон, хардыылаабыт суолун хайан, тохсунньу бүтүүтүгэр булан ылар уонна эккирэтэ сылдьан үлтү кулаан барар. Онуоха оҕус, охсулуннаҕын аайы муоһа доргуйан, кыыһырбыт-абарбыт омунугар төбөтүн быһа илгиһиннэҕин аайы тымныы ордук сэтэрээн-кыйыдыйан ылаттыыр. Биир муоһун туура дайбатаат, хараҥанан хаххаланан, туманынан дугуйданан, мүччү туттаран, саһан-бүгэн хааллаҕына — тымныы аҕырыс гынан сымнаан ылар, оттон Хоноһо тоҕоостоох түгэн биэрбэккэ, биир кэм күөйэ көтө сылдьан кулаабытын курдук кулуу сырыттаҕына — иккис муос булгу охсуллуор диэри тымныы кыратык мөлтүүр эрэ курдук.

Иккис муос тостубутун кэннэ иккиэн даҕаны, тыын ыла түһээри уоскуйан ылаллар, оҕус кыаҕа ахсаабыта таайан, тымныы налыйан барар. Ол даа буоллар, олунньу бүтүүтэ быһаарыылаах киирсии буолар. Онно эмиэ биллэ тымныйар. Бу бүгүҥҥү курдук. Бүгүн-сарсын Хоноһо Хоһуун Дьыл оҕуһун моонньоох баһын быһа охсуохтаах. Уонна: “Көтөр-сүүрэр сиэҥэ, үөн-көйүүр үтэтэ буол, былыкка бытан, сииккэ симэлий!” — диэт, аналын толорбут киһи быһыытынан, күүс-сэниэ ылына буоллаҕа буолуо, баран хаалар.

Оттон моонньоох баһа быстыбыт оҕус көҥдөй көхсө хаалан, сүрэҕэ тэбэрин тухары дөрүн-дөрүн тыынан күрдүргүүр, оччоҕо хабырыттаҕас хатан дьыбар түһэр. Көҥдөй көҕүс баранан истэҕин аайы, тымныы аргыара намтаан иһэр. Оҕус этэ-сиинэ бүппүтүн, тириитэ үлтү сытыйан илдьирийбитин бэлиэтэ — оҕус түүтүн хоҕоһото хаар үрдүгэр тордох буолан ыһыллар. Тордох түстэр эрэ хаар аҕыйах хонугунан ууллан бүтэр. Тордох, киһи чугаһаатаҕына, кулакы курдук бырдаҥалыыр буоллаҕына, хаар олус күүскэ, дохсуннук ууллар. Дьэ, итинник. Эн букатын даҕаны утуйан хааллыҥ дуу? — оҕонньор братын төттөрү холбоон эмиэ тас гыннарда.

— Ама, утуйдаҕай?! Оннооҕор мин түмүгүн эрэ баттаһа киирэн, улаханнык хомойбукка дылы буоллум, — оһох иннигэр олоппоско олорор Марыына саҥа таһаарбытыгар эдэрдээх-кырдьаҕас соһуйан ходьох гына түстүлэр.

Биирдэрэ уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээбит омунугар, атына ол абылаҥар куустаран, бүтүн киһи киирбитин букатын да өйдөөбөккө хаалбыттар.

— Суох, мин отой да утуйбатым, — Дьулусхаан төлү биэрдэ, — мин Хоноһо Хоһуун курдук буолуом этэ…

Онтон эппититтэн кыбыһынна быһыылаах, ойон туран бэргэһэтин-сонун харбаата да, таһырдьа тилир гынан хаалла.

— Соҥҥун-соҥҥун кэт! — кэнниттэн Марыына кыл мүччү хаһыытаан эрэ хаалла.

Оттон кириэһилэҕэ тимиччи түһэн, түннүгү тонолуппакка одуулуу олорбут Миитэрэй аан диэки хайыһан хатааһын чолбонун кэриэтэ сып-сытыытык чолбоодуччу көрбүтүгэр харахтарыттан күөх сарпа сараадыйан тахсарга дылы гынна.

Марыына Миитэрэй Ыстапаанабыс хараҕа маннык уоттаммытын, бадаҕа, уонча сыллааҕыта ракеталар тобохторо бу кинилэр улуустарыгар түһэрин утарар миитиҥҥэ көрбүтэ. Онно сөхпүтэ аҕай: бу нууччалыы саҥарара ырааһын, бу толлубатын! Оттон ол миитиҥҥэ Дьокуускай эрэ тойотторо буолбакка, муҥутуур Москубаттан тиийэ бааллара эбээт. Бэл, генерал чыыннаахтар кэлбиттэр дэһэллэрэ. Кырдьаҕас онно туох баар уордьанын-мэтээлин кэтэн тиийэн, салгыны уҥа-хаҥас хаһыйа-хаһыйа, тыл этэн хабылыннарбытыгар анараалар да сөҕө көрбүттэрэ-истибиттэрэ быһыылааҕа. Оччотооҕу Ыстапаанабыс уҥуоҕа-иҥиэҕэ бөдөҥө билиҥҥитигэр холоонноох буолуо дуо?! Дьиктитэ диэн, өссө уонна хаһан эмэ мэтээлин-уордьанын кэппитин Марыына бу диэн соччо өйдөөбөт да эбит.

— Хоноһо Хоһуун таҥара тэҥэ буоллаҕа эбээт… — Миитэрэй, арааһа, Дьулусхааҥҥа анаабыт тыллара хойутаан да буоллар, суптугур уоһуттан мүччү көтөн тахсан, салгыҥҥа тарҕаан-уостан хааллылар.

2.

Миитэрэй уута кэлбэккэ эргичиҥнии сытта. Этэ-сааһа аһыллан, өйө-санаата уйуһуйан, бүтүннүү кулгаах буолан хаалбыкка дылы. Оттон таһырдьа тыал тыаһа-ууһа сүрдээх, бэтэрээнэн киһи сытта да утуйуох курдук буолбатах.

Баччаҕа мас хаардыыр тыал булгуччу түһээччи эрээри, быйыл халлаан хаһааҥҥытааҕар да ордук кыйыдыйбыт. Уопсайынан, күн-дьыл уруккутугар холооно суох. Дьэ, хаһан кыһын оройугар тыалырбыта баарай?! Оттон билигин ахсынньы буоллун — тыал, тохсунньу буоллун — тыал, тыал да тыал… Бэл, бу бүгүн кэлэн, Миитэрэй сүрэҕэр-быарыгар кытта тыалырар курдук…

Урут Баһыкка оҕонньор (ол оччоҕо билиҥҥи миигиттэн биллэ эдэр буолуохтаах!) “аракыаталарынан халлааммытын тэһитэ ытыалаан күнү-дьылы буккуйдулар” диэн айманарын эмиэ да сонньуйа, эмиэ да бэркиһии истэрэ ээ. Ол бэйэтэ билигин ракетатааҕар буолуоҕу күтүрүөх курдук… Кими эрэ көмөн эрэргэ дылы, сынылыйан-онолуйан түһэн…

— Миитэрээй!!!

Бай да, ити ким ыҥырарый?! Ньукуус куолаһа дии… Урут сайын эрэ ыҥырар буолара эбээт?! Билигин кыһын буолбатах дуо?!

— Миитэрээй!!! Миитэрэ-эй!..

Тоҕо дуораана бэрдэй?!

Эмискэ миномёт миинэтэ чуһуурарга дылы гынна да, суорҕанын кууспутунан умса эргийэн баран, оронугар хам сыстыбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

Тоҕо эстибэтий?!

Онтон кэмниэ кэнэҕэс сэрэммиттии төбөтүн өндөттө уонна бастаан бэйэтин, онтон сыттыгын-суорҕанын ээр-сэмээр бигээн көрдө.

Суох, баттаппатах эбит, хараҕын күүскэ да күүскэ симириктэтэн быһыта чыпчылыйталаан ылла. Уонна туох буолан…

Миитэрэй хантан да кэлбитэ биллибэккэ эмискэ баҕайы саба халыйан кэлбит санаатыттан-оноотуттан босхолоно сатаата да, туһа суох. Хаайтаран турбут уу, быыс-хайаҕас буллар эрэ, хайа да бэйэлээх сымара таас быһыты үлтү кумалаан, тоҕу көтөн тахсарыныы, биирдэ ааспыт олоҕун уот ытылҕаныгар баар буолан хаалла.

Сэрии… Кырыыстаах сэрии…

Кырдьык, кини армияҕа бэйэтэ тылланан барбыта. Дьиҥэр, тылламматаҕа да буоллар, хаһыс эрэ хомуурга түбэһэн буорах сытын син билиэ эбитэ буолуо?..

Арай сорохтор курдук хоту түһэн, мүччү көтүө ини?..

Оччолорго итинник санаа кинини ырааҕынан сылдьара. Оччоҕо олус да ыраас санаалаах, олус да итэҕэйимтиэ эбиттэр… Мөлүйүөннэр дьылҕаларын үлтү кумалыыр иэдээннээх сэрии турбутун оччотооҕу Миитэрэй курдук өс киирбэх сүрэхтээх-санаалаах уолаттар уонна кыргыттар хантан таайыахтара баарай?..

Уонна, билигин кэлэн туох да диэбит иһин, бэйэ норуотунан, бэйэ дойдутунан, кинилэр ситиһиилэринэн дьиҥнээх киэн туттуу баара. Ол да иһин Сэмэн Сүүлүскэй эҥин курдук эр бэртэрэ, фашист адьырҕаны урусхаллааһыҥҥа кыттыбакка хаалаары гынныбыт диэн ыксаан, инньэ Күһүүр курдук сиртэн Ньурбаҕа диэри тоҥуу хаар устун сүүһүнэн көһү хайыһарынан айаннаан киирэн, бэбиэскэ туруорсан ыллахтара… Даа, Миитэрэй көлүөнэтэ оннук көлүөнэ этэ, билиҥҥи дьоҥҥо холоонноох буолуохтара дуо! Һы-һы, букатын да били Лермонтов поэматыгар баар кырдьаҕас саллаат курдук тыллаһан бардым дуу?..

Да, были люди в наше время,

Не то, что нынешняя племя…

Оонньуута суох, арай Даайа кинини талбыт буоллун — оччоҕо барыта хайдах эргийбит буолуо этэй?

Даайа… Даайа… Даайа…

Кинилэр үһүөн биир түбэ оҕолоро этилэр. Бары оскуолаҕа бииргэ киирэн, бииргэ үөрэммиттэрэ. Уонна оннук тутуспутунан бүтэрбиттэрэ. Оччотооҕуга сэттэ кылаастаах үөрэх этэ. Хойутаан оскуолаҕа киирэр буолан, сэттэ кылааһы да сиппит-хоппут дьон бүтэрэллэрэ. Онон ол кэмҥэ Даайалара көрбүт эрэ уол сүрэҕин нүөлүтэ сэлибирэтэр кийиит кыыс бэрдэ буола силигилээбитэ. Субу көтөн хаалыахтыы тырыбыныыр уп-уһун кыламаннаах, эбиитин эдэр саас тэбэнэттээх кыымынан ыһыахтана оонньуур хап-хара хараҕа, отон уутунан сотон кэбиспит курдук кып-кыһыл обуйук уостара, такымынан охсуллар толбоннурар суһуоҕа, мөтөгөркөөн түөстэрэ, быһа тутан кэбиспиттии быакагаркаан уонна имигэстэй бииллэрэ — барыта чочуонай этэ. Оттон күлүүтэ, алыптаах музыка буолан кутуллар лыҥкынас күлүүтэ!

Холкуос-нэһилиэк дьоно бары кинини сүрдээхтик сөбүлүүллэрэ. Бэл, Мыттыкы оҕонньор: “Даайа кыыс, кырынаас курдук кылыбырыйан, кулуһун курдук дьулугураан аастаҕына, миигинньик бөөхүллэ нохтолоох сүрэҕэ көбөн, толугуруу мөхсөн ханна баарын биллэрээхтиир буоллаҕа!” — дии-дии сүрэҕин туттан, дьону-сэргэни күллэрэн мытталлара.

Даайаны хоһуйаары, нэһилиэк уон биэһиттэн отутугар диэри саастаах сулумах уолаттара түөрэ бары хоһоон суруйуутунан ыалдьа сылдьыбыттара. Миитэрэй да онтон хаалсыбатаҕа. Ол кэмҥэ кини бастакы уонна бүтэһик хоһоонун суруйбута. Оннооҕор билигин, түлүк түүн да ойутан туруордахтарына, ол хоһоонун биирдэ да кэлэҕэйдээбэккэ биир тыынынан ааҕан биэрээ ини, таптал тууспаан кутаатыгар куустара сылдьан долгуйа тиспит тыллара ол курдук кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатанан сылдьаллар. Тиспит да буолан, ити тыллар бэйэлэрэ бэйэлэриттэн төрөөн тахсыбыттара эбитэ дуу?..

Миитэрэй ытыһынан сирэйин саба туттан баран, бастаан сибигинэйэ былаан, онтон устунан тэтимиртэр тэтимирдэн, улаханнык иэйэн-куойан, хоһоон ааҕан барбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла быһыылаах.

Сууллар сулус
Сиргэ тиийбит
Сүдү дьоллоох кыырпахтарын
Сүрэхпинэн чочуйаммын,
Сарпа уоттаах симэхтэри
Суоһалдьыйар эн суһуоххар
Сэрэнэммин кыбыттарбын,
Соһуйбучча, баҕар, ууруоҥ?

Хадаар санаам
Хаһыырбалыыр
Хаспахтарын арыйаммын,
Хостоохтообут уот тылларбын
Хоруоҥкалыы тиһэн баран,
Хоһоон гынан ууннарбын,
Хоойгор умсар улуу дьоллоох
Холооннооххор холуоҥ этэ?..

Баҕа санаам
Балкылдьыйа
Барылаахтыыр байҕалыгар
Балааччытык-баламаттык
Баарыстана устаахтааммын,
Булуом диибин хаһан эмэ
Биир кыыс оҕо сүрэхчээнин
Булгу сүүйэр кистэлэҥи…

Суох, Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи кини булбатаҕа… Даайа сүрэҕин сүүйэр кистэлэҥи Ньукуус булбута…

Оттон кини, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Соппуруон Алаастыырапка эппитинии, Дьокуускай педрабфагыгар, дойдутуттан тэйэн, Даайаны умнаары үөрэнэ киирбэтэҕэ (манна диэн эттэххэ, Соппуруон кини сэһэргээбитин “От үрэххэ” диэн кэпсээни суруйарыгар туһаммыта, ол кинигэтин анабыл суруктаан бэлэхтээбитэ билигин Миитэрэй сыттыгын анныгар сытар ээ).

Даайа сүрэҕэ Ньукууһу талбыта. Ньукууһу ордорбута. Кырдьык, Ньукуус дьүһүннээх үчүгэйэ, майгылаах мааныта этэ. Онно эбии ырыата, үҥкүүтэ сыттаҕа дии. Төбөтүн иҥнэччи соҕус кэннигэр быраҕан олорон, хормуоскатын араастык эрийэн-мускуйан бардаҕына, хантан да кэлбиттэрэ биллибэт алыптаах дорҕооннор эйээрэ кутулла түһэллэрэ… Ама, оннукка хайа кыыс оҕо сүрэҕэ битиргэччи тэппэт буолуоҕай?!

Аны кэлэн, букатын кыларыйан турар кырдьыгынан билинэр буоллахха, рабфакка киирэригэр санаатын түгэҕэр, бэрт ыраах да буоллар, ханнык эрэ эрэл кыымнара кылахачыһаллара. Баҕардар, үөрэхтэнэн, оччотооҕуга этэллэринии, хамыһаар буолан дойдубар кэллэхпинэ, Даайа миигин атын хараҕынан көрүө диэн. Ол да иһин туохха да аралдьыйбакка үөрэммитэ. Ол да иһин бииргэ үөрэммит кыргыттарын ортотугар “Дмитриан манаах” аатырдаҕа. Ол “манаах” түөһүгэр төһөлөөх улахан таптал кутаата күлүбүрүү күүдэпчилэнэрин бииргэ үөрэммит кыргыттара барахсаттар хантан билиэхтэрэ этэй?! Оттон уопсайга биир хоско олорбут уолаттара тулуурдаахтар да эбит. Боруобаҕа, кулгааҕар куба саахтаабыт киһитэ хас күн ахсын музыкалаатаҕа аатыран, мандолина муҥнааҕы тардырҕатарын истэн көр эрэ.

Миитэрэй биллэ-биллибэттик мичик гынан баран, баһын быһа илгистэн ылла.

Оччотооҕуга ону өйдүүр кэлиэ баар дуо?! Хомсомуол хотойо хоппотоҕо суох этэ ээт… Кырдьык, мандолинаны барбах тыаһатарын тыаһатар буолбута. Ол гынан баран, ол, сирэйинэн эттэххэ, чахчы тыаһатыы эрэ этэ, иэйэ-куойа уонна, саамай сүрүнэ, атыттар тыгыалас тымырдарын таарыйан дьиҥнээхтик оонньооһун сыта да суоҕа.

Айдарыы диэн, хор, оннук кытаанах. Киһиэхэ барытыгар биир тэҥник бэриллибэт. Төһө да ардыгар бэрт хотуулаахтык биир киһи сатыырын атын сатаабата суох диэтэрбит, дьиҥ чахчытыгар киһи сатыырын киһи сатаабата, дьэ, эмиэ баар буолар. Ону хомнуо хойут сииккэ сиэллэххинэ, хаарга хаамтаххына биирдэ долоҕойдоторуҥ баар — кыһыыта.

Оттон Ньукуус, төһө да эргиччи дэгиттэр дьоҕурдааҕын иһин, үөрэххэ барбатаҕа уонна, кырдьыгынан эттэххэ, оччотооҕу кэм ирдэбилинэн киирэр кыаҕа да суох этэ.

Ону Миитэрэй, оскуоланы бүтэрэр кэрэ-бэлиэ, бу кэлэн санаатахха — эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да хомолтолоох саастарыгар биирдэ кэлэн, соһуйа билбитин бу баар курдук өйдүүр.

Кинилэр үс биэрэстэ курдук тэйиччи сытар алаастан сылдьан үөрэнэр этилэр. Ол үс биэрэстэлэрин Даайаларын суумкатын олбус-солбус тутан, күө-дьаа ону-маны ыаһахтаһан букатын да билбэккэ хаалаллара. Биирдэ эмиэ ол курдук эрийэ-буруйа дьиэлээн испиттэрэ. Сандааран-чаҕылыйан сааскы күн ааттааҕа этэ, онно эбии Миитэрэй история уруогар “тороскуустары кыайан-хотон” (һы, киһи билигин сонньуйа да саныыр) “туйгун” сыананы ылбыт буолан, көтүөн кыната эрэ суоҕа.

— Дьокуускай төһө эрэ улахан буолла? Оскуоланы бүтэрдим да, булгу үөрэххэ барабын. Бары бииргэ барар инибит, — Кэрэх Ыйаабыт тумулун быһан иһэн, сып-сылаас сыстаҥнас хаары ытыһан ылан, мөчөкө оҥороот, бэрт дьиктитик сараадыйбыт лабаалардаах хаһааҥҥыта эрэ чаҕылҕаҥҥа быһа дапсыйтарбыт баараҕай тиити быраҕан кууһуннарбыта. — Һа-һаа! Баар! Ворошиловский стрелок! Өссө биир тороскуус морбойдо!

Онтон дьоно саҥарбаттарыттан дьиибэргээн, хайыһа биэрбитэ:

— Хайа, тоҕо ньим бардыгыт?! — Ньукууһу хатыйан түһэрбитэ. — Э-һээ! Ийэҕин эмсэхтии сылдьыаххын баҕараҕы-ын! Эн эмиэ тороскуус быһыылааххын… — диэн иһэн, Ньукуус хараҕын көрө биэрээт, харан хаалбыта.

Ол харахтар туох санаанан сыдьаайбыттарын Миитэрэй бу билигин да кыайан быһааран этэр кыаҕа суох. Арай далга да баппат далай акаарытык быһыыламмытын тута сэрэйбитэ.

Ньукуус ойон туран, хаарын да тэбэммэккэ, аттыларынан Лэгэнтэй оҕонньор сыарҕалаах атынан сиэллэрэн иһэрин сырсан тиийэн ыстанан кэбиспитэ уонна эргиллэ биэрээт, быраһаайдаһан, бокуойа суох далбаатыы олорбута.

Оттон мин тугу да улаханнык өйдөөбөккөбүн, оннук даллайбытынан суол ортотугар туран хаалбытым. Ньукуус оннук далбаатаабытынан суол тоҕойугар киирэн сүппүтүгэр, дьэ, биирдэ өйдөнөн, сири умса көрбүтүнэн баран иһэр Даайаны сырсан таҥкычахтаммытым.

— Ити-ити… Тоҕо ээ?! — аҕылаабыт омуммар бопторон ылбытым.

Даайа миигин атаҕым тумсуттан үөһээҥҥэ диэри олус бэркиһээбит хараҕынан көрөн таһаарбыта:

— Ньукуус таайа Хотоороп туһунан букатын истибэтэх муҥуҥ эбитэ дуу?! — уонна суумкатын эһи тардан ылаат, сүр эрчимнээхтик иннин диэки хаама турбута.

Мин буоллаҕына, эмиэ даллайбытынан туран хаалбытым. Даайа уонча атылы оҥороот, миэхэ хайыспыта уонна:

— Миитээ, ити муҥураах тиити бырахпат буолаар. Ити кэрэх мас ээ, — диэбитэ.

Итини кини сибигинэйэ былаан эппитэ гынан баран, мин тоҕо эрэ олус чуолкайдык истибитим. Арааһа, уоһа хамсыырынан көрөн, сүрэхпинэн сэрэйбитим эбитэ дуу, хайдаҕа дуу. Дьэ, билбэтим.

Оттон Хотоороп туһунан ол да сахха хайдах тугу да билбэт буолуохпунуй, билэн бөҕө буоллаҕа дии. Дьонум дьиэ иһинээҕини-таһынааҕыны ибир-сибир кэпсэтэллэрин кулгаахтаах аата хайаан истибэт буолуомуй?!

Хойутаанаптар удьуор олохторо — дэриэбинэттэн үс көстөөх сиргэ сытар Бакамда сыһыытын хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар кыра хоннох оҕото. Ситинтэн өрүс диэки барыыга балтараа-икки биэрэстэ кэриҥнээх сиргэ Арыылаах диэн алаас сытар. Ол — Хотоороптор олохторо.

Ньукуус таайа Хотоороп Дьөгүөр бэйэтин кэмигэр улахан үөрэхтээх киһи дэһэллэрэ. Өссө Бүтүн Сойуус ыстаараһата диэн бочуоттаах ааттаммыт Михаил Калинин кыыһын дуу, аймаҕын дуу билсэ сылдьыбыт үһү диэн кэпсэтэр буолаллара. Сөҕүү-махтайыы кытаанаҕа этэ. Лев Троцкай кинини хайҕаан, санныттан таптайбыта үһү диэн эмиэ сири-буору аннынан сэһэргэһэр этилэр. Саха АССР наркомугар тиийэ үлэлии сылдьыбыт киһи. Онтон эмискэ “тороскуус”, “норуот өстөөҕө” аатыран хааллыбытын туһунан дьулаан сурах тарҕаабыта. Итинтэн сылтаан, чугастааҕы дьон Хотоороп аймахха сыһыаннара, мин оччотооҕу оҕотук харахпынан көрүүбэр, соччо уларыйбатаҕа быһыылааҕа. Ол да иһин буолуо, мин история уруогар кэпсэтэр “тороскуустарбар” Хотоороптору отой да дьүөрэлии санаабат этим.

Эгэ кэлэн, “тороскуус” аймаҕа, “норуот өстөөҕүн сыдьаана” сэбиэскэй үөрэх кыһатыгар киирэрэ элбэх уустуктардааҕын, ону ааһан, төрүт да сатамматын хантан сэрэйиэмий?! Оҕо бөчөөх буоллаҕым ээт…

Итини барытын дьиэбэр тиийэн, ийэбиттэн мөҕүллэ-мөҕүллэ, убайбыттан ыйыталаһан балайда удумаҕалаппытым. Оттон рабфакка үөрэнэр сылларбар дьэҥкэтик өйдөөбүтүм. Ол кэннэ Күн Ыстаалын “сын за отца не ответчик” диэн этиитэ дьиҥ олоххо кэлэн, букатын тиэрэ эргийэн тахсыбыт түбэлтэлэрин Миитэрэй бэйэтин уу хараҕынан көрдө ини, көрбөтө ини. Дьон да, олох да араас буолар эбит этэ…

Ол барыта кини долоҕойугар бэрт хойут тиийбитэ.

Сарсыныгар Ньукууска сыыһа тахсыбыт диэбитигэр, киһитэ сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ити итинник хаалбыта…

* * *

Оттон кинилиин Дьокуускайга учуутал рабфагар үөрэммит, пединститут икки мэндиэмэннээх мас уопсайын хоһугар бииргэ олоро сылдьыбыт, кэлин улахан суруйааччы буолбут Соппуруон Алаастыырап бэйэтин кэпсээнигэр Ньукууһу Тулааһынап диэн араспаанньалаабыта эмиэ дьикти ээ. Тулааһынап, Тулааһын… Ол аата, ким эбэтэр туох эрэ тулааһына, тирэҕэ диэн өйдүөххэ сөпкө дылы. Дьиҥэр, Ньукуустаах Мандаараптар диэн этилэр буоллаҕа дии. Оттон Миитэрэй тоҕо эрэ Тытыгынаайап буолан хаалбыт этэ. Тоҕо? Бу кэлэн өйдөөтөххө, соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр араспаанньа быһыылаах. Тытыгынайбыт буолан… Ону Алаастыырап тыыннааҕар өйдөөн ыйыппакка хаалбыт эбит. Соппуруон обургу туох эрэ түгэх санаалааҕа чуолкай. Миитэрэй ол сахха итиннэ суолта биэрэн, соччо толкуйдуу сатаабатах да буолуохтаах. “Кэпсээн суруйарбар эн түбэлтэҕин туһанабын дуо?” — диэбитигэр улаханнык утарса сатаабатаҕа. Хайыы үйэ кэпсээн бүтэн баран, тугу чымаарыстаныа да этэй, дьиҥэ баара?! Оо, онно Алаастыырапка сүүрбэччэ сыл сүгэһэр оҥостон, быһа ааллара сылдьыбытын тоҕу тэбээн баран, чэпчээбитиэн эриэхсит?! Таҥараны итэҕэйээччилэр олохторугар исповедь хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕын онно кэлэн дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.

Соппуруон кэпсээнигэр, биллэн турар, эбии-сабыы элбэх. Уус-уран суруйуу буоллаҕа… Холобур, Миитэрэй ол бэстилиэтин элбэрээгин төлү тардыбыт кырыыстаах түгэнин туһунан кимҥэ да, хаһан да кэпсиир санаата суоҕа. Эгэ кэлэн, ону Ньургуҥҥа ханнааҥҥы санаатынан этиэ этэй?! Туох диэн?!

Ол да буоллар, Миитэрэй кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ ити кэпсээни хос-хос ылан ааҕар мээтик буолан хаалла. Сырыы аайы саҥаттан ааҕар курдук, сырыы аайы сүрэҕэ саҥаттан хааннааҕынан ытыыр… Кэпсээҥҥэ буоллаҕына, ардах түһэр да түһэр… Оттон Соппуруон өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр сылдьыбыта… Миитэрэй ону илэ-чахчы өйдүүр. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ.

Алаастыырап тыа сиригэр от-үүт үлэтин сырдатар матырыйаал хомуйа тахсыбыт буолан, сири-дойдуну кэрийэн, кини отуулана сытар ходуһатыгар киэһэлик биирдэ тиийэн кэлбитэ. “Бөрөнү эрэ буолбатах, суруксуту эмиэ атаҕа аһатар”, — дии-дии, барбах будьурхайдыҥы курдук баттаҕын өрүтэ анньына-анньына, харахтара чаҕылыһан, мылаллан турара букатын бу баар. Кырдьыга да, билбэккэ-көрбөккө тугу суруйуоҥуй?!

Аараттан холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн, дэлби өрүкүнүйэн кэлбит этэ. Инструктор уол: “Райком быгыһыҥҥы быһаарыытынан сиилэстиир күөх маассаҕа анаан кукуруза ыһыллыахтаах бааһынатыгар бурдугу ыстарбыккын!” — диэн сэрииттэн мас атахтаах кэлбит Маппыайабы тыыннаахтыы тутан сиэх курдук үһү. Бэрэссэдээтэл: “Бастыҥ бааһынабыт, баһаам бурдук үүнүө, оттон кукуруза үүнэрэ саарбах”, — диир эбит. Соппуруон: “Киин бэчээттэн көрдөххө, билигин үс-түөрт сыллааҕыта курдук кукурузаны булгуччу ыһарга сорудах суох, бастаан агротехниканы быһаарыы наадатын туһунан боппуруоһу ордук күүскэ көтөҕөллөр”, — диэн арыычча алы гыммыт.

Эр бэрдэ кэһиитин биир иһит “Москуобускайы” күлтэйбит араҕас тирии бартыбыалыттан кылбатан таһаарбыта. Оччону көрөн туран, мин аатырар Кэбээйи соботуттан итэҕэһэ суох эмис уонна бөдөҥ собону үөлэн лэһигирэтэ да, мииннээн бидилитэ да охсубутум. Сирбитин-уоппутун алҕаан-аһатан баран, арыгыны үс ылтаһын куруускаҕа фроннааҕы үгэспинэн киллиргэччи кутаттаабыппын киһим дьиктиргии көрбүтэ. Киллиргэччи куппуппун буолбатах, үс гына үллэрбиппин.

— Тому парню, — диэбитим.

— Сөп-сөп, билэбин уонна өйдүүбүн!

— Суох-суох, эн билбэккин да, өйдөөбөккүн да… Бу Ньукуус киэнэ… — Соппуруон олус өйдүүрдүү туттубутуттан кыһыйан, мин хадьардаһан ылбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым.

— Ханнык Ньукуус?

— Кэлин кэпсиэҕим… баҕар… Чэ, көрсүһүүнэн!

Биир тыынынан хантас гыннаран кэбиспитим. Соппуруон барбах омурдубута:

— Мин итинник кыайбаппын.

— Баалаабаппын. Итинник иһэр туһуттан номоххо киирбит наркомовскай нөҥүө ааһыахха наада…

(Кырдьыга да баара, арыгыны иһии биһиги дойду дьонугар ордук сэрии кэнниттэн сытайан турбута. Ол иннинэ да дьон син төрөөн-өлөн олордоҕо эрээри, билиҥҥи курдук буолбат этэ. Оччоҕо итириксит диэн да суох буолара…)

Салгыы күө-дьаа бииргэ үөрэммит кэммитин, оҕолорбутун ахтан барбыппыт. Киһи хаһан да баары, бүгүҥҥүнү ситэ-хото сыаналаабат үгэстээх ээ, ааспытын кэннэ санаатахха — барыта кэрэтийэн, күндүтүйэн көстөр. Ол — киһи уйулҕатын биир уратыта буоллаҕа. Онон, биһиги даҕаны, этэргэ дылы, үөспүт тэстэн, тимэхпит сөллөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэппиппит. Салгыы дойдубут олоҕун, ыытыллар политика да тула санаабытын ирэ-хоро тэбэспиппит. Тэбэспиппит да буолан, үксүн мин куолулаабытым. Оттон Соппуруон ордук үөлүллүбүт собону сиэн лыбыгыратарыттан ордубатаҕа. Ахтыбыта оччо этэ. Уопсайынан, киһи төрөөбүт аһын күндүргэтэр да буоллаҕа. Ордук сааһыран, этэргэ дылы, кэннэ уһаан, иннэ кылгаан иһэн. Бэл, Саха сириттэн бастакы генерал Притузов уонна суруйааччы Ньукулай Якутскай соҕуруу охтор ыарыыларыгар сытан, дойдуларыттан уулаах отону өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан үлэспиттэрэ диэн буолар. Оттон атын хайаларыгар эрэ — бадаҕа, улахан учуонай быһыылааҕа — кыайан дойдутуттан ыыттарбакка, ханнык эрэ атын сир отонунан солбуйбуттар, ону амсайан көрөн баран: “Суох, бу Саха сирин отоно буолаахтыа дуо?!” — диэн баран, төттөрү анньан кэбиспитэ үһү. Дьэ, ону кини хантан биллэ?! Отон эрэ барыта биир буолуон сөп курдук буолбатах дуо?.. Оннук буолбат эбит, киһи ханнык эрэ битинэн “бу дойдум киэнэ” диэн син биир араарар. Төрөөбүт дойду сыта-сымара, амтана киһи этигэр-хааныгар оннук дириҥник иҥэн сылдьар эбит ээ…

Онтон отууга киирэн, эмиэ ону-маны баллыгыраһа сытан, Соппуруон эмискэ баҕайы ыйыппыта:

— Миитэрэй, эн миигин соччо эрэммэккин дуу, быһыыта?..

Итини мин улаханнык сүөргүлүү да, сүөлүргүү да истибитим. Төһөтүн да иһин устудьуоннуур сылларбытыгар мииммитин балайда иһистэхпит дии. Билигин сүрдээн-кэптээн кэпсэнэр политическай репрессия сылларыгар. Оччолорго сэбиэскэй дьон, тутуллубакка-хааллыбакка да сылдьан, бэйэ-бэйэлэрин хобулаан мөлүйүөнүнэн донуоһу — үҥсүүнү, тыллабыры диэххэ сатала суох — суруйбуттара диэн билигин аһаҕастык суруйаллар уонна кэпсииллэр. Аны кэлэн, чыҥха атын кэмҥэ олорон эргитэ санаатахха, хайдахтаах нэгэй быһыыный?! Киһи өссө “хоту ыаллар” тимир кыпсыырдарыгар түбэспиттэр тустарынан этэ да барбат. Ол эрэйдээхтэргэ түһээтэхтээҕи да суоллары суруйтарбыттара чуолкай. Оттон атыттар?!

Дьолго, пединститут уопсайыгар кинилиин бииргэ олорбуттар ортолоругар оннук дьаабы быһыы тахсыбатаҕа. Онон Соппуруон инньэ дииригэр ханнык да төрүөт баар буолуон сатаммат курдуга.

— Куорат мааны киһитэ хайыаҥый?! Тыа учууталын атаҕастаан эрдэҕиҥ, — диэн хаадьыга кубулутуохпун санаабытым да, киһим кырдьык-хордьук ыйыппыт буолан биэрбитэ.

— Суох-суох, Миитэрэй. Мин чахчы инньэ дии санаатым.

— Бай, ол тоҕо?!

— Ньукуус туһунан кэпсиэххин баҕарбаккын дии…

Соппуруон обургу, көр, итинник олуйан турар. Сөп ээ, хайа булчут кыыл субу үктээн ааспыт буруолуу сылдьар суолун таба тайанан баран, сонордоспот буолуой?! Суруйааччыҥ да араас мыыдараһы-албаһы туттан сойуолаһар кыыла диэн ураты түбэлтэ, сонун тиэмэ буоллаҕа эбээт.

Оччо олуйтаран баран, хайыахпыный, кэпсиирбэр тиийбитим. Ол гынан баран, Соппуруон суруйбутун курдук отууга буолбакка, кутаа таһыгар олорон. Иһирдьэ сытан кэпсиэхпин, санаабар, ким эрэ отуу кэтэҕиттэн иһиллииргэ дылыта.

Тахсан, хайыы үйэ умуллубут кутаа күлүн бурҕаҥната булкуйан, аҕыйах барбах кылахачыйар кыымнары буламмын үрэн сирилэппитим. Итиирдик балайда бадьыыстаспытым да, Соппуруон бэрт тулуурдаахтык кэтэспитэ. Дьүрү биир да тылы саҥарбатаҕа. Арай, отууга киирэн, ырбаахытын иилинэн тахсыбыта. Бастакы омунугар, истэ охсоору, маайканан эрэ кылбаҥнаан тахсыбыт этэ. Төһө да сайын буоллар, түүн аата түүн, син дьагдьайдаҕа буолуо.

Кутаабын сөхсүйэн баран, чөҥөчөк үрдүгэр быһыы килиэбинэн саба ууруллан турар ылтаһын куруусканы ылбытым:

— Хайа, Ньукуус, испэтэххин дуу?! Сөп ээ, бэл, наркомовскайы испэт этиҥ. Чэ, оччоҕо манан мин онуоха-маныаха диэри бэйэм санаабын-онообун сайҕаан көрүүм, — иһит көп аҥаарынан сылдьар буокканы, эргитэ түһээт, таҥнары куттубутум. — Баалаабат инигин, куорат “энтэлигиэнэ” киһи?!

Соппуруон син биир “мыык” да диэбэтэҕэ. Мин, булгунан кэбиһээри, сылтах көрдүүрбүн сэрэйдэҕэ.

Оттон мин килиэппин сытырҕаан ылаат, харахпын быһа симэн, чочумча олорболуу түспүтүм. Куолайбын хатыылааҕынан хайы салаан киирбит арыгы уота сыыйа эппин-хааммын сылытан, биир гына тарҕаабыта. Хайдах эрэ бэйэбин эмиэ уоттаах-кырыктаах атаакаҕа киирэн иһэр курдук санаан аһарбытым уонна кэпсээн барбытым…

Хайдах баарынан… кырдьыгынан эттэххэ, хайдах өйдүүрбүнэн…

Суох, аһаҕастык кэмсинэрин кэмсиммэтэҕим. Хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах этибит буоллаҕа…

Оттон билигин Миитэрэй хомуньуустуу өйө-санаата суох дуо?.. Билиэтэ баҕас баарын баар, туттарбатаҕа… Ол гынан баран, совхоз партийнай кэмитиэтэ ыһыллыаҕыттан усунуос да төлүү илик уонна бүтэһик быыбар иннинэ ыҥырбыт мунньахтарыгар да эмиэ барбатаҕа. Онон Миитэрэй хомуньуус дуу, хомуньуус буолбатах дуу диэн боппуруоһу айбыт бэйэтэ билэр. Билигин кини киирбит Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партията суох, ыспыттара. Ону киниттэн ыйыппатахтара…

Уонна өлө-тиллэ көмүскээбит модун Сэбиэскэй Сойууһа да, сахсайбыт мас уһааттан тимир уобуруччутун сулбу охсубуттуу, киһи сымыйаргыах, ыһыллан-үрэллэн хаалла…

Уулаах, үөл уһааттан уобуруччатын си-дьүгээр ылбаккын, кыаллыбат даҕаны…

Оччотугар сэбиэскэй дойду кураанах, иччитэ суох, көҥдөй көхсө эрэ турбут буолан тахсар дуо?!

Миитэрэй илиитин иминэн харбыалаһан, эрдэ бэлэмнээн уурбут чэйдээх чааскытын ылан, өрүһүспүттүү иһэн киллиргэтэн иһэн киэр аста.

Бу хаһан сүтэр кырааска амтанай?! Сарсын Дьулуһу соруһан, муус киллэртэрдэҕинэ сатаныыһы. Сайын Даайа хантан эрэ булан аҕалан, буочукаларын соппут кырааската, дьэ, кыаҕын ылаары гынна. Аҕынньата төллөөрү ыксатар. Кыыһа бэйэтэ амтаны билбэт. Түөһэйэн талымастанар дии саныыр быһыылаах. “Мэлдьи сотон-сотон кэлбит кырааскам”, — диэхтиир да, дьэ, билбэтим. Итэҕэтээри, кырааска бааҥкатын кытта киллэрэн көрдөрөр этэ да, суруга-ойуута биирин иһин хаачыстыбата чыҥха атын дойду ээ, быһыыта… Тас киэп уонна ис хоһоон мэлдьи бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэллэр диэн буолбат ээ бу орто дойду олоҕор…

Ып-ыраас кылыгырыы сүүрэ турар дьүүктэ уутун испит киһи баар ини… Ып-ыраас…

3.

Алаастыырап доҕоро Миитэрэй Хойутаанап тус олоҕуттан кэпсээбит түгэнин улаханнык сөҕө истибитэ. Булан-булан түбэспитин эбитин. Киһи букатын итэҕэйиэ суоҕун курдук. Арай кинигэҕэ-киинэҕэ итинник тоҕооһуу, сөп түбэһии баар буолар ини, оттон… Ол эрээри бары суруйааччылар, киинэ айааччылар да уобарастарын уонна сюжеттарын дьиҥ баар олохтон сомсон эрдэхтэрэ эбээт. Олоххо киһи хаһан да үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа баар буолан соһутааччы. Хас үүммүт күн ол иһин сонун уонна хатыламмат кэрэ. Бээ, ханнык эрэ биллиилээх фантаст суруйааччы: “Олохтон ордук баай фантазиялаах тугу да билбэппин”, — диэн эппиттээх буолуохтаах этэ ээ. Бадаҕа, Жюль Верн этэ дуу. Таһыччы умнан кэбиспиппин. Букатын манна, бэрт чугас, кылаҥныыр курдук да — таба туттарбат. Киһи толкуйа диэн бэрт дьикти кыыл. Оттон дьылҕата диэн… Түҥ тыа буоллаҕа.

Доҕоро тылыгар төһө да кэмсинэбин диэбэтэр, уйулҕата улаханнык оонньуур эбит. Ол саҥатыгар-иҥэтигэр, туттуутугар-хаптыытыгар ырылыччы сурулла сылдьарга дылы. Эмээхсинин кытта сыһыана да тоҥуй соҕус быһыылаах. Бастаан дэриэбинэҕэ кэлбит киэһэтигэр тиийэн, Миитэрэйи ыйыталаспытыгар:

— Ханна сылдьарын мин билэр үһүбүн дуо? Сайын кэллэ да, маар түгэҕин булар киһи баар дии, киниттэн ордук отчут суоҕар дылы! — диэн өс-саҕа буолан кынтаарыҥнаабыта.

Олоҕор итинник ыарахан, соһумар суоллары көрсүбүт киһини кытта бииргэ олорор кытаанаҕа биллэр, ордук ол киһиҥ өйүн-санаатын бүтүннүү атын дьахтар баһылаабыт буоллаҕына. Сэрии ыар тыына киһи этигэр-хааныгар иҥэн хаалар адьынаттаах, ордук инники кирбиигэ сылдьыбыт, илэ-бодо сэймэктэспит киһиэхэ. Оннук дьон үксүгэр хааннара алдьанан туох да энчини сүгүн истибэт буолан хаалаллар. Эбиитин дойдуларыгар хаалбыт оҕолоро-кэргэттэрэ, аймахтара суорума суолламмыт буоллахтарына…

Соппуруон элбэх буойун ахтан аҥаардара эрэ хаалан кэлбит дойдуларыгар тус олохторо табыллыбатаҕын, иһээччи буолбуттарын, төрөөбүт түөлбэлэриттэн быралгы барбыттарын олус бэркэ билэр. Сорох-сорох ыал, холкуос олоҕо сэрии сылларыгар ол курдук айгыраабыта, эстибитэ. Ордук кураайы сирдээхтэр иэдэйбиттэр этэ…

Хор, оннук охсууну инчэҕэй эттээх, сылаас сүрэхтээх эрэ барыта уйаахтаабат…

Бэл, олоҥхо бухатыырдара адьарай аймаҕын кыайан-хотон баран, кыргыс кэмигэр сыстыбыт хара дьайдарын дьалбыйтараллар эбээт. Ол эрэ кэннэ биирдэ айыы дьонун кытта алтыһар кыахтаналлар. Хаантан хаан алдьаныыта диэн кытаанах. Киһи киһини билбэт үлүгэрэ диэххэ сөп. Соппуруон эмээхситтэр-оҕонньоттор бэйэлэрин ыккардыларыгар кэпсэтиигэ биир эмэ бэйэлэрин түбэлэрин киһитин туһунан: “Оо, барахсан сэриигэ барыан иннинэ үтүө да оҕо этэ…” — диэн эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да хараастыбыттыы үөһэ тыыналларын син иһиттэ ини, истибэтэ ини. Ити баҕас, туох да албына-түөкэйэ суох, ис сүрэхтэн тахсыбыт тыллар буолуохтаахтар. Бэл, били сэрииттэн босхоҥ кэлбит тастыҥ убайа Байбааскы, кыратык холуочуйа түстэ да, ыллаан тахсар “Саллаат сүрэҕэ” диэн ырыатыгар этиллэринии, ийэ оҕотун билбэт муҥа буоллаҕа дии. Бээ, ити ырыа хайдах этэй?!

Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,

Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ:

— Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ,

Хантан бу айаннаан иһэҕин?

— Оо, ийээ, — диэтэ, — эн уолуҥ этим,

Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.

Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,

Төрөөбүт алааспын, дьэ, буллум…

— Эн уолуҥ этим… — Алаастыырап саҥа таһаарбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла.

Оннооҕор кинини — инники кирбиигэ сылдьыбатах саллааты — ийэтэ барахсан хайдах көрүстэ этэй?! Уҥуох-уҥуоҕун барытын тутан-хабан көрбүтэ дии, ытамньыйа-ытамньыйа. Сэрииттэн лабааларын тонотон, эттэрин-сииннэрин сэймэктэтэн кэлээхтээбит саллааттары санаахтаатаҕа буолуо. Оттон ол илэ бодотун төрөппүт ийэтэ билбэт буолуор диэри кэбилэппит киһи өйүгэр-санаатыгар туох баас-чэр хааларын ким билиэ баарай?!

Онно холоотоххо, Миитэрэй хатат курдук кытаанах киһи эбит. Өссө, буолаары буолан, биир түбэҕэ улааппыт доҕорун тыыныгар турбут киһи диэтэххэ… Чэ, баҕар, билбэккэ да ыппыт буоллун, син биир — ыарахан. Бээ, туох диэтэ этэй: “Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллааттар олохторун быыһыыгын, кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук!” Итиирдик диэн, төһө да бэйэтин кырдьыгын таһаарыннар, муҥура суох буруйдана саныыр быһыылаах.

Толкуйдаан көрдөххө, гвардия капитана Хойутаанап дойдутугар эргиллэн баран, партийнай-советскай линиянан үлэлии барбатах биир сүрүн биричиинэтэ ити буолара дуу? Бастаан утаа обкомтан кытта кыачаҥалата сылдьыбыт сурахтаахтар, оройуоҥҥа үһүс сэкирэтээринэн анаарылар. Муос-таас курдук аккаастаан кэбиспитэ дииллэр. Сири-буору аннынан иһиттэххэ, обком эппиэттээх үлэһитин улаханнык өһүргэппит үһү. Ол — кырдьык Хойутаанап буочара. Итини Соппуруон урут даҕаны итэҕэйэ истэрэ, оттон бэҕэһээҥҥи кэпсэтии кэнниттэн өссө бигэтик өйдөөтө. Быһаччы бэйэтиттэн ыйыппатар даҕаны.

Миитэрэйиҥ өһүргэс соҕус ээ. Төһө да арыт ардыгар устудьуоннааҕы үгэстэринэн бары-баллаччы хаадьыласталлар, сорох түгэҥҥэ биир тылтан сылтаан харыйаны таҥнары соспут курдук буолааччы. Оччоҕо эн кини иннин көстөн турар төрүөтүнэн да ылбаккын. Бэйэтэ этэригэр дылы: “өһөс да чирэс, саллаат өрүү чиккэс!” Кытаанах киһи! Ол да иһин, кэргэнэ этэринии, “коллегалара уоппускаларын кэмигэр Крымынан, Кавкаһынан сылдьар кэмнэригэр үрэх баһыгар дьуоҕура сыттаҕа”. Өссө оттообутун иһин кэлтэгэй да кэппиэйкэни аахсыбат-ылбат үһү ээ. Оннук хомуньуустуу өйдөөх-санаалаах буолуо дуо?..

Бэҕэһээ Миитэрэй кэпсээн бүтэн баран, хас да испиискэ маһын тостурута охсон уматтыбыт бөппүрүөскэтин тардан, суптугар уоһа ибигирии олордоҕуна, Соппуруон тоҕо эрэ Балыксыт Былатыаны санаан кэлбитэ. Өссө хайдах эрэ Николай Неустроев кини көрөн олорор лүҥкүрбүт халлаанын уонна тимир курдугунан тыбыс-тымныытык мэндээрийэр күөлүн ойуулаабыт диэх курдук санаан аһарбыта. Балыксыт Былатыан тоҕо дьон-сэргэ ортотуттан дьалты барбыта буолуой?! Оттон Миитэрэй тоҕо сайын аайы соҕотоҕун оттуу тахсар? Манна туох эрэ ситим-сибээс, хоһулаһыы баар дуо?..

Наака, бу түбэлтэҕэ да олоҕуран, үчүгэй айымньы суруллуон сөп быһыылаах.

Даайаны кытта булгу кэпсэттэххэ сатанар. Хата, мааҕын сарсыарда сэбиэт дьиэтигэр сылдьан болдьоһо охсубута ээ. Ыксаатаҕына сатанар, командировката сотору бүтүөхтээх. Машата хайдах эрэ олорор?.. Куораттыыр сахха дьэдьэн булбут киһи. Кыттыгыйкаан кыыттаана, сибиэһэй сүөгэйгэ булкуйан биэрдэххэ, төһө эрэ минньигэһиргэтэ-минньигэһиргэтэ сиэн ньымаардар…

Алаастыырап, итинник саныы-саныы, дэриэбинэ илин өттүгэр баран истэ.

Аҕыйах сыл анараа тыа дэриэбинэлэригэр мэндиэмэннээх дьиэ тутуллуо диэн санааҕа да суоҕа эбитэ буолуо. Ол бэйэтэ ити дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта үчүгэйиэн. Бу эҥээргэ бастакы хараҥаччы буоллаҕа буолуо. Бу оройуон дьоно-салалтата мэлдьи да олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырга дьулуһаллар. Сотору кэминэн манан асфальт бүрүөһүннээх уулусса тыргыллыа, онон массыыналар сырылыы сырсыахтара. Букатын куорат курдук буолуо. Оччоҕо ити түптэ тула мустубут ынахтар барахсаттар ханна барыах муҥнарай?..

Санаатыгар киирэн испит буолан, иннигэр атыыр оҕус айаатаан лоҥкунаппытыгар соһуйан өрө чинэрийэ түстэ. Эбиитин буруолуу сылдьар “лэппиэскэттэн” халтырыйан, букатын да тиэрэ таһыллан иһэн (хаарыан көстүүмэ!) арыычча өрүһүннэ.

Лаҥкыр муостаах сүүнэ улахан уу долгунун курдук күөх чуоҕур оҕус, онно эрэ кыһаллыбакка, буугунуу-буугунуу, күдэн бөҕөтүн өрө табыйан таһааран, хара былыт ортотуттан мааҕыҥҥытынааҕар өссө суостаахтык-суодаллаахтык лоҥкунаппытыгар, нөҥүө уулусса диэкиттэн, мин да баарбын диэбиттии, атын оҕус мөҥүрээн лүҥкүнэттэ. Күөх Чуоҕур ону истэн букатын буорайда, кэлин өттүн өрүтэ быраҕаттаан ылла да, батыччахтаан кэлэн, бугул саҕа түптэни күллэри баҕастары сүргэйэн таһааран, бүтүннүү бүрүнэн кэбистэ. Өрүкүйэн тахсыбыт күдэн былыта чэпчэки сиккиэргэ оҕустаран, Алаастыырап диэки болооро уһунна.

Айыбын даа! Дьэ, дьоһун хартыына!

Алаастыырап ньыкыччы туттубутунан сэрэхтээх сири кытыытынан кыйан мүччү түһээт, кэлээри туран, ыалыттан ыйдарбыт хатыйыы үөт күрүөлээх тэлгэһэтин ааныгар хаамар-сүүрэр ыккардынан тиийээт, дьэ, биирдэ өрө тыынна. Сиэбиттэн болотуогун таһааран, сүүһүгэр бычалыйан тахсыбыт көлөһүнү туору-маары сууралаата уонна илиитигэр тута сылдьар сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.

Сатана оҕуһа! Киһи сүрэҕин хайыта сыста дии…

Даайа күүтэн олорбут эбит. Үс атахтаах остуолга ас бөҕөтө тардыллыбыт. Иҥэ имнии тэтэрэн, тэри-тэрбэгэр сыры-сымнаҕас харахтара сандаара тырымнааннар, урут көрбүтүнээҕэр өссө ордук тупсубукка дылы буолбуттар.

Өссө кыыс сылдьан хайдах эрэ буолла?.. Били силбиэтэммит оҕуһум ханна дьөлү түһэн хаалла?! Ити сырдык кыымынан ыһыахтанар харахтар эйиэхэ эрэ анаан сыдьаайа тырымныыллара, кырдьык, дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?! Сорох ол минньигэс түгэни үрүҥ түүлүгэр да билэрэ саарбах. Машата бу санаатын биллэҕинэ — иэдээн!

Алаастыырап сэмээр мүчүк гынна.

Туох да диэбит иһин, Миитэрэй сүрэҕин үйэ саас тухары туттарыан туттарбыт эрэ дииргэр тиийэҕин.

— Чэ, остуолга аас. Түннүкпүтүн арыйа сатыыбыт да, оһох оттулунна да дьиэбит өрүкүйэн хаалар. Итии буолуо. Бинсээккин ол көхөҕө ыйаа, — Даайа, таһыттан соччо биллибэт да, балайда долгуйбут быһыылаах (хаһан суруйааччыны күндүлээбитэ баарай?!). — Сотору ыалым Мэхээлэ киирэ сылдьыах буолбута, эн кэлэр сураххын истэн. Үнүрүүн кулуупка буолбут көрсүһүүгэ тугу эрэ ыйыппакка хаалбыппын диир этэ. “Хотугу Сулуска” бэчээттэнэ сылдьар айымньыгар сыһыаннааҕы. Бастаан уларсыһа сылдьан ааҕа сатаан баран, тэһийэн-тулуйан көһүтүспэккэ, элбэх киһи сурунаалга суруттарда ээ, быһыыта.

Алаастыырап түөһүн киэн туттуу тиирэ тэбиэхчэ буолбутун сабыта баттаат, сүөгэй үрүҥнээх итии чэйи сыпсырыйан ылла уонна утары быыска ыйанан турар хаартыскалаах арааманы тонолуппакка одуулаата.

Араама ортотуттан сырдык сэбэрэлээх, иҥнэри кэппит пилоткатын ойоҕоһуттан баттаҕа будьуруйбут саллаат кинини эмиэ көрөн олорор эбит. Киэҥ эрилкэй харахтарыгар туох эрэ түгэҕэ биллибэт санньыар саспыт курдук.

— Ити мин Ньукуум… — Даайа ах баран олорболуу түстэ, онтон санныгар саба быраҕына сылдьар былаатын муннугунан эр-биир харахтарын сотунна. — Биһиги бииргэ улааппыппыт. Бука, Миитэрэй кэпсээтэҕэ буолуо. Оскуолаҕа олус үчүгэйдик үөрэммитэ, олус сайаҕас этэ. Ол эрээри Миитэрэй курдук үөрэнэ барбатаҕа. Ийэтэ ыарытыйара, сэрии саҕаланыа аҕыйах сыл иннинэ эмискэ баҕайы мэнэрик буолан хаалбыта. Ол, арааһа, убайын Дьөгүөр Хотооробу “норуот өстөөҕө” диэн хаайбыттарыттан сэдиптээҕэ эбитэ дуу, — Даайа Алаастыырабы тургутардыы көрөн ылла уонна туохтан эрэ өрүһүспүттүү быһаара оҕуста. — Хотоороп аата билигин ыраастаммыта ээ.

Даайа остуолтан туран, хоһугар киирдэ. Онтон бэрт кичэллээхтик чэй көмүһүгэр сууламмыт кинигэни аҕалла.

— Ньукуу таайын эмиэ олус сөбүлүүрэ. Бу Ойуунускай кинигэтин бэлэхтээбитин, оннооҕор Ойуунускай эмиэ “норуот өстөөҕө” аатырбыт кэмигэр, хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Ону миигиттэн ураты ким да билбэт буолуохтаах, бэл диэтэр, Миитэрэй кытта. Оттон аҕалара Ньукуу кыратыгар Тайҕаҕа көмүскэ сылдьан, дэҥҥэ түбэһэн суох буолбута үһү. Арай биир букатын билбэт киһилэрэ — бадаҕа, куорат диэкиттэн сылдьар — балайда үбү-харчыны аҕаларын ирээтэ диэн аҕалан биэрбитин хотунум букатын бүтэһик күнүгэр диэри улаханнык уйадыйан-махтанан туран ахтара…

Алаастыырап бүтүннүү кулгаах буолан олордор да, кинигэни сэрэнэн суутуттан арааран, эргим-ургум тутта.

Кылаана да кыларыйан көрбөтөх. Олох сабыс-саҥа сылдьар. Ханна да харахтыы илик кинигэтэ эбит. “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо. Үс оонньуулаах олоҥхо (норуот олоҥхотуттан)” диэн. 1930 сыллаахха Дьокуускайга үс тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт. Кинигэ маҥнайгы сирэйигэр күөх чэрэниилэнэн, бытархай буолан баран, кып-кырылас буочарынан латынныы алфавитынан суруйбуттар: Bu kinige sin biir bert kinige buolar. Surujdum Mandaarap Njukuus. 1938 syl.”

Алаастыырап тыастаах баҕайытык өрө тыынан ылла уонна хайыы үйэ түгэҕэ оҥойбут чааскытыттан чэй испитэ буолла. Ол албаһа Даайа хараҕын халты ааспата. Кэпсээбитин кубулуппакка олорон, тэскэйбит алтан сылабаартан чэй кута охсон биэрдэ.

— Ньукуум тоҕус оҕолонуохпут диэн ыраланаахтыыра. Дьиҥэр, букатын эдэр киһи итинник санаалааҕа, билигин кэлэн толкуйдаатахха, бэрт дьикти дии. Мандаараптар да, Хотоороптор да удьуордарын салҕааччы быһыытынан өйдөөхтүүрэ дуу, бэйэтин… Ону барытын кырыыстаах сэрии туора соттоҕо… — Даайа эмиэ хараҕын соттон ылла. — Сэрии! Сэрии хааннаах баппаҕайынан биһиги түбэни ыараханнык тайаммыта. Турбут-олорбут уолаттарбыт барахсаттар сэриигэ барбыттара уонна үксүлэрэ эргиллибэтэхтэрэ. Оо, дьэ, кырдьык, иэдээннээх күннэр-дьыллар этилэр… Тыылга оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин эрэ хаалбыта. Мин билигин эргитэ санаан көрөбүн ээ, хайа да киһи дьоло диэн нус-хас сананыы быһыылаах. Оттон сэрии саҕана барыта куттал этэ. Ким эрэ өлөр, боруонтан хара сурук кэлэр, үлэ-хамнас кыайтарбат, ас-таҥас бэрт кырыымчык… Хараҥаттан хараҥаҕа диэри үлэлиирбит. Түүн кылгаһын аан бастаан ол онно билбитим…

Хомуурга түбэһэрин туһунан ыҥырыгы Ньукуу 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр туппута. Ол күнү бу баар курдук өйдүүбүн. Төһө да эрдэттэн күүппүппүт иһин, син биир соһуччу буолбута. Баҕардар, бу алдьархайдаах сэрии Ньукууну хаһан ылыахтарыгар диэри тохтуо диэн ханнык эрэ эрэл кыыма баар этэ буоллаҕа дии. Уонна, Ньукуу — аҕа, оттон мин ийэ буолар дьолун билээри сылдьар долгутуулаах иэйиибит сэрии кутталын күлүктүүрэ да эбитэ дуу… Эрэйдээҕим сыыһа аймаммытын таһыгар биллэрбэт буола сатыыра да, мин барытын сүрэхпинэн сэрэйээхтиир буоллаҕым. Айманыы ханна барыай, баар этэ. Онно эбиитин ийэбит тииһигэ киирэн, Кэрэх Ыйаабыкка тиийэн мэнэрийэ турарын Кииччэ оҕонньор уола Бүөтүр, оччоҕо холкуоспут бэрэссэдээтэлэ этэ, түбэһэ түһэн аҕалбыта. Ол эрэйдээх кэлин эмиэ хомуурга түбэһэн барбыта уонна сураҕа суох сүппүтэ. Инньэ гынан, кэргэнэ Ылдьаана оҕолорун олус эрэйдээхтик иитэлээбитэ. Сураҕа суох сүппүттэр кэргэттэригэр судаарыстыба өттүттэн көмө суох этэ буоллаҕа дии… Холкуоһунан бэйэбитин өйөһөн-убаһан син баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Бүөтүр уоллаах-кыыһа билигин холкуос туруу үлэһиттэрэ. Оттон Ылдьаана Бүөтүрүн күн бүгүҥҥэ диэри күүтээхтиир быһыылаах. Буоста Маайатыттан көрүстэҕин аайы сурук баарын-суоҕун мэлдьи туоһулаһар дииллэр. Бэл, билигин ким эмэ саллааттаан кэллэҕинэ, ол ыалга тиийэн саҥата суох чөкөллөн олорор буолар. Урут фронтовиктартан булгу ыйыталаһара, билигин оннук гыммат. Ол оннугар билигин ыалыттан тахсаары туран, саллааттан кэлбиккэ эгэлгэ оһуордаах-мандардаах дьэрэкээн бэйэлээх куобах үтүлүгү бэлэхтиир, — Даайа уҥа хаптаһын быыс диэки сымнаҕас баҕайытык көрөн ылла. — Ньургун кэллэҕинэ, санатаар эрэ, киниэхэ эмиэ бэлэхтээбитэ. Мин олус ону-маны ыаһыйалаары гынным дуу…

— Суох, суох! Олус интэриэһинэй, — бокуойа суох бэлиэтэнэ олорор Алаастыырап ыксыы түстэ.

— Чэ, оччоҕо салгыы иһит. Хотунум иччитэ суоҕунан көрөн, эрдэ маҥхайбыт баттахтара бураллан көрүөххэ дьулаан этэ. Анысханнаах арҕаа халлаан аргыар тыыннаах адьарайдара маҥалайгыт туолбакка, эмиэ кими кэрэх көрдөөн эрэҕит дии-дии мэнэрийэн барара. Ньукуу ыксаан, Араппыана Эмээхсини аҕалбыта. Эмээхсин туох эрэ оту туой көһүйэҕэ уган буруолата-буруолата, тула хаама сылдьан, тугу эрэ ботугураан-ботугураан баран, тарбаҕын күллээх арыыга аҕыы-аҕыы, хотунум төбөтүн, чэчэгэйиттэн саҕалаан, бүтүннүү илбийбитэ, онтон оройун таҥнары үрэн сирилэппитигэр биирдэрэ чочумча буолаат, налыс гынан хаалбыта. Көр, Маарыйа ол кэннэ биирдэ да тииһигэ киирэ сылдьыбатаҕа ээ. Оннооҕор Ньукуу өлбүтүн туһунан сураҕы тутарбытыгар миигин өрүһүйээччи төттөрүтүн кини буолбута.

Ити 1942 сыл ыкса күһүнүгэр этэ. Ол кэмҥэ миигин, иккис бэрэссэдээтэлбит Арамаан эмиэ сэриигэ ыҥырыллан, холкуос бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Хонтуораҕа суотчуппунуун эти туттарыы хаамыытын быһаарса олордубут. Таһырдьа сыарҕалаах ат кыыкынаан-хаахынаан тохтоото. Сотору соҕус буолан баран, сурук таһааччы уол Доҕолоҥ Уйбаанчык чоочугураан киирдэ. Унньу-санньы түспүт сирэйин көрөөт, мин сүрэҕим мөҕүл гынна: эмиэ “хара” сурук, ким?! Уйбаанчык суруктары тоҕо эрэ, миэхэ туттарар бэйэтэ, суотчут Сиэҥкэҕэ үҥүлүттэ. Онтон биир суругу туспа укта сылдьыбытын хостоон таһааран, ойоҕоһунан түөрэҥэлээн кэлээт, мин иннибэр уурда да, буута быстарынан таһырдьа ыстанна. Ону кытта кымньыы тыаһа уонна сылгы иҥэрсийэн ылбыта эрэ иһиллэн хаалла. “Һуой, ити чолоҕор туох буолла?! Аты да сиэтэ, сыарҕаны да алдьатаары гынна буолбаат?!” — Сиэҥкэ диэки хоруй эрэйэн көрбүтүм, санна ыгдаҥалаабытынан остуол анныгар киирэн олорор эбит. “Хайыы, бу уол эмиэ буккуллаары гыммыт…” — диэн өрө халааран иһэн, бөтө биэрдим да, сап-салҕалас тарбахтарбынан суругу хастыы тартым. Ньукуум аатын уонна “погиб” диэн кырыыстаах тылы иилэ хабан ылааппын кытта, буукубалар бары силбэһэн хааларга дылы буоллулар. Ойон туран, бэргэһэлээх соммун суулуу тутаат, таһырдьаны былдьастым. Дьиэбэр хайдах тиийбиппин чуолкай өйдөөбөппүн. Барыта түүл-бит курдук буолан хаалбыта. Арай сарсыарда өйдөммүтүм: сыттыгым чоккурас харах уута. Аттыбар Маарыйа олорор эбит, Ньургунун көтөхпүт. Мин өндөйбүппүн көрөн, уолбун хоойбор сытыарда. Уолум эмиий көрдөөн тиҥсирийбэхтээтэ, онтон тумугун уобан ылаат, өрүһүспүттүү соппойбутунан барда. Ытаан сыҥсыйан бараары гыннахпына, эмиийбин быһыта ыстыыр, инньэ гынан, бэйэбин арыый кыатанным. Уолум сылыйан-астынан утуйан буккураан хаалла. Маарыйа ыҥырбытыгар аат эрэ харата салбыҥнаан сууннум-тараанным. Остуолга тиийэн, Маарыйабын өйдөөн көрбүтүм: баттаҕа бүтүннүү муус маҥан буолан хаалбыт эбит. Кууһан ыллым да, иккиэн саҥа таһаарбакка эрэ уйа-хайа суох ытаан бардыбыт. Уолбут ыҥырҕаабытыгар биирдэ бэйэ бодобутун тардынныбыт.

Маарыйам чэйдээбитэ буола олорон: “Быгыһын Халлай Хабырыыска “хара” сурук кэлбитэ сымыйа буолан хаалбыта дии…” — диэн сибигинэйдэ, ол кэннэ быһаарыныылаахтык тураат, оһоҕун булкуйда. “Чэ, эн сып-сап хомунан, хонтуораҕар бар. Мааҕын Баһыкка оҕонньор сылдьан, собо хаалларан барбыта. Бэҕэһээҥҥи муҥхаҕа Эбэ барахсан бэрсэ сатаабыт үһү. Ону дьаһайыллыахтаах уонна дьону күөл хомуһун-кулуһунун ходуйууга тэрийиэхтээх этэ диир. Холкуостаахтарыҥ күүттэхтэрэ буолуо”, — дии-дии, таҥаспын аҕалан туттаран кэбистэ.

Онтон сүүспүттэн сыллаан ылан баран, ааттаспыттыы көрө-көрө, эмиэ сибигинэйдэ: “Чэ, тоойуом, бар. Биһиги Ньургуннуун олоруохпут буоллаҕа…”

Ол сыллааһын сылааһа мин сүрэхпэр билигин да сөҕүрүйбэккэ сылдьар, Маарыйаны ийэм тэҥэ саныыбын. Киэһэтин аҕам оҕонньор ийэбиниин кэлэ сылдьыбыттара. Бэйэлэригэр ыҥыра — кыайан дьаһанан олоруохтара суоҕа диэтэхтэрэ буолуо. Олорбуппут курдук олоробут диэбитим. Уонна оннук олордохпут ээ. Эрэйи-кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн. Сыччах, сэрии уонна сэрии кэннинээҕи сут кэмин санаатахпына, сүрэҕим хаанынан ытыыр. Хайдах барытын тулуйаахтаабыппыт буолуой?!

— Маарыйа билигин баар дуу? — Алаастыырап сэмээр ыйытта.

— Былырыын харайбыппыт. Ньургуна саллааттан кэлэрин көһүтэн баран дойдулаабыта. Нус-хас санаалаах барар буоллум диирэ. Ыһыах кэннэ, утаакы буолбакка, уһуктубат уутун утуйаахтаабыт этэ.

— Ньукуустааҕы сэриигэ атаараргытыгар миитин эҥин буоллаҕа дии?

— Оннук суох этэ. Баҕар, оройуон киинигэр тэрийбиттэрэ эбитэ буолуо. Өстүбэс, биир түгэни умна сыспыммын. Араппыана Эмээхсин ийэтин сытыарсыбытын кэннэ Ньукууга этэн, тэлгэһэҕэ кутаа отуннарбыта. Онтон аал уоту айах тутан маанылаабыта уонна, үрүҥ-хара сиэллэри уокка быраҕан сирдьигинэтэ-сирдьигинэтэ, үрдүк айыылартан ааттаһан амалыйбыта, ол кэннэ киниэхэ соһонон суруллубут бэлиэлэрдээх сарыы саппыйа оҕотун туттарбыта.

“Дьэ, тукаам, алдьархайдаах аартык арыллан, анаан айыллыбыт алааскыттан арахсан эрдэҕиҥ. Бу саппыйаҕа этиҥ охсубут маһын холбуу бааллыбыт чыыппаанынан арчыламмыт өбүгэҥ өтөҕүн барҕа баайдаах, быстыбат быйаҥнаах өҥ буора баар. Ону моонньугар кэтэн кэбис. Уонна түөскүттэн араарар эрэ буолаайаҕын. Бу ытык буор уостубат сылааһа эн сүрэххин угуттуурун тухары, тоҕус уон тоҕус моһолу күн ахсын мүччү түһэн, ахтылҕаннаах алааһыҥ чээлэй күөх быйаҥын сомсуһа эргиллэн кэлиэҕиҥ. Ымыыгын ыксалаһарыҥ тухары ырары-ынчыктыыры билбэтэҕиҥ буоллун! Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума! Уоттаах харахтаах умса көрбөтүн, татаар тыллаах таба эппэтин!” — диэн алҕаан амалыйбыта.

Уонна бэйэтэ илдьэ кэлбит чороонноох кымыһын икки илиитинэн күөрэччи көтөҕөн баран, ыйырбахтаан ыла-ыла, хаҥас тобугар сөһүргэстээн олорор Ньукууһу үс төгүл саба ибиирэн тунаарыппыта.

Ньукуус Араппыана Эмээхсин ууммут чороонун икки илиитинэн бэркэ сэрэнэн ылбыта уонна эмиэ күөрэччи көтөҕөн ылаат, ыймахтаан баран, быһаҕын өрө ууна-ууна үс төгүл алакылаан сатарыппыта.

Мин хаһан да харахтаабатахпын көрөн, дөйө таалан хаалбытым. Сытар ынаҕы туруорбат сытыары сымнаҕас майгылаах Ньукуум итинник иччилээхтик алакылаан сатарытыа диэн түүлбэр да оҕустарбат этим. Ол турдахпына, Араппыана Эмээхсин кэлэн төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ эппитэ төбөбөр кытаанахтык хатанан хаалбыт. “Чэ, тукаам, эрдий. Дьон төрдө буолсугун!” — диэбитэ. Хайдах эрэ дьикти баҕайы илиилээх эбит этэ, уотунан сырайар курдук.

Киэһэ утуйаары сытан, Ньукууттан токоолоспуппар: “Билбэппин, барыта бэйэтэ тахсан хаалла”, — диэн хардарбыта. Ол сытан, оҕобутун Ньургун диэн ааттыахпыт диэбитэ. Ону мин, арай, кыыс буоллун диибин. Суох, мин билэбин, уол буолуоҕа диэн, миигин букатын саҥардыбатаҕа. Хантан ылан, оннук эрэллээхтик саҥарара эбитэ буолла?.. Билигин сөҕө эрэ саныыбын. Онтон өөр баҕайы дьиэ үрүтүн тонолуппакка одуулаан-одуулаан баран: “Кыайан эргиллибэтэхпинэ, уолгар дьиҥнээх аҕа буолар киһиэхэ ойох тахсаар”, — диэбитигэр ытаан ньолҕоруйан бардаҕым үһү.

Инньэ гынан, ол түүн аанньа утуйбатахпыт да быһыылааҕа. Сарсыныгар бараары бүтэһигин чэйдии олорон, иккиэммитигэр туһаайан маннык диэбитэ: “Кыайан бэйэҕит олоруоххут суоҕа, онон дьукаахтаһан көрөргүт дуу. Көлүнэр аппытын холкуоска биэрэн, сүөһүгэ атастаһаарыҥ. Улахан алдьархайдаах сэрии турдаҕа буолуо. Дьылҕа Хаан ама хараҕынан көрдөҕүнэ, тыыннаах эргиллиэм”.

Чэйдээн бүтэн эрдэхпитинэ, уонтан биллэ элбэх аттаах дьон Бакамда сыһыытыгар биирдэ кутулла түспүттэрэ. Бу Орто Сурт нэһилиэгин сэриигэ баран иһэр бастыҥ-талыы дьонноро этилэр. Һуу-һаа үлүгэрэ буола түстэ. Аанньалаах улахан кэпсэтии тахсыбата. Саҥарыаҕы тыл да суох курдук. Дьиэттэн дьиэҕэ сылдьан бырастыылаһыы, ытаһыы-соҥоһуу саҕаланна. Ону сэриигэ баран иһэр дьон кыайан тулуйан истибэтэхтэрэ, бэрт суһалынан аттарын миинээт, Харбалаахха тахсар аартыгынан айаннатан субурута турбуттара. Оттон биһиги хайдах эрэ эмискэ баҕайы тулаайахсыйан хаалбыт сайылыкпытыгар хаалан, ыраахха диэри далбаатаһа турбуппут. Бүтэһик аттаах киһи онон-манан хагдарыйан эрэр ойуурга киирэн сүппүтүгэр эрэ уку-суку тарҕаспыппыт. Ити балаҕан ыйын иккитэ этэ… Нэһилиэктэн бу хомуурга түбэһэн барбыттартан тыыннаах чороҥ соҕотох эрэ киһи эргиллибитэ, ону даҕаны аҥаар илиилээх. Эн кинини хонтуораҕа көрдөҕүҥ буолуо. Уйбаан Макаарабыс диэн холкуос суотчута. Атыттар төннүбэтэхтэрэ, ол иһигэр мин Ньукуум…

Эмискэ сирэйин саба туттубутунан ах барбыт Даайа санна барбах ыгдаҥалыы хамныырын көрөн олорон, Алаастыырап бэйэтин олоҕун биир түгэнин санаан кэллэ…

1941 сыллаахха алтынньы ыйга кинилэри, хайыһар батальонугар сылдьар саллааттары, Алтайскай кыраай Бийск куоратыттан тиэтэл үлүгэринэн Новосибирскайга аҕалбыттара. Москваттан эвакуацияламмыт танк оҥорор собуот тутуутугар. Тимир суол былаһааккатыттан күтүр бэйэлээх станоктары, улахан тимир лиискэ үҥкүрүтэн баран, онтуларын дьөлүтэ үүттээн, боробулуоханан быалаан соһоллоро эбэтэр собуот эркинэ буолар кирпииччэлэри үөһэ таһаллара. Бухатыыр буол, нэһиилэ саллаҥныыр мөлтөх буол — биэстии кирпииччэни сүктэрэн кэбиһэллэрэ. Тохтоон-ахсаан, кэннигиттэн иһэр субурҕаны бытаардарыҥ хайдах да сатаммат… Сууккаҕа уон иккилии чаас үлэлииллэрэ… Этээс эркинэ ууруллан бүттэ да, үрдүн ханныктык эмэтик сабаат, станоктары туруоран үлэлэппитинэн бараллара. Бирикээс кытаанах этэ. Оттон аһыыр ас быстар куһаҕана. Остолобуойга арай туус элбэҕэ. Сиэптэригэр тууһу кутта сылдьан сиэн, аччыктыылларын уталыта сатаахтыыллара. Быыс эрэ буллаллар тугу эмэ айахха уктары, иһи сиигирдэри көрдүүр түбүгэр түһэллэрэ. Биир күнүс эмиэ оннук санаалаах ханнык эрэ собуот остолобуойун аттыгар тиийбитэ. Дьиэттэн — иһит сууйааччы быһыылааҕа — сааһырбыт хатыҥыр дьахтар кирдээх уулаах биэдэрэни тоҕоору тахсыбыта. Сирэйбин-харахпын көрөөт, туох кыһалҕалаахпын тута сэрэйдэҕэ буолуо: “Милый, подожди немного”, — диэбитэ. Сотору эмиэ биэдэрэлээх тахсан, кини диэки туһаайан уутун ыһан күдээриппитэ, ону кытта аттыгар биэс улахан хортуоска паарынан тыыммахтыы бу лөһүгүрэһэ түспүттэрэ. “Потом… потом… когда я зайду…” — диэн сибигинэйээт, дьахтар түргэн үлүгэрдик сылыбыр гынан хаалбыта. Ити билигин санаатаҕына, оттон оччотооҕуга дьахтар олус да бытаан курдуга… Онно Алаастыырап күөмэйин туох эрэ бобу тутан, бэл, биир махтал тылын кыайан ыһыктыбакка хаалбыта. Хортуоскаларын хоонньугар симтээт, сымыһаҕын быһа ытырбытынан, олбуор муннугун эргийбитэ уонна, уһуутаабытынан тоҥуу хаарга олоро биэрээт, бобулла-бобулла, көхсө кэҥиэр диэри саҥата суох ытаан ыгдаҥалаабыта… Онтон эмискэ көрө биэрбитэ: букатын чугас мас эрбии олорбут икки дьахтар эмиэ ыгдаҥалаһа олороллор эбит. Барытын ытыска уурбут курдук көрөн олорбуттар. Оттон кини хортуоскаҕа тиксэн үөрбүт дуу эбэтэр бэйэтэ-бэйэтин аһыммыт дуу ухханыгар букатын да көрбөккө хаалаахтаабыт…

Дьиэ иһигэр саба бүрүүкээбит чуумпуга ханна эрэ түгэх хос диэки сахсырҕа сааҕыныыра ала-чуо иһилиннэ. Даайа сэмээр былаат төбөтүнэн хараҕын соттон ылла.

— Хайыы, бу соркуойгун букатын тыыппатаххын дии. Сойдоҕо буолуо…

— Суох, үчүгэй, үчүгэй! — Алаастыырап төлүтэ биэрбититтэн бэйэтэ да соһуйда. Онтон кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан ыйытта. — Араппыана ханна тиийбитэй?

— Сэрии саҕаланнаҕын утаатыгар, быһыыта, Бэлэс Былааһай удаҕамсыйар диэн үҥсэн-харсан барбытыгар ханна эрэ хоту көспүт сурахтааҕа. Удаҕамсыйан да диэн, дьоҥҥо куһаҕаны оҥорбутун истибэтэҕим. Оттон Бэлэс холкуоһун үбүн уҥа-хаҥас дьаһайбыта биллэн, хаайыыттан киһитэ кини буолан мүччү-хаччы харбатан, утаакы буолбакка эмиэ хоту түспүтэ. Аҕыйах сылтан бэттэх дойдутугар эргиллэн, киниттэн ордук кыайыыны уһансыбыт суоҕунуу тутта-хапта сылдьар. Актыыбынай селькор аатыран, оройуон хаһыатыттан түспэт быһыылаах. Оок-сии, эмиэ тылбын кыатаммакка бардым дии. Хомуньуустар мунньахтарыгар мэлдьи дьарыллабын да, букатын өйдөммөппүн ээ.

— Партияҕа хаһан киирбиккиний? — сырылаччы бэлиэтэнэ олорор Алаастыырап төбөтүн да көтөхпөккө олорон чуолкайдаста.

— Аҕыйах сыллааҕыта. Хурусуоп кэлбитин кэннэ. Райкомнар тылларын быһа гыммакка. Уйбаан Сиидэрэбис сырыы аайы аҕытаассыйалаа да аҕытаассыйалаа. Өр кэмҥэ холкуос бэрэссэдээтэлэ, билигин нассовет бэрэссэдээтэлэ, өссө Аҕа дойдутун көмүскүү сылдьан сырдык тыынын толук биэрбит саллаат огдообото булгу хомуньуус буоллаххына сатанар диэн. Дьиҥэр, урут да итинник дииллэрэ да, тоҕо эрэ баартыйаҕа киирбэккэ сылдьыбытым ээ, — Даайа сылабаар дуйугар бэйэтин көрүнэн ылла уонна сүүһүгэр саба түспүт баттах сүүмэҕин көннөрүннэ. — Оттон Араппыана Эмээхсин “дьон төрдө буолуоҥ” диэбит тыллара төбөбүттэн арахпаттар. Билигин элбэх сиэннэниэхпин саныыбын ээ. Ону уолбар эттэхпинэ, күлэн эрэ кэбиһэр. Былырыын эрэ аармыйаттан кэлбитэ. Өссө биир-икки сыл үлэлээн баран, үөрэнэ барыам диир. Үөрэннэҕинэ сатанар, Ньукуус оннук саныыра. Бэйэтэ үөрэхтэниэн эмиэ олус диэн баҕарара. Бу аахпытын кэпсиирэ үчүгэйин эриэхсит. Кини кэпсээнин дьикти абылаҥар куустаран мин ханна-ханна тиийбэтэҕим баарай? Өссө хоһоон эҥин суруйара ээ. Оччотооҕу оҕолор бары да суруйа сатыыр быһыылаах этилэр.

— Ол хоһоонноро бааллар дуу?

— Быгыһын куоракка олорор аймахпыт уол илдьэ киирбитэ, суруйааччыларга көрдөрүөм диэн. Арай манна сэрииттэн суруйбут суруктарын быыһыгар биир хоһоон хаалан хаалбыт этэ.

— Дария Алексеевна, ону миэхэ уларсан эриэҥ дуо? Суруктары эмиэ. Куораттыам иннинэ булгу тиксэриэм диэн тылбын биэрэбин.

— Биэр-биэр, Даайа, — түбэһэ түһэн киирбит Мэхээлэ тута кыттыспытынан барда. — Хайа, билигин саллааттар суруктарын бэчээттииллэр ахан дии. Ньукуус да суруктара бэчээттэннэхтэринэ, бэртээхэй өйдөбүнньүк буолуохтара турдаҕа. Саарбахтаама-саарбахтаама.

— Ол миэхэ, биһиэхэ эрэ анаммыт суруктар ээ. Ол бэчээттэнэрэ хайдах эбитэ буолла?! — Даайа син биир буолуммата.

— Дария Алексеевна, мин бэчээккэ диэн көрдөөбөппүн. Көннөрү, сэриигэ сылдьар саллааттар тугу саныылларын билиэхпин баҕарабын. Саха саллааттара сэриигэ хайдах сылдьыбыттарын сэһэргиир айымньы суруйуом этэ. Оннук айымньы ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ олус наада.

— Арай, оннук ини, — Даайа бигэтик быһаарыммыт киһи быһыытынан эрчимнээхтик туран, хоһугар киирэн хаалла…

4.

Иллэрээ сыллааҕыта Ньургун Никандрович улахан сиэннэрин кытта уоппускатыгар кэлэ сырыттаҕына, барбах омук массыынатыгар олорон, Бакамда Маарыгар тиийэ сылдьыбыттара. Дьэ, астык көлө эбит этэ, Миитэрэй “Запорожеһыгар” холоонноох буолуо дуо?

Хаһан эрэ бу сиргэ бүтүн холкуос дьоно тигинээн-таҕынаан олорбуттарын туоһулаан, арай онон-манан хотон баҕаналара кубарыһа сиҥнэллэн уонна уус дьиэтэ иччитэ суоҕунан оҥоччу көрөн тураллара. Хаһан эрэ бурдук долгулдьуйар сонуоктара күөх кырыһынан саба үүнэн, былыргыларын тамты мэлдьэһэн сыталлара…

Даайа уҥуоҕун сөхсүйэн баран, Миитэрэйдээх Ньургун хас да көлүөнэ Мандаараптар хараллан сытар тумулларын халдьаайытыгар олорон, балайда өр ону-маны кэпсэппиттэрэ.

Онно Ньургун Миитэрэйи уйадыппыта даҕаны. “Мин эйигин аҕам тэҥэ саныыбын”, — диэбитэ. Аас маҥан баттахтаах оҕонньор бычалыйан тахсар хараҕын уутун тордуохтуу туттубут ыйар тарбаҕынан илгэн кэбиһэ-кэбиһэ, саҥата суох ыгдаҥалыы турарын бүтүннүү кулгаах иччитэ буолан олорбут уолаттар сөҕө көрбүттэрэ быһыылааҕа. Онтуларын биллэримээри, өссө күүскэ аһаан кимириппитэ буолбуттара. Ол иһин Миитэрэй көхсүн кэҥэттэн баран ыйыппыта:

— Хайа, тукаларыам, оҕонньор киһи ытыырын хаһан да көрө иликкит дуо? Дьэ, көрөн кэбиһиҥ. Бачча сааспар тиийэн баран, өссө да ытыыр дьоҕурдаах буоллахпына, арааһа, ураты дьоллоох киһибин. Оннук дуо? Эһиги билигин ытыыртан кыбыстар буолуохтааххыт, сэрэйдэххэ. Оттон мин суох. Кырыйдаҕым аайы ытанньах буолан иһэбин. Сөп дуо? Чэ, эһиги аһаан баран, кыратык оонньуу түһүҥ.

Саамай сытыылара уонна кыралара кини амыдайа Мииккэ ыйыахча курдук илиитин даллах гыннаран иһэн, куттаммыттыы ыһыктан кэбиспитэ, онтон тумул оройугар турар мэҥэлэр диэки хараҕын муҥунан көрбүтэ:

— Ол манна оонньуур сатанар дуо?!

— Тоҕо сатаныа суоҕай, барыта сиэр иһинэн буоллаҕына? Манна эһиги өбүгэлэргит сыталлар. Кинилэр бэйэлэрин кэмнэригэр эһиги баар буоларгыт туһугар олох олорон аастахтара. Тосту-туору быһыыламматаххытына, атаанныы санаабат буолуохтаахтар. Олус ыһыытаабакка-хаһыытаабакка оонньооҥ да, бүттэҕэ дии. Эһээҕит Ньургун Ньыкаандырабыс даҕаны ону бигэргэтиэ дии саныыбын.

Ньургун саҥата суох кэҕис гыммыта. Уолаттар иһиттибит дуу, истибэтибит дуу диэбиттии ыстанан хаалбыттара. Оттон Миитэрэйдээх салгыы ахтыспытынан-сэлэспитинэн барбыттара…

* * *

Кырдьык, Миитэрэй Ньургуҥҥа мэлдьи болҕомтолоохтук, төрөппүт уолун курдук санаан сыһыаннаспыта. Ордук Даайа барахсан бу орто дойдуга суох буолуоҕуттан ыла…

Даайа олоҕо итинник абаккалаахтык быстыа диэн ким санаабыта баарай?! Өлүү түбэлтэлээх диэн, оттон итини этэн эрдэхтэрэ буолуо… Дьэ, кыһыылаах түбэлтэ буолан турар… Кинилэр Даайаларын уот былдьаабыта, 1964 сыллаахха.

Ол алдьархай адаҕыйар күнүгэр Даайа сэбиэт дьиэтигэр үлэлии олорбут. Эмискэ онно остуорастыыр Мотуруона эмээхсин аҕылаан киирэн, Хончуойаптар дьиэлэрэ умайан эрэр диэн тыллаабыт. Сарсыарда үлэ үгэнин кэмэ буолан чугас эргин кимнэрэ кэлиэй?! Даайа Мотуруонаны оскуола өрөмүөнүгэр үлэлии сылдьааччыларга баран тыллаа диэн баран, бэйэтэ Хончуойаптарга ыстаммыт. Сатахха, ол кэмҥэ туох да умайар уот куйаас күннэр турбуттара. Онно эбии дьиэ түннүгэ-үөлэһэ бүтүннүү аһаҕас буолан биэрбит. Инньэ гынан, уот хатыччы хатан турар хаптаһыннаах сарайга ыстаммыт да, дьиэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр өрө күлүбүрүү түспүт. Даайа тиийиитигэр чугастааҕы аҕыйах оҕо уонна, оргуһуоҕар тайанан, нэһиилэ бөтүөхтүү турар Хобороос эмээхсин баар эбиттэр. Уонна Хончуойаптар алталаах-сэттэлээх кыыстаах уоллара уйа-хайа суох ытаһа тураллара үһү. Даайа өссө ыраахтан кыра уол суоҕун таба көрөн, сүүрэн кэлэн ыйыталаһа сатаабыт да, кутталларыттан ытаан маккыраһа турар, ип-ибигирэс оҕолор тугу да киһи өйдүүрүн курдук эппэтэхтэр. Ыйыттах аайы өссө эбии тэһэ бараллар эбит. Ыгылыйыы-куттаныы сүрдээх буоллаҕа. Даайа оҕолортон туох да туһа тахсыа суоҕун өйдөөн, сиэрдийэҕэ ыйанан турар суорҕаны эмээхсин аҕалбыт уутунан сабыта ыспыт да, бэйэтигэр саба быраҕынаат, кытыаста турар дьиэҕэ ыстаммыт. Хобороос оргуһуоҕунан далбаатаммытынан кэнниттэн эрэ хаһыытаан хаалаахтаабыт…

Онтон кэлин биллибитинэн кыра уолу ийэтэ илдьэ сылдьаахтаабыт этэ… Дьылҕа диэн тыйыс, барытын биир харалҕан түгэн быһаарар. Дьэ, абаккалаах…

Харайсан баран, Миитэрэй иирбиттии итириктээбитэ. Бу өйдөөтөххө, бохоруонаҕа арыгы иһэр үгэс оччоҕо саҥа тарҕанан эрэр эбит. Дьон-сэргэ да аһыыта сүрдээх этэ, арыгы устар уулуу сүүрүгүрбүтэ… Оттон кини букатын да дьиэтигэр сапта сытан, ону ааһан остуолтан да турбакка, илэ-түүл ыккардынан хас да хонугу аһарбыта…

Өйдөнөн кэлэн, иннигэр турар бытыылкалаах арыгыттан таҥнары кутта-кутта, нууччалыы-сахалыы баллыгырыы түһээт, остуолга бүк түһэн, утуйан хаһыҥыраабытынан барара үһү. Ороҥҥо сытан утуйарга сөбүлэһэр диэн ымыччы суох эбит. Оттон арыгыта бүттэҕинэ, хабараан үлүгэрдик хабырына-хабырына, сиэбиттэн харчы хостоон таһааран остуолга уурарын онон-манан үдүк-бадык өйдүүр курдук. Оччоҕо Маайата эрэйдээх хоһуттан тахсан: “Күүт, сибилигин-сибилигин…” — диэн сибигинэйбитинэн лааппыга сүүрэрэ. Уонна түргэн үлүгэрдик аҕалан, иннигэр ууран биэрээт, саҥата суох эмиэ хоһугар киирэн хаалара. Кэлин эрэйдээҕим бэйэтигэр тиийиниэ диэн куттанарым диэхтиирэ.

Оннук санаа да ханна барыай, бэл ыраас ис таҥас кэттэҕим дии. Итириктээбитим үһүс күнүн киэһэтигэр Маппыайап тиийэн кэлбит. Кутан биэрбит арыгыбын хантас гыннаран баран, сэрэйдэххэ, арыгылаан бүтүөххэ диэтэҕэ буолуо, онуоха мин диэтэх киһи буолан-хаалан турбатах үһүбүн дуо?! Туох баар уордьаммын-мэтээлбин кэтэн олорор киитэлбин тэлэйэ баттаан, түөспэр баар чэрдэрбин көрдөрө-көрдөрө: “Кто говорит, что гвардии капитан Хоютанов, проливший за Родину-Мать не один литр своей и чужой крови, не имеет право пить несколько жалких литров арыгы?!” — диэн хаһыытаан бытарытаат, остуолу охсон кибилиннэрбиппин. Маппыайап мас атаҕын устан, эмиэ өрө бабыгырыы түһээт, остуолга төкүнүйэ сытар бытыылкалаах арыгыны үлтү охсон кэбиспит. Онтон сирэйгэ силлээн эрэрдии туттан туран: “Маны Даайа көрөрө буоллар, төһө эрэ кэлэйэр этэ!” — диэбитэ, ону баҕас чуолкай өйдүүр курдукпун да, Маайа таһырдьаттан киириитигэр эмиэ остуолбар умса түһэн, тиистэрим субу таммалаан хаалыахтыы хабырына сытар үһүбүн.

Ол түүн түһээтэхпинэ (букатын илэ курдук этэ), дьиэбэр Даайа киирэн кэлбитэ. Эдэр да эдэр уонна кыраһыабай да кыраһыабай! Били мин хоһоон суруйар кэминээҕим курдук! Атына диэн тэлибирии оонньуур уот кыһыл өрбөҕүнэн тууна эринэ сылдьар. “Даайаа, эн баар эбиккин дии!” — диибин уонна кууһан ылаары сараҥалыыбын. “Миитиккэ, тохтоо, — диир Даайа, килэбэчийэ буспут моонньоҕон курдугунан мип-минньигэстик көрө-көрө. — Эн миигин таптыыргын билэбин, ол гынан баран, мин эйигиттэн тоҕо эрэ куттана саныыбын, тоҕо? — уонна киһи атыҥырыах муус маҥан буолан хаалбыт тарбаҕын чочоҥолотор. — Ньукууска этиэм ээ, кини таһырдьа сууна хаалла, сирэйэ бүтүннүү кыа хаан буолбут…” Ону истээт, мин сирэйбин икки ытыспынан саба туттубутунан олоппос “харк” гыныар диэри олоро биэрбитим: “Ньукуус эмиэ кэллэ дуо?!” “Куттаныма, Миитээ, мин билигин Ньукууска тахсан, эйигин ыалдьыбыт диэн этиэм уонна ол кэннэ биһиги Бакамдаҕа букатыын-букатын бардыбыт, оттон эйиэхэ кыччыгый Даайа буолан эргиллиэм, эн сатаан оҥоруоҥ буолбат дуо? Кыып-кыччыгый Даайаны? Оттон Ньукуус сайын эйиэхэ кэлбэт буолуо, сө-өп, Миитээ?.. Мин, уонна, кинини ханна да, хаһан да ыытыам суоҕа, сө-өп, Миитээ…” — дии-дии, Даайа уп-уһун суһуоҕа намылыйбытынан хоско киирэн хаалбыта. Мин ойон туран, кэнниттэн ыстаммытым: “Даайа-а, таһырдьа тахсар аан итиннэ буолбата-ах!”

Биирдэ өйдөммүтүм Маайам сытар оронун ойоҕоһугар тобуктаан турар этим. Маайа эрэйдээх сыттыгар умса түһэ сытан ытаан сыҥсыйар, ону кууһан ылан баран, кэтэҕиттэн сыллыы-сыллыы, аны мин маккыраччы ытаан барбытым. Эчи, киһи барахсан хараҕын уута элбэҕиэн?! Уонунан сыллар устата мунньуллубут харах уута тахсыбыта быһыылааҕа… Оччоттон баччааҥҥа диэри туохтан оннук хараҕым уутунан сууммуппун кыайан өйдөөбөппүн. Маайаны аһынан дуо? Эбэтэр бэйэбин дуу? Дьэ, билбэтим, туох да диэн албынныыр кыах суох. Дьэ, киһи бэйэтэ бэйэтин кыайан өйдөөбөтө сүрдээх.

Сити түгэнтэн ыла Миитэрэй кэргэнигэр сыһыана тосту уларыйбыта, эһиилигэр Маайата оччотооҕуга “Үрүҥ тунах үрдэ” диэн ааттаммыт ыһыах саҕана этэҥҥэ оҕоломмута. Миитэрэй сөҕүөн уонна үөрүөн иһин, санаа хоту кыыс этэ. Киниттэн ордук дьоллоох киһи ол түгэҥҥэ бу орто дойдуга баара саарбах.

Эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан саҥа төрөөбүт киһини Даайа диэн ааттаабыттара.

Уопсайынан, Маайа күннээҕи олоххо тастыҥ-таһырах дьоҥҥо лаппа тоҥкуруун курдук көһүннэр, Миитэрэй иннигэр кэлэн солко былааттыы сымныыра. Олорбуттарын былаһын тухары биир тылы утары саҥарбытын эбэтэр тугу эмэ туорайдаспытын төрүт өйдөөбөт…

Оттон оҕолонор туһунан быктарбытыгар: “Ол Айыыһыт хадьырыйбыт дьахтарыгар оннук дьол тосхойуо дии саныыгын дуо?” — диэн баран, күүскэ да күүскэ кууһа-кыбыйа сытан, Миитэрэйи ууга-уокка түһэрэн, кэдэйэ-кэдэйэ, баардары-суохтары супту оборон ылбытын санаатаҕына, бэл билигин кычыгыланыах курдук… Хардата суох тапталтан кураҥхырбыт дьахтарга эрэл кыыма түстэҕинэ, көр, оннук буолар.

Аны кэлэн толкуйдаатахха, Маайата барахсан хорсун да дьахтар эбит. Буолаары буолан, сэрии будулҕаныгар төннүбэттии умсубут бастакы эриттэн ыарахан хаалбыта табыллыбакка, оҕо куоппут этэ. Туҥуй дьахтар этигэр-хааныгар, уйулҕатыгар ити төһөлөөх охсууну оҥорбутун билигин сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Ол сахха Миитэрэй түөрт уонуттан тахсыбыт дьахтар (буолаары буолан, бастакы төрөөһүнэ табыллыбатах түбэлтэтигэр) оҕолоноро уустук, ону ааһан улахан сэрэхтээх суол буоларын букатын да төбөтүгэр оҕустарбат буоллаҕа, кэлин Маайа оһоҕостоммутун кэннэ ыала эмээхсинтэн саҥардыы истэн долгуйаахтаан ахан биэрбитэ. Дьиҥэр, урут да итини син иһиттэ ини, арай суолта биэрбэт буолуохтаах. Оттон онно кэлэн, айыы-абааһы диэни аахайбатах бэйэтэ истибит эрэ сиэрин-туомун барытын толору тутуспута.

Оҕо үөскээһинэ даҕаны туһунан остуоруйалаах этэ. Ол курдук, Кэтии эмээхсин сүбэтинэн, Маайа туруорсуутунан бэл оруктаах маһы булан, биир дьикти-дьээбэ туому толорон тураллар. Хомуньууспун, атеиспын диэбэтэҕэ.

Ити — күһүҥҥү күн тиһэх сылааһын өрүһүспүттүү бэлэхтиир абылаҥнаах кэмигэр этэ. Киэһээҥҥи сарыал саҕахха саһыыта эмээхсиннэрэ сүүрэн-көтөн булбут харалаах аас маҥан сылгы тэллэхтэрин кытта атын туһаныахтаах сэм-сээкэйдэрин Байбал оҕонньор Тураҕаһыгар ындан, Ураһалаах куулатыгар үүнэн турар оруктаах маска тиийбиттэрэ.

Аттарын Ураһалаахха киллэрэн бууталаан кэлбитэ Маайата оруктаах мас төрдүгэр харалаах аас маҥан тэллэҕин тэниччи быраҕан баран, киэһээҥҥи борукка туналыйа сырдаан, ийэттэн түспүтүнэн тобуктаан олороро. Миитэрэй кэлбитигэр хайыһан да көрбөтөҕө. Хараҕын симэн баран, иннигэр турар туох эрэ от үөрэтэ булкуллубут түспүтүнэн сүөгэйдээх эмиэ Кэтии биэрбит тууйаһыгар тарбахтарын төбөтүн эр-биир уймаан ыла-ыла, икки илиитинэн тобуктарыттан саҕалаан, буутунан-түһэҕинэн ыытан, имэринэ-илбинэ олороро. Ол быыһыгар тэрэспит эмиийдэрин баһан таһааран, өрө мөҕөһүннэрэн дьигиҥнэтэ-дьигиҥнэтэ, төбөтүн кынтаччы быраҕан, имэҥнээхтик сүүрэлиир тарбахтарынан ыһыллыбыт суһуоҕун кэннигэр анньара.

Миитэрэй чабырҕайа кэйбитинэн, эмискэ кууран хаалбыт уостарын хатыылаах баҕайы тылынан нэлбии-нэлбии, эмиий кэрэлэрэ көөчүктүү хараарыҥныыр үҥкүүлэрин абылаппыттыы көрөн турбута. Онтон өйдөнөн, сол да Кэтии ыйыытынан оҥорбут сэлтэйбит сүллүгэһинэн орук лабааларын булкуйа-булкуйа, үс төгүл охсон табырҕаппыта уонна төрдүн диэкинэн мас хатырыгын дьукку анньыбыта. Маайа, көрөн турбут курдук, хатырыгы сиргэ да тиэрдибэккэ хабан ылаат, тосту туппута уонна күп-күөх үөнү кыймарыҥнаппытынан сулбу таһыйан таһааран, хараҕын симэн, кыламаннара ибигирии-ибигирии, ыйыстан дьүккүк гыннарбыта. Ол курдук төбөтүн кэтэҕэр быраҕан, икки ытыһын түөһүгэр үҥэрдии холбуу тутан, чочумча иһийэн хаалбыта. Арай куолайа, Миитэрэй сүрэҕин тэбиитин кытта тэбис-тэҥҥэ, күлтэх-күлтэх гынара. Онтон улам-улам түөһэ-иһэ эппэҥэлии дьигиҥнээн, алын өттүгэр түстэр түһэн, тэтимирдэр тэтимирэн испитэ, устунан илиитин-атаҕын нараччы быраҕан, ис-иһиттэн тартаран ынчыктыы-ынчыктыы, өрүтэ кибиҥнээн барбыта. Миитэрэй эт-этэ быыппаста күүрэн, хамсаабат буолан хаалбыт тарбахтарынан ыстаанын-ырбаахытын тимэхтэрин кыайан сүөрбэккэ туурута тардан саккыраппытынан куруппааскы маҥан эмиийдэрин долгулдьутан өрө мөхсө сытар Маайаҕа бокуойа суох сапта түһэн, уһуутуу-уһуутуу кибилиннэртээн, иккиэн ыга куустуспутунан халыан уохтаах уот татакай ортотугар баар буолан хаалбыттара… Онтон ол уот татакай, Миитэрэй иһигэр кубус-кураанах күөҥкээри хаалларан, эмискэ дэлби тэбэн тахсыбытыгар Маайа кинини сымыһаҕыттан хаан оҕуолуор диэри чупчуруйа-чупчуруйа уураан ылаат, уулла налыйбыта…

Оруктаах маска

Миитэрэй сэниэтэ суохтук ыҥырана-ыҥырана сыппалыы түһэн баран, өндөс гынан күһүҥҥү түүн сөрүүн салгынын толору эҕирийбитэ уонна кэлтэйбит ый кутар тунаархай сырдыгар орук мас сэлтэйэн тахсар барыгын көрөөт, этэ-сиинэ били уот дьалыҥынан хос кутуллан дыыгыныы түспүтэ. Маайа эмиэ ону эрэ күүтэ сыппыттыы, куобах истээх суорҕаны саба тардаат, икки илиитинэн моонньуттан сүр имигэстик эрийэ кууһан ылбыта уонна ип-итии уоһунан харса суох уураан-сыллаан барбыта…

Айыы түгэнин киһи кэскилин тэрийэр, олоҕу оҥорор-ууһатар тускуллаах дьалыҥа-татакайа чыҥха атын буолар эбит этэ: Миитэрэй олоҕун усталаах-туоратыгар онтон ордук имэҥирбитин, көлөһүн-балаһын тохтубутун өйдөөбөт…

Оччотооҕуга оннук оруктаах мастан оҕо көрдөһүү эҥин диэн дьон өйүгэр-санаатыгар кыайан баппат суол буолара, онон барыта, биллэн турар, сэмээр оҥоһуллубута. Сэмээр буолаахтаан, хайа да дэриэбинэҕэ Хобороос билбитин Балбаара истибэтэҕэ суох буолааччы… Тыл-өс син барбыт этэ…

Эр киһи бэйэтэ ыарыыламмат буолан, үксүгэр оҕо төрүүрүн соччо улахаҥҥа уурбат майгылаах. Ордук эдэр сааһыгар баардылаабат. Кини айылҕатын быһыытынан, этэргэ дылы, “тиктэ” да — бүтүүкэтэ. Өссө, били быыл-бадараан сыстыбатынан уос номоҕор киирбит туус маҥан киэпкэлээх бэйиэппитин этэллэригэр дылы, “Дьааҥы түгэҕэр биир кырасаабыссаҕа “тыктаран” кэбиспитим ити Уран Уоһук диэн бэйиэт бэрдэ буолан тыыллан-хабыллан тахсыбыт” диэн, киһиргэстээх буолуохпут. Биһиги — эр дьон — оннукпут. Атыыр айылҕата оннуга эбитэ дуу?! Оттон дьахтар чахчытын төһөтүк эмэ билэн истэххинэ, салла саныыгын. Сыччах, сүрэхтэтэллэрэ диэн баар эбит этэ, иэдээн суол.

Маайата оһох буорун сиэн киирэн барбытыгар Миитэрэй соччо аахайбатаҕа. Онтон туох эрэ өрбөххө сууламмыты сытырҕыыр идэлэммитэ. Онтун бастаан утаа Миитэрэйиттэн кистээн, эмиэ туһунан муҥ-таҥ быһыылааҕа. Кистээминэ, онто хаппыт ыт сааҕа эбит этэ. Миитэрэй, сөҕөн-дьиксинэн, Кэтии эмээхсиҥҥэ тахса сылдьан кэпсээбитигэр: “Куттаныма, сүрэхтэппит дьахтарга ыт сааҕа кытта эмтээх буолар куолута”, — диэн уоскуппута. Уонна чарчыстан хаалбыт илиитинэн тохтоло суох тирии имитэрин быыһыгар Миитэрэйи тиэхэлээхтик көрө-көрө салгыы эппитэ: “Хатырыктан от күөх үөн түспүт буоллаҕына, кыыс оҕо буолуохтаах, иһин быһыыта да оннук”.

Миитэрэй “орук оҕото оккураҥ буолар” диэни истибит буолан, кыыһын кытыаны уматан арчылаабыт дьиэтигэр тыатааҕы тириитигэр суулаан киллэрбитэ. Маайа баҕата оннуга. Өссө кыыс төрөөбүт үс күннээх малааһыныгар күрэҥ өҥнөөх борооскуну атыылаһан туттубуттара. Хата, аллар атаһа Кыыллай Уола — ыһыахтары кэрийэ сылдьар буолан — түбэһэ кэлэн, борооскуну, былыргылыы сиэри-туому толорон, үөс тымырын көҥү тардан тыынын таһаарбыта. Малааһын кэнниттэн Миитэрэй борооску бары уҥуохтарын тириитигэр суулаан баран, аттынааҕы тумулга таһааран, өкөйбүт тиит ачаахтыы үүммүт лабаатыгар кыбыта анньан кэлбитэ…

Итини барытын эмиэ сэмээр оҥорбуттара, ол да буоллар сурах-садьык элэйэр диэни билбэт этэрбэс араадьыйатын көмөтүнэн дэриэбинэни тилийэ көппүт этэ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Маппыайап оскуолаҕа кэлэ сылдьан, “актыыбынай селькор” Бэлэс Былааһай оройуон хаһыатыгар суруксуттаан эрэр диэн сурах баарын уопсай кэпсэтии быыһыгар халты этэн аһарбыта. Биллэн турар, Миитэрэйгэ бэйэтигэр эрэ. Миитэрэй ол күн уордьаннарын-мэтээллэрин толору анньынан, Бэлэс Былааһайга тиийэ сылдьыбыта. Бэлэс салдьыр муостаах саадьаҕай оҕуһунан от тиэйэн аҕалан, кыбыытыгар симэ сылдьара. Биир кэм сүп-сүүрэлэс харахтарын куоттара-куоттара, хаадьылаабыта буолан хаҥсыйбыта: “Хайа, бу басыыс адьарайдарын садаҕалаабыт албан ааттаах буойун барааттыы сылдьаҕын дуу?!” Ап-араҕас тиистэрин килэҥнэтэн, суос-сымыйанан ырдьаҥнаабыта буолбута, оттон атырдьаҕын күүскэ да күүскэ бобо туппут тарбахтарын сүһүөхтэрэ мэктиэтигэр туртаһан тахсыбыттара. Миитэрэй онуоха хардарса сатаабакка, Бэлэһи атаҕын тумсуттан төбөтүгэр диэри өтөрү-батары көрөн таһаарбыта уонна: “Эн бу мэтээли миэхэ туох иһин биэрбиттэрин билэҕин дуо?! Суох?! Эйигиттэн икки харыс өндөс “басыыс адьарайын” хоолдьугун тосту эрийбитим иһин! Оттон бу маны?! Ону билиэххин баҕардаххына, үөлээннээхпэр өссө биирдэ “барааттыы” кэлиэҕим!” Уонна саппыкытын хобулугун тыастаах баҕайытык охсон, байыаннайдыы эргиллээт, түөһүн мөтөтөн, дьиэтин диэки чыналдьыйа турбута. Ол онон хаалбыта. Бэлэс да буоллар, син дьаархана санаабыт быһыылааҕа…

Итинник бытархайдары аахсыбатахха, куба буолан далластана оонньуур сэрбэллибит кыысчааннара улааттар улаатан испитэ.

Оо, ол Миитэрэй олоҕун биир саамай дьоллоох түгэннэрэ эбиттэр ээ! Сарсыарда таптыыр үлэтигэр — оскуолаҕа — тиэтэйэ-саарайа барара, онтон киэһэ сып-сылааһынан илгийэр дьиэтигэр таптыыр дьонун көрө охсоору ыксыыра…

Билигин Маайата суох, өбүгэлэригэр барбыта хайыы үйэ уон икки сыл ааһа охсубут… Сатахха, Даайалара эмиэ бэрт ыраах сылдьар… Бүтэһигин Ростов-на-Дону куораттан кэпсэтэ сылдьыбыта, онно, сураҕа, кимнэрэ-туохтара биллибэт саллааттар өлүктэрин-сэмнэхтэрин мунньар-чуолкайдыыр лаборатория баар үһү… Булан-булан тиийбит сирэ баар ээ, һуой?! Ньуукканы тоҕо эмиэ ол онно тиийэн көрдүүр?! Кини булгу тыыннаах, Миитэрэй сүрэҕэ оннук этэр, көннөрү туох эрэ биричиинэнэн ханна баарын биллэрэр кыаҕа суох буолуохтаах, быстах кэмҥэ…

Тугу да истэр аат суох ээ, эмиэ үрдүк үөрэхтээххэ дылы да, судаарыстыба интэриэһэ диэни өйдүөн отой баҕарбат, дуостал. “Ханнык эрэ чиэски дойду хара буорун уоптун диэн тоҕус ый устата хараҕым харатын курдук харыстаан ийэ киэлибэр иитээхтээбэтэҕим!” — диэн тыллаах. Өссө бараары сылдьан: “Эн да, Куоста да хаарыан хааҥҥытын тоҕон, эдэр эккитин сэймэктэтэн көмүскээбит государствоҕыт ханнаный?! Эһиги бу туох иһин чэгиэн бэйэҕитин кэйгэллэппиккитий?! Куостам да “буойун-интернационалист” дуу, “оккупант” дуу буоларын өйдөөбөккө сылдьан, бу орто дойдуттан барбыта сөп буолбатах дуо?!” — диэбиттээх. Кырдьык, аҕаларын Куостаны Афганистаҥҥа сылдьан ылбыт бааһа тэмтэриттэҕэ… Мэлдьэх суох… Ол да буоллар, Даайа алыстыыр быһыылаах…

Ийэ буолаахтаан гынара дуу? Этэргэ дылы, ийэ чыркымай оҕотун көмүскүүрүгэр, бэл, кыыртан чаҕыйбат. Сэрэйдэххэ, биһиги көлүөнэ ийэлэригэр да итинник санаа син баара буолаахтыа. Ийэ хаһан да оҕо тыыннаах хааларыгар баҕараахтыыр. Арай ону оччотооҕу муҥкук олох сиэринэн тастарыгар таһаарбатылар ини…

Миитэрэй бэйэтин саллар сааһын тухары хотонтон тахсыбатах ийэтин санаан, үөһэ тыынна.

Барахсаным сыыһа олоҕун бүтэһик сылларыгар куоракка эмкэ киирэ сылдьан, күлүмүрдүү оонньуур люстралардаах театрга сахалыы операны көрөн сөхпүтүөн?! Грант Григорян “Лоокуут уонна Ньургуһун” диэнигэр сылдьыбыттара. Бастаан, кыбыстан, букатын да театр ааныттан төннүөх курдук туттуталаан баран, опера саҕаламмытыгар тыыммакка да олорон көрбүтэ. Таһырдьа тахсан, тырымныыр уоттардаах киэһээҥҥи Дьокуускай устун уолугар, кыбыста-кыбыста, тоҕонохтотон иһэн: “Көр, итинник ыллыыр араадьыйаҕа-киинэҕэ эрэ буолбакка, илэ эмиэ сатанар эбит ээ”, — диэбитэ. Оттон араадьыйаҕа-киинэҕэ илэ устубуттарын ыллаталлар-көрдөрөллөр диэбитин, соччо итэҕэйбэтэх курдук туттан, үгэһинэн мөккүһэ-этиһэ сатаабакка, көннөрү истэн кэбиспитэ…

* * *

Сарсыарда сирэйин-хараҕын суунан, холкуос хонтуоратыгар тиийбитэ уонна ханна эрэ бараары сылдьар Маппыайабы булан: “Дьиэбин-уоппун оҥостуом, онон быйыл оттоон бүттэҕим буолуо”, — диэбитэ. Маппыайап армейскай тирии суумкаҕа кумааҕыларын укта туран, күлэн күһүгүрэтэ-күһүгүрэтэ: “Оннук буолумуна, тэрилтэ киһитэ бэйэҥ бэйэҕэр тойон буоллаҕыҥ”, — диэн хардарбыта, ол кэннэ бииргэ тахсан иһэн өссө эбэн биэрбитэ: “Дьиэни-уоту оҥостор булгу наада, ол — үчүгэй. Оттон холкуостаах Ньургун Мандаарап үлэтигэр өссө да суоҕа — куһаҕан. Олус куһаҕан. Ордук комсомол ыччат биригээдэтин биригэдьииригэр”.

Ньургуҥҥа тиийбитэ уола күөдэллэммит ороҥҥо таҥастыын токулла сытара. Аттыгар кураанах бытыылка көҕөрүмтүйэн турара.

— Встать, сержант Мандаров! Нюни распустил, понимаешь!!

Ньургун соһуйбучча кырдьык-хордьук ойон турбута, онтон байааттаҥныы-байааттаҥныы, Миитэрэй диэки мэндээриҥнээн баран, сапсыйан кэбиспитэ уонна күөдэлигэр төттөрү сууллубута. Миитэрэй уолугуттан ылан, сахсыйан илигирэппитэ:

— Туох ааттаах буоллуҥ бу?! Эн саллаат оҕото бэйэҥ саллаат буолбатаххын дуо?! Слизняк!! Өссө партияҕа киирээри сылдьаҕын!

— Бар, киэр бар! Босуол, дураак!!

Ыга кыыһырбыт Миитэрэй таһырдьыттан икки солууру ыы-быччары тыбыс-тымныы ууну дьалкыҥнатан киллэрэн, умса түһэ сытар уолга биирин таҥнары туппута. Онтон ойон туран истэҕинэ, кэтэҕин аһыттан харбаан ылаат, иккис солуурга төбөтүн оройунан умса аспыта. Ол курдук өлөр мөхсүүтүнэн такыаланнара түһээт, ыытан кэбиспитигэр Ньургун уйаларыттан тахсыахча буолбут харахтарын тиэри көрбүтүнэн, уһуутуу-уһуутуу, тэлгэһэҕэ сүүрэн тахсан, хотуолаан ыһыырдыбыта. Оннук арыыйда кэҥэттэн баран, дьиэтигэр киирэн, оһох иннигэр олорон эрэ ытаан ньолҕоруйбута. Миитэрэй, ууттан тахсыбыт күтэр курдук кумуччу туттан, ытаан бабыгырыы олорор уолу төһө да аһына санаатар, дьэбирдик:

— Ытаа-ытаа, ньолҕоруйар Ньургун Боотур! Мин Мандаараптар да, Хотоороптор да ытыылларын баччааҥҥа диэри көрө илик этим! — диэбитэ.

Уол бопторо-бопторо өссө уйа-хайа суох барбыта. Миитэрэй саҥата суох көрөн олорбута, онтон тохтуохча буолбутугар соттор аҕалан биэрбитэ уонна эппитэ:

— Эн Мандаараптар уонна Хотоороптор хааннарын илдьэ сылдьааччы бүтэһик тыыннаах эр киһинэн буолаҕын! Ону өйдүүгүн дуо?! Ийэлээх аҕаҥ эйигин тоҕо Ньургун диэн ааттаабыттара буолуой?! Ону эмиэ өйдүөх тустааххын! Кинилэри кырдьык кэриэстиир буоллаххына!..

Ньургун сарсыныгар үлэлии тахсыбыт этэ. Ол курдук күһүҥҥэ диэри холкуоска эриэ-дэхси үлэлээн баран, Красноярскайга тиийэн, үрдүк үөрэххэ бэлэмниир кууруска этэҥҥэ киирбитэ. Устунан тутуу инженерэ буолан кэлэн, республика араас муннуктарыгар барбыт баараҕай тутууларга, этэргэ дылы, бэйэтин көмүс кирпииччэтин илэ бааччы уурталаабыта. Билигин Дьокуускайга олорор, улахан тутуу тэрилтэтин салайсар. Оттон Миитэрэйи уонна холкуоһун дьонун кытта ситимин хаһан да быспатаҕа. Кини да куоракка киирдэҕинэ, атын ыалга түһээччитэ суох. Оттон партияҕа ситэ киирэ сатаабатах этэ. Тоҕотун Миитэрэй чуолкай токкоолоһо сатаабатаҕа…

* * *

— Миитэрэй Ыстапаанабыс, эн куоракка квартира ылбакка хааллыҥ дии, — диэбитэ кэтэх тардыстан халлааны одуулуу сытар Ньургун. — Быйыл сэрии ветераннарыгар бүтэһик босхо дьиэ үлэҕэ киириэхтээх. Мантан салгыы квартира биэрии тохтуур дииллэр.

— Даарыйа Миитэрэйэбинэ эйигин мээнэҕэ, “убайым” дии-дии, арыылаах кымыһынан айах тутан көрсүбэт быһыылаах, — Миитэрэй мичээрдээн кэбиспитэ. — Билээн-билэн, ити Даайа репертуарыттан. Пластинката ити матыыпка харбыта уонча сыл буолла…

— Толкуйдаан көрдөххө, Даайа этэрэ син оруннаахха дылы. Ветеран барыта кэриэтэ квартираланна. Сорохтор өссө иккис-үһүс квартиралара буолуо. Оттон эн курдук сэрии уот толонун сыгынньах түөһүнэн толору тэлбит уордьаннаах саллаат квартирата суох сылдьар. Докумуоҥҥун уонна сайабылыанньаҕын эрэ биэрдэргин, атынын биһиги оҥоруо этибит. Квартира син Ньууккаҕа эҥин наада буолуо турдаҕа, куоракка үөрэнэ киирэр түбэлтэтигэр…

— Ол аата сиэммин бэйэҕэр олордон үөрэтэр санааҥ суох буоллаҕа… — Миитэрэй оҥосто-оҥосто үөһэ тыыннаҕа буолбута.

— Тыый, туох диэн эттэҥий?! — Ньургун хараҕын тиэри көрбүтүгэр Миитэрэй киитэрэһэ табыллан, харахтара кылахачыһан ылбыттара.

— Уонна оттон бэйэҥ туох диэн эттэҥий?!

Онтон эмискэ дьэбин уоһуйаат ыйыппыта:

— Эн сэрииттэн эргиллибэтэх саллаат уола босхо квартираҕа тиксибитиҥ дуо?!

— Суох…

— Атыттары ахтыбакка туран, ити Ильмень күөлүгэр тимирбит Уйбаан Чыычаахап сиэннэриттэн мин сиэним тугунан ордугуй?! Эһээ тапталын билбитинэн дуо?! Эн, Ньургун Никандрович, миэхэ бу боппуруоһу туруорбат буол диэн өссө ааспыт сырыыга сэрэтэн турабын!

— Кырдьык даҕаны, оннук кэпсэтии баар этэ дуу?! — аны Ньургун соһуйбута буолан, килэп-халып көрбүтэ. — Төбөбүттэн таһыччы көтөн хаалбыт…

— Онну-ук! Хайдах оннук тэһэҕэс төбөҕө сүүһүнэн үлэһити, мөлүйүөнүнэн үбү итэҕэйбит муҥнарай?! Артыыстаа-артыыстаа.

— Хайыахпытый, олохпут оннук…

— Оччотугар дьиҥнээх бэйэтин сирэйинэн сылдьар киһини бу баар олохпутугар булар уустук буоллаҕа…

— Тоҕо уустук? Оттон эн, убайым оҕонньор, бэйэҥ сирэйгинэн сылдьар буолбатаххын дуо?

— Оннук саныыр буоллаххына, үчүгэй… Ол гынан баран, онтуҥ бу орто дойдуга мэлдьи кыаллыбат ээ… Хата, эн пенсияҕа таҕыстахпына, дойдубар кэлиэм диириҥ дии?

— Өссө үлэлии түс дииллэр…

— Оччоҕо үлэлиигин. Наада буолан, инньэ дииллэр. Оттон бу Бакамда Маара төрөппүт оҕолоругар эмиэ наадыйаахтыырын кыайан саҥа таһааран эппэт буоллаҕа… Төрөөбүт буор тардыытын киһи кырыйдаҕына биирдэ дьиҥнээхтик өйдүүр быһыылаах… Төрөөбүт төрүт буор арчылыыр-араҥаччылыыр тыына диэни…

5.

Алаастыырап түһүүлэнэ сылдьар ыалыгар тиийэн, анаммыт хоһугар курдары ааста. Түннүк анныгар турар остуолга олордо да, бартыбыалыттан саллаат Ньукуус Мандаарап суруктарын хостоон таһааран иннигэр тэлгэттэ. Биир-биир сыымайдаан, ыытыллыбыт күннэринэн наардаата уонна цензура онон-манан хара кыраасканан сотуталаабыт суруктарын ааҕан барда.

Бары баар дьоммор быралҕаннаах быраһаай!

Биһиги айан хаан суолун тэлэн, турбуппут сэттис күнүгэр Өлүөнэ өрүһүн батан иһэбит. Сарсын Дьокуускайга тиийэбит дииллэр. Усулуобуйа туһунан суруйдахха, маннык: килиэп бастаан турдахпыт утаатыгар баһаам этэ, билигин кэмчитийэн эрэр. Ол да буоллар, орто соҕус аһылыктаах киһиэхэ сөп. Уонна биир күҥҥэ 50 грамм арыы, саахар, чэй көрүллэр. Балар харчыта суохтар. Табах харчылаах. Мин дьоҥҥо көҕүһэн табахтаан бусхатан көрдүм да, сөбүлээбэтим. Онон ылбыт табахпын Ньонтокоҕо туттаран кэбистим. Үөрэн бөҕө.

Бу тиийэн, Дьокуускайга хамыыһыйа буолбат дииллэр. Оттон хамыыһыйа буолтун да иһин, чахчы көстөр ыарыылаах киһини эрэ сыыйаллар үһү. Аара икки-хас сиргэ тохтоон аастыбыт. Онно хайыы үйэ үһүс хомуур бара турар үһү. Орто Сурт уолаттара бары үс холкуостан 18 буолан иһэбит. Хомуур итинник тэтиминэн бардаҕына, сотору холкуоска үлэһит да хаалыа суох дуу… Иэдээннээх сэрии турбут быһыылаах.

Манна этэллэр: Дьокуускайтан 200 көстөөх сиргэ Киренскэйгэ эбэтэр Забайкальскай байыаннай уокурукка тиийэҕит, онно үөрэнэҕит, онтон фроҥҥа киирэҕит. Бэйэм чааһым ханна да тиийэн хамыыһыйа буолбутун иһин, сыыллан хаалыам дии санаабаппын. Доруобуйа ханан да иннэ кылаанын саҕа эҕэтэ суох, тимэх саҕа дьэппиэк да биллибэт. Уруккубуттан тупсубут курдукпун. Оттон сорох уолаттар, атын өрүс уутун сөбүлээминэ, истэринэн эҥин бэркэ ыалдьаллар. Мин буоллахпына, кэтэспитим иһин, муннубар сыыҥ киирбэт.

Бу иһэр табаарыстарбыныын барыбытын бииргэ ыыппатахтарына, иккистээн санааҕа түһүүһүбүт. Бастаан эһигиттэн араҕарбытыгар санаарҕаабыппыт курдук. Бу кэннэ эһиэхэ хаһан баарбын-суохпун биллэриэхпин бэйэм да билбэппин.

Фроҥҥа киирэргэр паспорт ылаҕын диэн этэллэр. “Өлөр паспорт” диэн ааттыыллар, онон, өскө өллөххүнэ булан, ханна аадырыстаппыт сиргэр атаараллар үһү. Айаннаан иһэн, киһи ону-маны истэр. Ойуунускайы мээнэ тылласта диэн хаайбыттар үһү. Манна биир олус элбэҕи билэр Бахсы киһитэ баар, араас хоһоон-тойук бөҕөтүн өйүттэн ааҕан бэркэ аралдьытар.

Киһи эҥин-эҥини да истэр, туох да атын буруйа суох киһини саҥарда эрэ диэн хаайаллара, дьэ, сүрдээх да эбит. Ойуунускайга, арааһа, “син биир бу хараҥа балыыр халбарыйыаҕа, күн тахсыаҕа, кырдьык кыайыаҕа” диэн тыллар бааллара. Кыра норуот ыччата буолан, бу үлүгэрдээх иэдээннээх сэнэбилгэ-атаҕастабылга түбэспитин көрбөккүөт?!

Ити кэннэ кимнээхпит тиийэн — кэпсиэ баарай, туохтаахпыт буолан — туоһулуо баарай?! Бу биһиги хааннаах сырыыбытын, сир иҥнэстэр, дьалкылдьыйар кэмнэрин…

Даайа, санаарҕыы сылдьыма. Хайыахпытый, Дьылҕа Хаан ыйааҕа оннук буоллаҕа. Мин дьоллоох да киһи эбиппин, манна букатын кыыс-дьахтар таптала диэни билбэтэх, уостарыгар уоһахтара куурбатах уу ньулдьаҕай уолаттар баран иһэллэр ээ. Кинилэри көрө-көрө аһына саныыбын. Оттон мин кэннибэр хааларданыам буолбат дуо, Даайа? Кытаат.

Чэ, этэҥҥэ эрэ буолларбын суруйа

туруоҕум. Ньукуус.

1941 сыл, балаҕан ыйын 10 күнэ.

Даа, Алаастыырап кулгааҕар оччотооҕу кэм аймалҕана илэ энэлийэ дуораһыйда. Ордук иккис-үһүс хомуурдар ытабыллаах-соҥобуллаах быһыылаахтара. Буолумуна, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттар-эр дьон оҕолоруттан-урууларыттан арахсан, кый бырах уоттаах кыргыһыы толоонугар бардахтара дии. Олох кырдьыга хаһыакка-кинигэҕэ суруллар кырдьыктан биллэ атын. Ол — чахчы. Кэлин дьону-сэргэни кытта кэпсэтиһэн биллэххэ, сорох-сорох сирдэргэ сэриигэ барыы диэни туох да муоҕа-чуоҕа суох өлөр өлүү айаҕар умса анньыллыы курдук ылыммыттар эбит.

Алаастыырап да барарыгар иһин түгэҕэр кутуйах хаамыталаата ини. Ону арай таска биллэрбэт буола сатаныллара. Уонна Сталин салалталаах Кыһыл Армия кыаҕар эрэнии улахан этэ буоллаҕа. Оччотооҕу пропаганда сабыдыалынан “если к нам завтра враг нагрянет — шапками закидаем” диэбит курдук ырыалары ыллаан чоргуспутунан сэриигэ барбыттар да ханна барыахтарай?! Баар ахан этибит. Олоҕу билбэппит, оҕотукпут бэрдэ эбитэ дуу?.. Берлиҥҥэ пиибэ иһэ тиийэр курдук санаа сорох-сорохторго кытта баара… Алаастыырап, бэл диэтэр, Сэргэлээх уулуссатын 2-с уопсайыгар утуйар таҥаһын, кумааҕытын хомуйбакка олоччу хаалларан турар… Эдэр саас хаһан да олоҕу чэпчэкитик-көтүмэхтик ылынар, оттон ийэлээх аҕата кый дойдуттан күннэри-түүннэри ыҥыыр атынан сахсыллан киирэн атаарбыттара… Ол Аппа Уҥуор ырааҕынан аймахтарын дьиэтигэр атаарбыт түүнүн санаатаҕына, билигин да уйадыйыах курдук, ийэтин аһынан. Алаастыырап төбөтүгэр ханна-туохха баран эрэрэ онно биирдэ дьиҥнээхтик тиийбитэ…

Өй-санаа тумана сайҕанан, билииҥ-көрүүҥ саҕаҕа кэҥээн истэҕин аайы киһи тулалыыр дьиҥи сыаналыыра да уларыйан иһэр ээ. Ити Ойуунускай да буоллун. Таах да Соппуруону тус бэйэтин ылар буоллахха, Ойуунускайга сүгүрүйүүтэ хаһан да сөҕүрээбэтэҕэ. Уонна кини оччотооҕуга, үөрэнэ эҥин сылдьан, тапсан алтыспыт ыччаттарын да ортотугар эмиэ оннук санаа баһыйар быһыылааҕа. Арай ол туһунан таска чобуорхайбат буолаллара, оттон бэйэ ыккардыгар кэпсэтии-ипсэтии дөрүн-дөрүн син тахсыталыыра. Бэйэбит эргимтэбитигэр санаабытын аһаҕастык үллэстэр буоларбыт. Бэйэ-бэйэбитин эрэнсэрбит-итэҕэйсэрбит оннук күүстээҕэ дуу? Ордук сэрииттэн төннүбэтэх Василий Иванов бэйэтин санаатын чап гыннарбыта баар буолан иһэрэ. Барахсан туох да эгилитэ-бугулута суох, барытын көнөтүнэн ылынаахтыыра. Оннук ыраас, сырдык санаалааҕа.

Эбэтэр партия ХХ съеһин уураахтарын да ылан көр. Сталиммыт сыыһата баһаам диэн буолан таҕыста. Ону аһаҕастык этэллэр-суруйаллар. Оттон билигин ирбэт тоҥноох уһук хотугу сиргэ оннооҕор кукуруза олорторо сатааһын эмиэ алҕас буолбатаҕа буолуо дуо?.. Киин бэчээккэ итинник саҥа-иҥэ баар да, биһиэхэ киһи итинник санаалары мээнэ аһаҕастык этэрэ соччо биһирэммэт ээ… Тута партийнайа суох быһыы диэн сыаналаныа турдаҕа. Аны били холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн чобуорхайбыппын инструктор уол үҥсүһэн сирэйэ быһа сытыйыа. Бай, бу тугуй?! Били Даайа эппит хоһооно сырыттаҕа дуу?

Алаастыырап суругу таҥнары тутан, строкалар быыстарыгар саһыаран, урукку алфавитынан суруллубут хоһоону булан ааҕан барда.

Өскө өлөн хааллахпына —
Өйдүү саныы сылдьаайаҕын,
Бүтэһик айаммар бардахпына —
Бүччүмнээн да ытаайаҕын… 

Көрө тиийээр уҥуохпар
Тыыннаах киһини көрсөрдүү,
Ньургуһунна кыбытаар —
Тыыннаах дьолун уруйдуурдуу!

Ол, доҕоруом, дьэ буолуо —
Олох туһунан өйдөбүл,
Мин ааппар өспөт бэлиэ,
Эн хомолтоҕор өйөбүл…

Өлөр өлүү айаҕын өҥөйөр дьылҕаламмыт киһи итинниги суруйуо суоҕа дуо, ама?! Аныгы кириитик хараҕынан көрдөххө, санаа түһүүлээх хоһоон эбит. Ол эрээри, толкуйдаан аахтахха, олоххо уостубат таптал этиллэргэ дылы дии. Мин суох да буоллахпына, “тыыннаах дьолун уруйдаарыҥ” диэбит ээ. Көмүс уҥуоҕуҥ көмүллүбүт сиригэр Даайаҥ уонна уолуҥ бара сырыттылар эрэ, суох эрэ?.. Кый дойду буоллаҕа эбээт. Саха сирин холкуостааҕа ылбычча санаата да тиийбэт. Дьэ, бэрт интэриэһинэй киһи эбиккин ээ, Ньукуус Мандаарап. Сурукка суруллубуту өссө өйдүөххэ сөп буолуо. Син биир сэриигэ баран иһэбин диэн санаахтаатаҕа дии. Оттон “норуот өстөөҕө” аатырбыт Ойуунускай кинигэтин харайа сылдьыбыта бу хайдаҕый? Бэл, бииргэ улааппыт доҕоругар Миитэрэйгэ кэпсээбэтэҕэ буолуо диэн эрэрэ дии, Даайа. Бээ, салгыы ааҕыахха.

Таптыыр дьоннорум, дорообото тутуҥ!

Өлүөнэ өрүһүнэн Дьокуускайтан балаҕан ыйын 21 күнүгэр сарсыарда хоҥнубуппут. Бүгүн 200-тэн тахса көһү аҕыс күн устата “Москва” диэн түргэн сырыылаах пассажирскай борохуотунан айаннаан, бары бииргэ өрүс баһыгар Ускуукка түстүбүт. Өрүс уута манан сатала суох синньиир эбит. Аара хас да борохуоту ситэн урут түстүбүт. Аата-ахса суох дэриэбинэлэри аастыбыт: күммүт арыт арҕааттан, арыт илинтэн тахсар курдук буолар. Өрүспүт сүнньэ оннук барар эбит. Өлүөнэ туһунан ааспыт сурукпар сиһилии суруйбут буолуохтаахпын. Оо, дьэ, киһи хараҕа туолар көстүүтэ эбит ээ. Даайа, арай маннык соҕуруу үөрэнэ баран иһэр буолуубут?.. Дэлэлээх дьол буолуо этэ дуо?!

Килиэп күҥҥэ 650 грамм уонна араас хааһы, мохоруон баар, үстэ аһыыбыт. Киһи үлэлээбэт буолан син тотор. Аара куораттарга тохтотолоон сырыттыбыт да, атыыга туох да суох. Арай арыгы баар. Уолаттар ылыахтарын саныыллар эрээри, биһиэхэ ону атыылаабаттар.

Биһиги оройуонтан элбэх буолан иһэбит, билэр дьонум да баар ахан: Өрүөлкэ, Ыстапаан уол, Мохсоҕоолоп Арамаан, Хаччы үс уолаттара, Ньонтоко Баһылайа, Жирков Улахан Уйбаан уонна да атыттар.

Өрүс сүнньүттэн, олоро сатыыр бириэмэлээх буолан, суругу Өлүөхүмэттэн, Битиимтэн, Киренскэйтэн уонна бу Ускууттан төрдүс сурукпун ыыттым, баҕар, тиийиэ суоҕа диэн, иллэҥ бириэмэни туһанан соруйан хойуутук ыыттым. Онтум, хаһан ыллаан-туойан, эһиги илиигитигэр киирэрин, дьэ, билбэтим.

Ускууттан массыынанан Ангараҕа түһүөхтээхпит. Онтон Иркутскайга тиийэн, хайа диэки хайысханы ыларбыт биллибэт.

Холкуостан тыһаҕаскытын туттугут дуо? Тута илик буоллаххытына, кэпсэтиһэн тутан кэбиһиҥ. Харчыга наадыйан, баҕар, сыана баар буоллаҕына, туттуоххут. Холкуоска кыһаллан үлэлээҥ уонна хаһаайыстыбаннай олоххутун хааччыйтарарга көрдөһүҥ.

Мин бэлисипиэппин Байбаллаах сөбүлээн ылар буоллахтарына, иэстэригэр аахсан 450 солкуобай суумаҕа атыылааҥ. Эбэтэр атын да киһиэхэ. Марков Сэмэн эмиэ ылыах буолар этэ. Миигин кэтэһиннэримэҥ, тиийдэххэ бэйэҕэ сөп түбэһэр саҥаны, үптээх буоллахха, булан мииниллиэ. Даайа, бэйэҕин харыстан уонна үчүгэйдик аһаа.

Эһиги Ньукуускут.

1941 сыл, балаҕан ыйын 29 күнэ. Ускуут.

 

Эҕэрдэ бастыҥын тутан кэбиһиҥ!

Заярскай диэн сиргэ диэри 28 көһү массыынанан кэлбиппит. Онтон Иркутскайга диэри 56 көһү уһуннубут. Иркутскайтан Читаҕа диэри тимир суолунан айаннаатыбыт. Онон дьиэбиттэн саҕалаан 400-чэ көһү биир ый курдук айаннаатым. Ол иһигэр Иркутскай куоракка уонча хоннубут.

Көрбүт сирбит барыта өҥ-тот дойдулар эбит. Манна алтынньы ортотугар диэри хаар түһэ илик. Биһиги дойдуттан халлаана биллэ ичигэс эбит. Билигин да хаар түһэр чинчитэ биллибэт.

Эһиги олоруугут хайдаҕый? Туох сонун баар? Ханна-хайдах кыстаан эрэҕит? Аккыт сураҕа иһилиннэ дуо? Ханна эмэ биир эмэ ынаҕы ииттэрдигит дуо? Доруобуйаҕыт хайдаҕый? Биһиги курдук дьоннор бары бааллар дуо? Миэхэ истээх үтүлүк, куллука баара буоллар абыраныа эбиппин.

Бары кэргэҥҥэ пособие кэлиэхтээх үһү. Ону биэрдилэр дуо? Илик буоллаҕына, ирдэһэн ылыҥ.

Даайа, хайдаххыный? Олус долгуйабын. Эһигиттэн сурах суоҕа олус куһаҕан. Бу сиргэ балай да буолуох курдукпут. Дьэ, сурук тутар инибин. Баһыылката уонна сурукта маннык аадырыска ыытыҥ: Антипиха, Читинской области, почтовый ящик 1233/36. Красноармейцу Мандарову Никандру Васильевичу. Билигин арыый кэҥээтим. Хайдах эрэ, биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай диэх курдук. Ол эрээри “сытыйбатах” киһи бэрт буолуо этэ.

Быраһаайдарыҥ, эһиги Ньукуускут.

1941 сыл, алтынньы 15 күнэ.

 

Ийэм уонна доҕорум Даайа, дорообото тутуҥ!

Бастатан туран, сахалыы сыллаан ылаттыыбын. Баһыылкаҕыт иһин барҕа махтал. Миэхэ үтүлүк уонна куллука олус абыраллаах таҥаһынан буоллулар. Сылаас да сылаас. Маны ийэм тикпитэ, маны Даайа тикпитэ дии-дии сыллаталаан ылабын.

Армияҕа сылдьарым туһунан ыспыраапка ылан ыыттым да, ол туһалаабата буолуо. Телеграмманы көҥүллээн ыыттарбаттар. Билигин байыаннай бириэмэ, кыра да куһаҕаны оҥордоххо эбэтэр ол-бу нолуоктан аккаастаннахха улахаҥҥа туруо. Мээнэ хаалларыахтара суоҕа. Онон сэрэнэр сөп буолуо этэ. Ити, ийээ, эйиэхэ этэбин. Даайа этэрин иһит. Ол ынаххыт төбөтүн аайы түһэр нолуок арыыгытын мунньаргытыгар тиийэҕит. Эн куһаҕаны судаарыстыба иннигэр оҥордоххуна, мин эмиэ киһи буолбаппын. Эбэтэр мин оҥордохпуна, эһиги эмиэ үчүгэйдик олоруоххут суоҕа. Биһиэхэ байыаннай балаһыанньа буолта ыраатта. Син биир барар суолу биэриҥ. Бэйэҕит хайдах олороҕут? Холкуос сүөһүтэ-аһа төһө бэркэ турар, атын ыаллар хайдах олороллор? Мохсоҕоолоп биһигиттэн быстан, атын сиргэ үөрэммитэ, соторутааҕыта фроҥҥа барбыт үһү.

Ийэм эрэйдээх ытыыргын кыанаҕын, ытааҥҥын даҕаны хайдах да гынар кыаҕыҥ суох. Хайа, уонна сотору, этэҥҥэ эрэ буоллар, сиэҥҥин харайыаҥ дии. Онон бэйэҥ бодоҕун тардын. Хотоороптор оннооҕор буолуоҕу уйбуттара дииргин умнума. Далбарбын Даайабын алыс даа аҕынным.

Кыанар эрэ буолларгыт сүөһүгүтүн эһимэҥ. Кэлин көстөрө кытаанах буолуо. Марбатааҕы ампаары холкуоска атыылаан кэбиһиҥ. Таах туран эрэ эмэх буолан хаалыаҕа, дьоҥҥут хара көлөһүннэрин харыстааҥ. Мин, сэрэйдэххэ, уһуур киһи буолуом.

Көрсүөххэ диэри, Ньукуус.

1941 сыл, сэтинньи 9 күнэ. Чита-1.

 

Улахан дорообо!

Эмиэ атын сиргэ бырахтылар. Ситэ үөрэммэтибит даҕаны. Сатаҕай соҕус дьаһаныы барар дуу диэн ытырыктата саныыбын. Маарыйа эмээхсин ынаҕа көһүннэ дуо? Күрээбиттэр дьыалалара хайдаҕый? Босхолоннорбун эрэ, дойдубар түүн-күнүс тохтоло суох түһүөм этэ. Санаан кэлэбин, урут дойдубар хайдах курдук көҥүл-босхо улаатан үөскээбиппин, ол гынан баран хайдах да гынар суох. Санаа сүрдээх күүстээх, туой дойдубар этэҥҥэ тиийиэҕим дии саныыбын уонна тиийиэх да тустаахпын. Арай хаһан тиийэр чааһа мунаах соҕус…

Балайда айаннаан, Свердловскай куорат аттыгар кэллибит. Айан олус бытаан. Бастаан турдахпыт утаатыгар айан үчүгэй этэ, онтон уонча хонук куһаҕаннык аһаан, айаннаан кэллибит. Аара көрдөххө, ас чааһа улахан күчүмэҕэй. Баһаар сыаната маннык: биир киилэ ынах этэ 90 солк., балтараа киилэ арыыны биир дьахтар мөһөөх сүүрбэ диэбитэ, килиэп киилэтэ 50 солк., сибиинньэ этэ мөһөөх алта уон солкуобай. Оннооҕор мохуорка биир хаатын 80 солкуобайга ылаллар. Сэрии уһаатаҕына, ити эһиэхэ эмиэ тиийиэҕэ.

Аара көһөрүллээччилэри уонна бааһырбыттары көрсүтэлээбиппит. Бааһырбыттары Иркутскайга тиийэ илдьэллэр.

Мантан антах суруктарбын бэйэҕит эрэ ааҕыҥ. Сорох дьон ол-бу диэн омуннаан кэпсиир идэлээх буолар.

Эҕэрдэни кытта Ньукуус.

 

Ахтар-саныыр күндү дьонум, дорооболоруҥ!

Сылдьыы этэҥҥэ. Үөрэнэбит Челябинскай уобаласка баар Чебаркуль диэн лааҕырга. Үөрэх да куһаҕана суох, сотору бүтэрбит буолуо. Бу миэстэбититтэн, арааһа, фроҥҥа утаарыахтара. Ыстапаан ханна эрэ үлэҕэ түбэспитэ. Онон Ньукулаастыын эрэ билиҥҥитэ бииргэ сылдьабыт да, биир-биир онно-манна ыыталыы тураллар. Биһиги билигин эһигиттэн сэттэ тыһыынча килэмиэтиргэ чугаһыыр сиргэ Урал хайаларыгар баарбыт. Хаартаҕа көрдөххүтүнэ, билиэххит төһө ырааҕын. Үөрэх бириэмэтэ кылгас буолан, эһигиттэн сурук ылбакка барарым буолуо. Сотору хомуурга түбэһиэхпиттэн ыла аһаппыт иэстэрин төлүү барарым буолуо. Үгүһү кэпсиир сатамматын бэйэҕит да өйдүүр инигит.

Ньургун илиитин уруһуйдаан ыыппыккытын түөспэр укта сылдьабын. Санаабар, сып-сылааһынан илгийэр курдук. Миэхэ ордук туга маарыҥныырый?

Эһиги ааккытыгар 200 солк. почтанан ыыппытым. Ону ыйыталаһан ылаарыҥ. Ньукулаас эмиэ переводтаабыта, онон кэргэнигэр этиҥ. Баҕар, суруга тиийбэккэ хаалыа. Лааҕырга сылдьан суруйар түгэн да суох курдук. Уонна биир хомолтолоох түгэни кэпсиэхпин баҕарабын, Араппыана биэрбит саппыйатын сүтэрэн кэбистим. Мэлдьи түөспэр кэтэ сылдьыбытым этэ. Ону лааҕыр политруга, хантан билбитэ буолла, сии сыста. “Эн Сталины, партияны итэҕэйбэккэҕин, эргэ олох хаалынньаҥын итэҕэйэҕин дуо?” — диир. Хайыахпыный, уһуллаҕым дии. Нуучча саллааттара этэллэринэн, биир кириэстээх уолтан эмиэ уһултарбыт үһү. Рота командира Иванцов: “Билигин ханна эмэ ууран эр, фроҥҥа бардаххына кэтээр”, — диэн сэмээр уоскуппута. Иванцов сэриигэ бааһыран, билигин саллааттары үөрэтиигэ анаммыт бойобуой командир. Инньэ гынан, таҥаһым быыһыгар уура сылдьыбытым этэ да, билигин, эппитим курдук, суох. Чэ, эһиги айманымаҥ, баҕар, көстүө. Биир нуучча уола чаһытын сүтэрбитин бараары хомуна сылдьан булбут этэ. Онон мин да эрэнэ саныыбын. Бу куоракка үлэҕэ киирэ сылдьан суруйдум. Сотору массыынабыт кэлиэхтээх, онон түмүктүүбүн. Почтаҕа түһэрэ охсуохпун наада. Этэҥҥэ олоруҥ. Ньургуну мин ааппыттан сырылаччы сыллаан ыл. Мин дэҥ өллөхпүнэ, Ньургун миигин суохтаппат киһи буоллун.

Түһээн куруутун дойдубар баар буолабын. Дьикти баҕайы.

Биһиги түбэҕэ туох сонун баар? Кимнээх холбостулар, араҕыстылар? Аармыйаттан ким төнүннэ?

Сахалыы кинигэ-хаһыат ааҕыахпын баҕарбытым иһин хантан кэлиэ баарай? Оннооҕор нууччалыы уус-уран литература суох, “Правданы” уонна фронтовой хаһыаттары эрэ ааҕабыт.

Чебаркуль лааҕыр почтовай дьааһыга 3/42, литер Б-1. Бу аадырыска суруйаҕын, бу сурук таһыгар ыйыллыбыт аадырыска буолбатах. Баҕар, баар буолуом.

Барыгытын сыллыы хаалабын, Ньукуус.

1942 сыл, ыам ыйын 20 күнэ. Чебаркуль куорат.

 

Ийэкэм уонна ахтылҕаннаах доҕорум Даайа,

өссө кырачаан уолум Ньургун, дорообо бастыҥын тутуҥ!

Бу оруотабыттан суруйан эрэбин. Бэйэм доруобуйам уонна сылдьыы чааһа кэминэн. Күн тура-тура өстөөҕү хайдах өлөрөр үөрэххэ буһабын-хатабын. Өстөөх диэн киһи буолбатах дииллэр да, айыы санаалаах киһиэхэ дьулаан быһыы-майгы… Итинник саныыбын эрээри, оттон, сэриигэ киирдэххэ, тыын тыыҥҥа харбас буолаа ини…

Күн уота бу дойдуга киһи кыайан тулуйбат үлүгэрэ буолла. Бу бэрт хапсык саас ааһан эрэринэн сылыктаатахха, улахан кураан турар чинчилээх. Бурдук-от дуома мөлтөх буолууһу. Былыргылар сэрии кураан-сут мэҥэһиктээх диэн мээнэҕэ эппэттэр быһыылаах. Онон биһиги дойдуну да тумнубата чуолкай. Итини өйдөөн, үчүгэйдик тэринэн олоруох тустааххыт.

Сүөһүгүтүн этэҥҥэ күөххэ үктэннэрбиккитигэр эрэнэбин. Сэрии син хаһан эмэ уурайар ини, оччоҕо хайаатар да дойдубар эргиллиэм буоллаҕа дии. Онон ийэм эрэйдэнэбин-муҥатыйабын диэн эймэнийэ олорума. Куруутун эһигини түүлбэр түһүүбүн, кыстыкка көһөргө сылдьар буолабын. Ийэкээм, эн хараҕыҥ уутун мин манна илэ билэргэ-көрөргө дылыбын. Ол олус ыарахан, бэйэҕин кыатана сатаа. Туох эмэ буолар түбэлтэтигэр да, Ньургунум эн аттыгар буолуо дии. Бүгүн хамнаспын 18 солк. ыллым, ону ыытабын бу сурук иһигэр уган.

Бу дойдуга сайын кэлэн турар диэххэ сөп. Халлааҥҥа биир да былыт суох, сарсыарда күн тэмтэйэ ойуута күөрэгэй күөх халлааҥҥа ыраас хонуу үрдүнэн дьырылаччы ыллыыр, сэрии баарын арай кини билбэт… Атын көтөр-сүүрэр да кыһалҕата суох көрүлүүр. Уонна тоҕо мин дойдубун, дьоннорбун санаабат буолуомуй?! Бу бүгүн дойдум сайыҥҥы сырдык ып-ыраас күнүн санаан, сурук суруйа олоробун. Оттон сарсын-өйүүн уотунан уһуутуур тус арҕаа барыаҕым, дьылҕам буоллаҕа… Эһиги ону эмиэ үчүгэйдик өйдөөҥ. Тыыннаах эрэ буолларбын, хайдах босхолоннум да дойдубар барыам. Түүн да, күнүс да тохтоло суох түһүөм. Уол оҕо дьоллоох диэн былыргы өс хоһооно баар диэн этэллэр ээ. Оннук буоллаҕына, этэҥҥэ төннүөм. Дьиҥэр, мин син биир дьоллоохпун эбээт, кэм кэннибэр кэнчээрим хааллаҕа дии. Итинник санаатахпына, Даайабар хайдах махтаныахпын билбэппин. Манна букатын уу ньулдьаҕай оҕолор бааллар. Кинилэри аһына саныыбын, кырыыстаах буулдьа барыбытын тумнубата биллэр… Бу аадырыска уонна суруйумаҥ. Эппитим курдук, сотору боруоҥҥа киирэбит. Ньукулаас атын чааска барбыта. Саппыйабын билиҥҥитэ була иликпин. Оттон, көстөө ини.

Чэ, итинник.

Быраһаайдарыҥ, Ньукуус.

1942 сыл, ыам ыйын 30 күнэ.

 

Ахтар-саныыр дьонум, дорооболоруҥ!

Эһиги итэҕэйиэххит суоҕа, мин Миитээни көрүстүм. Миитэрэй Хойутаанабы. Сир-дойду кыараҕас да буолар эбит. Көрсүспүт күммүт киэһэтигэр кини тохтообут дьиэтигэр тиийэн, түүнү супту эһигини, дойдубутун ахтан-санаан кэмэ суох дьоллоннубут. Миитэрэй урукку Миитэрэй буолбатах, ыстаарсай лейтенант, оруота хамандьыыра. Мин кини оруотатыгар түбэстим. Онтон олус үөрдүм, маннык быһаарыылаах кэмҥэ чугас билэр киһиҥ аттыгар буолар үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Бэйэтэ төһө да инньэ диэбэтэр, арааһа, кини көрдөстө быһыылаах. Миитэрэй: “Атын саллааттар баалларыгар сахалыы саҥарыма, сэриигэ убай-быраат, доҕор-атас диэн суох”, — диир. Онон сорох ардыгар этиэхпин даҕаны эппэппин курдук. Хайдах эрэ туттунабын. Биһиги сураҕа…  (хараардыллыбыт) …өрүс таһыгар баарбыт. Тимир суолунан… (эмиэ) …диэн ыстаансыйаҕа түүн кэлэн сүөкэммиппит. Уонна эмиэ түүннэри айаннаан, бу билигин баар дэриэбинэбитигэр кэлбиппит. Миитэрэйдээх чаастара уоттаах кыргыһыы толоонуттан тахсыбыта аҕыйах хоммут. Ол да буоллар, биһигинэн — боруоҥҥа саҥа кэлбит саллааттарынан — толорон баран, эмиэ инники кирбиигэ быраҕыахтаахтар. Миитэрэй кэпсииринэн туох даҕаны иэдээннээх кыргыһыы буола турар үһү. Хайдах буолабын?.. Уонна күн ахсын сүүстүү грамм арыгы биэрэллэр, ону атын саллааттарга түҥэтэбин. Ымыы саппыйам туһунан кэпсээбиппэр Миитэрэй күлэн кэбистэ. “Ону-маны итэҕэйимэ”, — диир. Оттон бэйэм санаабыттан Араппыана тыла арахпат. Ханна сүтэн хаалбыта буолла?.. Чэ, ол да буоллар, санаарҕыы сылдьымаҥ. Син эриһээ инибин. Мин ааппыттан Ньургуну сыллаан ылыҥ. Төһө улаатта? Көрбүт киһи.

1942 сыл, от ыйын 16 күнэ. Этэҥҥэ буолуҥ, Ньукуус.

 

Алаастыырап ойон туран, кыараҕас хоско өрө-таҥнары хаамыталаан иһэн, бэйэтин дьиэтигэр буолбатаҕын өйдүү биэрдэ. Дьиэлээхтэр — оҕонньордоох эмээхсин — хайыы үйэ утуйбуттар быһыылаах. Сэмээр, тыаһаабат буола сатыы-сатыы, оронун оҥостон сытта да, уута кэлэ охсон биэрбэтэ.

Суруллуохтаах кэпсээнин оҥкула санаатыгар өрө-таҥнары саамыламмытынан барар.

Биллэн турар, сурукка этиллибити соччо туһаныа суох. Партия уус-уран айымньы идейнэй буоларын ирдиир. Ойууну-абааһыны итэҕэйэр сэбиэскэй буойун туһунан кэпсэтии да барыан сатаммат. Литература коммунизм сырдык идеаллара туругуралларын туһугар сулууспалыахтаах. Уонна, фашист танкаларыттан салыбырыы куттанан куоппут киһи (саллаат-буойун да диир сатаммакка дылы) Ойуунускайга сүгүрүйэр этэ диэн суруйдаҕына, ким бэчээттиир уонна баһа хас буолар?!

Суох-суох. Оннук хайдах да сатаммат эбит. Итини кэпсээнигэр туһаныа суох. Ол эрээри… ол эрээри Ийэ дойдутун уонна бүтүн советскай норуот иннигэр биэрбит андаҕарын сиргэ-буорга тэпсэн куоппут киһи диибин да, тоҕо мин Ньукууһу аһына саныыбыный?! Дьикти! Кини, Миитэрэй кэпсээбит Уһааттыырап политруга (украина тылыттан тылбаастаатахха, Бондаренко диэн араспаанньа итинник тахсар ээ, һэ-һэ) этэрин курдук, “таҥнарыахсыт” дуо?! Кими-тугу таҥнарбытый?! “Уһаат оҥорооччу” эппитэ чахчы дуо? Хайа, хайдах-хайдах буолан бардым?.. Советскай Ийэ дойдубутун таҥнарбыт буолбатах дуо?! Оттон советскай тутул эмиэ даҕаны, Даайа кэпсээнинэн сирдэттэххэ, Ньукуус чугас дьонун соччо сыанан-арыынан аҕаабатахха дылы… Бэйэтэ да салгыы сайдар-үөрэнэр кыаҕа бохсуллубут курдук… Маачаха курдук сыһыаннаспыт диэххэ син. Ол аата, Миитэрэй биһикки сүгүрүйэр Советскай Союзпут Ньукууска хаһан да тапталлаах Ийэ дойду буолбатах муҥа буолуо дуо?.. Ама?!

Оттон куттал диэн тугуй? Куттаммат киһи диэн баар дуо? Иирбит эбэтэр кэрээниттэн тахсыбыт эрэ киһи куттаммат буолуохтаах. Ама киһи барыта куттанар… Оччоҕо ырыаҕа ылланар капитан Гастелло, номох буолбут Александр Матросов эбэтэр бэйэбит биир дойдулаахпыт Клавдий Краснояров хайдах бэйэлэрин тыыннарын харыстаммакка хорсун быһыыларын оҥорбуттарай?! Кинилэри өстөөхтөргө тыыннаах буомба буолан саалларга, сибиниэһинэн тибиирэ сытар амбразураны сыгынньах түөһүнэн бүөлүү түһэргэ туох күһэйбитэй?! Туох?!

Номох уонна олох ыккарда төһө ырааҕый? Ол гынан баран, олох кырдьыгыттан номох үөскүүр буолбатах дуо? Номох, номох, номох… Номох баар өйгө-санааҕа, олоххо хайдах дьайарый? Номоҕунан эрэ олордоххо, дьиҥ олохтон тэйэҕин буолбатах дуо?..

Алаастыырап тоҕонохторунан остуол сирэйигэр тирэнэн, икки илиитинэн чэчэгэйдэрин ыга туттан, умса нөрүйэн олорболуу түстэ, онтон эрчимнээхтик ойон туран, түннүк сабыытын чиккэччи тарта. Хараҕар утары турар бырабылыанньа дьиэтин аанын үрдүнэн тиирэ тардыллыбыт кыһыл былакаат элэкис быраҕыллан ааста. Ону Алаастыырап аахпакка да билэр: “Партия ХХ съеһин уураахтарын — олоххо!”.

Советскай дойдуга советскай тутулу туругурдар номох булгу наадатын саарбахтыахха сатаммат, табаарыс Алаастыырап!

Оннугун оннук даа, Ньукуус сордооҕу син биир аһына саныыр эбиппин… Тоҕо?

6.

Халлаан сырдыахча буолла. Оттон Миитэрэй утуйбата. Тыал даҕаны астар санаата суох курдук. Тохтоон сэниэ ыла-ыла, быһыта биэртэлиир. Оччоҕуна дьиэ эркинигэр кэтиллэн, сыналыйа-онолуйа түһээт, эмиэ ах баран хаалар. Баатыгарын, бу сиргэ лигиччи түспүт быыкаа дьиэ эркинэ кинини улаханнык мэһэйдиир быһыылаах. Тугун былдьаппыта буолла?!

Миитэрэй илиитин уунан, эркин уотун уматта. Онтон сыттыгын анныттан Алаастыырап кинигэтин хостоон таһаарда уонна ачыкытын кэттэ.

“Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллаат олоҕун быыһыыгын, балаһыанньаны өрүһүйэҕин. Кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук. Оннук. Ол эрээри итини киһи эрэ барыта сөпкө өйдүүр буолбатах…” — тиэрэ түһэ сытан, кумааҕы кыбытыылаах сирэйи арыйан, ботугураччы ааҕан баран, кинигэни түөһүгэр умса ууран кэбистэ.

Бу, кырдьык, оччотооҕу Миитэрэй эппит тыллара, мэлдьэх суох. Ол гынан баран, кэнники сылларга ити тыллар кини мэйиитин арахпакка чүүччүлүүллэр.

“Ол эрээри итини киһи эрэ барыта сөпкө өйдүүр буолбатах…” Сөпкө… Ол аата хайдах? Ол сөбү ким быһаарарый? Чэ, сөп — урут хомуньуус баартыйа быһаарара. Ити, били Багдарыын Сүлбэ суруйарыныы, үүрбэ сүөһүтүн курдук үүрүллэ сылдьар сахха буоллун даҕаны. Оттон билигин — ким?! Ханнык улуу сирдьит ону киниэхэ ыйан биэрэр?! Ону бэйэтин кэмигэр: “За Родину, за Сталина!” — диэн хаһыытаабытынан биир рота саллааты кырыктаах атаакаҕа уонунан төгүл киллэрбит Миитэрэй билигин ылынар дуо?..

Миитэрэй ити боппуруостарга эппиэт көрдүү сатыыр да, туһа суох. Сыгынньах сүүһүнэн таас эркини лигийэр курдук.

Таах даҕаны билигин кини ылынара-ылыммата улахан суолтата суох. Сарсын-өйүүн анараа дойдуга аттаныа турдаҕа. Ол хаалар дьоҥҥо туһааннаах. Даайаҕа, сиэнигэр Ньууккаҕа…

Ньуукка булгу баар буолуохтаах. Миитэрэй ордубута, Ньуукка да тыыннаах хаалыаҕа! Сэриигэ киһи барыта өлбөт!

“Ол эрээри киһи барыта ордубат…”

Бээ, ити Алаастыырап Ньукууһун тыллара дии…

Миитэрэй салҕалас илиитинэн чааскытын харбыаласта уонна, икки дьабадьытынан тыккырата-тыккырата, иҥсэлээхтик ыймахтаан иһэн, тыбыыран кэбистэ:

— Айыбын даа! Айыбын! Туох ааттаах тунуйбута буолла!

Сиргэ түспүт кинигэтин төттөрү сыттыгын анныгар угунна уонна, суорҕаныгар сууланан кумуйуоҕунан кумуйан, эркин диэки хайыста.

Тымныыта бэрт. Силиилэрэ кытта бөһүйбүккэ дылылар. Оһох оттубут киһи. Чэ бээ, Марыына киирдин…

* * *

Миитэрэй халлааҥҥа таҥара баар да буоллаҕына, бэрт ырааҕын уонна киһи кыһалҕатыгар тоҥкуруун соҕус сыһыаннааҕын сэриигэ сылдьан дьэҥкэтик удумаҕалаппыта. Биллэн турар, киһи бэйэтэ да таҥара буолбатаҕа өйдөнөр суол, ол эрээри хас биирдии быһаарыылаах түгэн, чыпчылҕан хайдах быһыылаахтык салаллыыта үксүгэр быһаччы киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах буолар эбит этэ.

Ротатыгар Тахир Салихов диэн киниэхэ связнойдыы сылдьыбыт татаар уола баара. Соло буоллар эрэ, хаһан да ыпсыбат болтоҕор уостарыгар бигии тутан, трофейнай уос гармошкатыгар араас көрдөөх матыыптары оонньообутунан барар идэлээҕэ.

Бас, кызым Гүлнэрэ,

Сэн баса — мен баса! —

диэн ыллыы-ыллыы битийэ турара бу баар курдук. “Дойдубар кып-кыра Гульнара диэн кыыстаахпын, кырдьык, кини үҥкүүлүүр буолан, мин үҥкүүлүүбүн, мин ити ол туһунан ыллыыбын ээ, “гүл” диэн татаардыы сибэккини этэбит”, — дии-дии кэргэннээх кыыһын хаартыскаларын көрдөрөрө.

Биирдэ Арҕаа Украина кыра хуторыгар хоно сыттахтарына, бандеровецтар саба түспүттэрэ. Сыбдыйан киирэн, таска турар кэтэбили улахан тыаһа-ууһа суох дьакыйталаабыттар этэ. Онтон ис кэтэбилгэ, “собачкаҕа”, турбут сэрэх-кыраҕы харабылга кэтиллэннэр, түрүлүөн тахсыбыта. Онно турбут ефрейтор Мишуров мөлтөөн биэрбитэ буоллар, барыларын да дьууктуо этилэр, өлөрдүү утуйа сытар дьону. Дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, кытаанах ньыһыйсыы диэн, дьэ, онно этэ. Хабыс-хараҥа. Ким кими ытарын билбэт үлүгэрэ. Ол быыһыгар сыгынньах илиинэн биликтэһэн, быһаҕынан уонна саа луоһунан уҥа-хаҥас сырбатыһыы. Нууччалыы-хохуоллуу маат-куут, сарылаһыы-орулаһыы оргуйан олорор. Инньэ гынан, бэйэҥ киһиҥ дуу, өстөөх дуу диэн, саатар, маатырытыттан да билбэккин. Аана суох алдьархай, иэнэ суох иэдээн диэн ол этэ. Миитэрэй, кылана-кылана мэһэйдии сатыыр дьиэлээх оҕонньору түҥнэри охсон баран, утуйа сыппыт мазанкатын соломо сарайыгар уот анньыбыта уонна: “Крыши пали!” — диэн хамаандалаан бытарыппыта. Сонно тута сэргэ турар сарайдар өрө күүдэпчилэнэн тахсан, хутору биир гына сарыгылдьыта сырдаппыттара. Хутор дьахталлара өй-мэйдээх тулуйбат ыһыытын-энэлгэнин түһэрбиттэрэ, сорохтор букатын даҕаны, сэрии буола турар диэбэккэ, умайа турар хаталарын өрүһүйээри, өрө-таҥнары сүүрэкэлэһэн барыгылдьыспыттара. Ол да буоллар, ити эрэ кэннэ үлүбүөй булумахтаныы тохтообута…

Дьэ, ол быһылаан кэмигэр Салиховы биир олус ыкса киирбит бандеровец кынчаалынан сиирэ-халты саайталаабыт. Кэлин көрдөххө, иэдэһин уонна саннын сукку биэртэлээбит этэ. Ону хайдах эрэ кынчааллаах илиитин харытыттан хаба тутан, бүтүннүү самогонка сытынан аҥылыйар өстөөҕүн кыл мүччү хатыйан суулларбыт да, тииһинэн хабарҕатыгар түспүт… Тыын тыыҥҥа харбас буоллаҕа. Эбэтэр кини, эбэтэр бандеровец. Иккиттэн биирдэрэ. Туох баар сыккырыыр күүһүнэн тута сылдьар бандеровеһын кынчааллаах илиитэ нукаай курдук буолбутугар биирдэ турбут…

Сэриигэ киһи оннук харсыттан тахсар, кыыллыйар эбит этэ.

Сарсыарда, бандеровецтары этэҥҥэ төттөрү охсон баран (дьиҥэр, кыдыйан баран диир сөп, ахсааннаахтара куоппут буолуохтаах) ааҕыммыттара — ротаттан сүүрбэ сэттэ киһи өлбүт уонна, халымырдык бааһырбыттары аахпакка туран, биир оччо киһи ыараханнык бааһырбыт диэн буолбута. Хутор олохтоохторуттан да өлбүт-эчэйбит элбэх быһыылааҕа. Миитэрэй ону чуолкайдаһар солото да, баҕата да суоҕа. Бэл, сүүлэ испит сыҥаахтаах оҕонньорго биир эмэ тылы кыайан булан эппэтэҕэ… Туох да диэ этэй?! Бырастыы диэн дуо?!

Оттон Салиховтара били бандеровец өлүгүн булан баран, төкүнүйэ сылдьан, хотуолаа да хотуолаа буолбута.

Эмиэ Салихов курдук хоп-хойуу хаастаах, будьурхай баттахтаах эп-эдэркээн хохуол уола холуодьас ойоҕоһугар хап-хара эрилкэй харахтарынан өндөл мэҥэ халлааны иччитэ суоҕунан көрө сытара. Оттон хабарҕатыттан, ынырык баҕайы баас аҥайан, өһөх хаан халыйа хараара. Хаҥас илиитинэн сир кырсын кытаахтаабыт этэ, оттон уҥа илиитин тарбахтара, өссө да кынчаал тута сылдьардыы, бобо көһүйэн туртаһаллара уонна френчэтин түөс сиэбиттэн уос гармошката күн уотугар килэбэчийэ оонньуура…

Миитэрэй ол түбэлтэ кэннэ Салихов гармошкаҕа оонньуурун сэдэхтэ көрбүтэ. Биирдэ эмэ атын саллааттар көрдөһөллөрө бэрдиттэн тыаһатар быһыылааҕа. Уонна ол оонньооһуҥҥа, уруккутугар холоотоххо, туох эрэ тиийбэт курдуга. Кут-сүр кыыма диэххэ дуу?..

Гвардия старшината Тахир Салихов 1945 сыл сааһыгар Германия Форст куоратыгар акаары гитлерюгенд балай буулдьатыттан охтубута. Олус абаккалаахтык, Кыайыы буолуо букатын аҕыйах хонук иннинэ…

Кинилэр оскуола дьиэтигэр отучча гитлерюгенд хорҕойбутун төгүрүйбүттэрэ. Тула өттүттэн ыаҕастаах уулуу тохтоло суох кутуллар Геббельс дойҕоҕун сабыдыалынан букатын да күөх оттон сэрбэйэ илик сылдьан алдьааһырбыт оҕочоостор кими да быктарбакка харса суох ытыалаан тибиирдэллэрэ, үөрэммит оскуолаларын бары үүтүн-үөлэһин билэллэрэ да сүрэ бэрт быһыылааҕа. Инньэ гынан, Миитэрэй саллааттарын харыстаан, комбаттан “сорокопятка” расчётун ыытарыгар көрдөспүтэ. Сотору соҕус артиллеристар пушкаларын состорон аҕалан, оскуола иннинээҕи плац кытыытыгар үтэн киллэрбиттэрэ. Уонна көнө наводканан ытардыы оҥостон эрдэхтэринэ, оскуоланы кэлтэйдии сытар пааркаҕа мас быыһыгар кирийэ сытар иккис взвод позициятыттан взвод командирын эбээһинэһин толорооччу старшина Салихов гармошкатыгар ханнык эрэ немецтии матыыбы оонньообутунан ойон туран, аҥаар илиитинэн далбаатыы-далбаатыы, оскуола диэки хаампыта. Эмискэ баҕайы уу чуумпу буолан хааларга дылы гыммыта. Тула баар барыта тыынардыын-тыымматтыын тугу эрэ көһүппүттүү тыҥаабыта. Миитэрэй уонна оннук иэйиилээхтик, мэктиэтигэр үүнэн турар от-мас иһиллиирин курдук, оонньуулларын ханна да, хаһан да истибэтэҕэ. Плац ортотугар буомба дуу эбэтэр улахан калибрдаах гаубица снаряда дуу эстибит оҥхойун ааһыахча буолан эрдэҕинэ, бинтиэпкэ эстэн түптэ сааллыбыта да, Салихов сүрэҕин туттубутунан өссө иккитэ-үстэ хардыылаат, умса барбыта. Оттон музыка сонно тута быһа барбатаҕа, хайдах эрэ өрүһүспүттүү тыаһаабыт дорҕооннор дьүрүскэннэрэ эмискэ баҕайы хойдон хаалбыт салгыҥҥа бэрт бытааннык симэлийбиттэрэ.

Дөйө көрөн турбут Миитэрэй, биноклын илгэн кэбиһээт, кини диэки ыйытардыы көрбүт расчёт командирыгар “Огонь!” диэн сапсыйан эрдэҕинэ, оскуола түннүгүттэн маҥан өрбөҕү тэлибирэтэ далбаатаабыттара. Онтон сотору соҕус буолаат, оскуола параднай аанынан илиилэрин өрө ууммут уон биэстээх-уон алталаах бэдиктэр уку-суку субуһан тахсыбыттара.

Наһыылкаҕа түөһэ биинтэнэн тууйа эриллэн, хахха сиргэ сытар Салихов кини кэлбитигэр, ыараханнык тыынан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү: “Командир, прости…” — диэбитэ. Онтон илиитигэр тута сытар гармошкатын ууммута: “Командир, я почему-то стеснялся говорить, что я учитель музыки… а это передай этим мальчишкам, пожалуйста… Гүлнэрэ… Гүл… Гүл…” Уонна өйүн сүтэрэн, симириктии сыппыт хараҕын өҥүргэстээҕинэн көрөн кэбиспитэ. Мап-маҥан биинтэҕэ туочука саҕа хаан оҕуолаан тахсан, тэнийдэр тэнийэн барбыта. Аттыгар турбут санитардар Салиховка умса нөрүйбүттэрэ, оттон Миитэрэй плац ортотугар дьэҥдьиллэ турар гитлерюгеннэргэ ыстаммыта.

Субу тыыннаахтыы сиэтэлээн кэбиһиэхтии хатыылааҕынан тэһитэ көрүөлүүр азиат офицер курбалдьыйан кэлбитигэр немец уолаттара харахтарын умса көрөн, ылы-чып барбыттара. Онтон сиэбиттэн гармошканы хостоон таһаарбытыгар букатын да өлөн-өһөн хаалбыттара.

— Кто?! — гармошканы өрө ууна-ууна хаһыытаан бытарыппыта.

Эмискэ аттыгар баар буолан хаалбыт политрук Морозов (кини хаһыат үлэтигэр барбыт Бондаренко оннугар кэлбитэ) сибигинэйбитэ:

— Так нельзя, командир, они же пленные… Даже не пленные, а мальчишки… Пойми, Дмитрий…

Миитэрэй, саллаат таҥаһын оҕотук санныгар халҕаччы кэтэн турар сынталлыбыт муруннаах уолга утары хардыылаат, тимиччи кэтэн турар кааскатын туура тардан ылан, уопсай чөмөххө быраҕан таҥкынаппыта. Уонна гармошкатын ол уолга ууммута. Уол уоһа ибигирии-ибигирии, баһын быһа илгистибитэ.

— Nimm! Dast ist ein Souvenier («Ыл! Бу — сувенир»), — Миитэрэй кутталыттан чыпчылыйбат да буолбут уол илиитигэр күүһүнэн туттараат, туора хаампыта…

Гитлерюгеннэри сааларын-саадахтарын суйдаталаан баран, дьиэлэригэр ыыталаабыттара. Бирикээс оннук этэ.

Оскуоланы истэри-тастары чүүччэйэн, дьэ, бүтэн барыахча буолан эрдэхтэринэ, тарбыйах салаабытыныы ньылаччы тарааныллыбыт сырдык баттахтаах, хатыҥыр уҥуохтаах уонна куохаллыбыт моонньулаах немец уола тиийэн кэлбитэ. Илиитигэр Салихов гармошкатын тута сылдьара, онто киирэн эрэр күн уотугар, киһи хараҕын быһыта биэрэн, килэбэчийэ тыган ылаттыыра.

Кинилэр баралларыгар плац ортотугар икки тобугун кууспутунан умса нөрүйэн, уҥуох-иҥиэх санна ыгдаҥалыы хаалбыта…

* * *

Даа, итинник эмиэ баара… Салихов этэҥҥэ тыыннаах хаалбыт этэ. Ону Миитэрэй аан бастаан оччотооҕуга Москуба анныгар олорбут саппаас полковнига Морозов суругуттан билбитэ. Морозов кэлин бииргэ сэриилэспиттэрин туһунан бэрт дьоһуннаах кинигэни бэчээттэппитэ, туох даҕаны элбэх ветераны кытта суруйсара. Барахсан, үлэһит киһи эбит этэ.

Кыһыл болуоссакка буолбут Кыайыы 40 сылыгар аналлаах парадка сылдьан Миитэрэй однополчаннарын бүтэһигин көрсүтэлээн турар. Аас маҥан баттахтаах да буоллар, уруккутунуу көрдөөх-нардаах Салихов онно гармошкалаан ахан биэрбитэ. Инбэлиит кэлээскэтигэр үттэрэ сылдьабын диэбэт көрүҥнээҕэ. Кыайан хаампат буолбута уонтан тахса сыл ааспыт эбит этэ. Онно били чолоппуус уолҕамчы буулдьата оруолланнаҕа…

Онтон ыла улахан уларыйыылаах сыллар тигинээн аастылар, ол түмүгэр хаһан эрэ биир сомоҕо сэбиэскэй дойду чэчирии сайдарын туһугар хааннарын харыстаабатах однополчаннара тус-туһунан государстволарга олорор буолан хааллылар, эпоха чиэһэ уонна суобаһа аатырбыт хомуньуус баартыйалара ыһылынна, фабрикалар-собуоттар чааһынай бас билиигэ бардылар, совхозтар эһиннилэр… Ити туһунан айманыы бөҕөтүн айманан, Бондаренко Сойуус ыһылыннаҕын утаатыгар суруйан турардаах: хайдах маннык буолла, тоҕо таҥнардылар, бу кризис хаһан саҕаламмытай диэн… Миитэрэйи кини ол парад сылыттан булан түбүлээбитэ. Ордук Саха сирин булдун-алдын, түүлээҕин туоһулаһара. Күүлэйдии кэлиэн баҕарара. Бондаренко… Уһааттыырап… Кураанах уһаат хаһан да таҥкынас буолар…

Оттон ол этэр “таҥнарыытын” төрдүн-төбөтүн туох билиэ баарай?! Арай сорох хаһыакка-араадьыйаҕа суруйалларын-кэпсииллэрин курдук “үс улахан дуоһунастаах итириксит” ааргы дьаһалларын-уураахтарын содула эрэ буолбатаҕа чуолкай. Ельциннээх буолбут суолу кумааҕыга бигэргэттэхтэрэ эрэ дии… Оттон Сэбиэскэй Сойуус тоҕо тыал буолан симэлийбитин дьиҥ төрүөттэрэ элбэх буолуохтаахтар…

Аны ким да суруйбат, арааһа, кини өссө да бу үрүҥ күн сырдыгын көрөр ураты, тугунан да кэмнэммэт үрдүк дьолго тиксибит ахсааннаах однополчаннарыттан биирдэстэрэ быһыылаах… Киһи олоҕо олус даа кылгас… Били, хатыланан-хатыланан, хаһан да хал буолбат “тураах тэлиэс-былаас дайбанан көтөн иһэрэ түннүгүнэн көстөн ааһарын курдук” диэн тэҥнэбиллии…

Ол да буоллар, Миитэрэй Сэбиэскэй Сойуус курдук улуу дойду үйэтин куоһарда буолбаат?! Уонна баран, мутугунан быраҕар муҥур үйэ дии сылдьыҥ. Муҥур үйэ усталаах-туоратыгар даҕаны туох-туох буолбата баарай?!

Миитэрэй оргууй аҕай үөһэ тыынан кэбистэ.

Кэнники кэмҥэ Миитэрэй санаата киниттэн туһунан баран хаалбыкка дылы. Эмискэ баҕайы хаһан да үөйбэтэҕин-ахтабатаҕын саныы сытар буолар. Ону өйдөөн, бэйэтэ бэйэтиттэн соһуйар идэлэннэ. Дьикти…

Салихов ол түгэҥҥэ эмиэ “кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук” диэн сөбө. Ол эрээри диэбэтэх. Тоҕо?

Тоҕотун Миитэрэй билбэт. Миитэрэй Даайа тоҕо уокка киирбитин эмиэ билбэт. Уопсайынан, бу орто дойдуга мээнэ киһи мэйиитинэн билбэтэ, көннөрү киһи көхсүнэн сэрэйбэтэ олус элбэх. Алампаҕа, быһыыта, итиннэ хабааннаах тыллар бааллара.

Кини арай, историк киһи быһыытынан, аарыгыра кырдьыытыгар биири чуолкайдык өйдөөтө: икки атах унньуктаах уһун, эрэйдээх-буруйдаах суолугар сэриинэн силбиэтэммит, кыргыһыынан кыламмыт Илбис кыыһа киниттэн чыпчылҕан да түгэнигэр арахпакка буулуу сылдьар эбит.

Оччотугар “кыргыһыы кэмин дьэбир сокуона оннук” диэн санаанан салайтардахха, “дьэбир сокуон” мэлдьи күүһүгэр сылдьар буолан тахсар.

Оннук отой сатаммат. Отой, төрүт, дуостал. Хайа муҥун кыргыһан-кыдыйсан тахсыахха сөбүй?! Өйдөнөр уолдьаспатаҕа буолуо дуо?..

Өссө да саарбах курдук. Хара күүһүнэн өттөйөр өтөр-наар симэлийбэт чинчилээх…

Дьиҥэр, “күүһүлэспит күүдээх күүстэнэр” диэн айыы тыла уот харахха да этээхтиир эбит ээ.

Биһиги дойдубут буор көһүйэлии эмискэ үлтү барбыт, сахсайбыт уһааттыы үрэллибит биир төрүөтэ ити буолара дуу?.. Уонна биир уһуктан атын уһукка ыстаҥалыырбыт бэрт. Биир үтүө сарсыарда “кукуруза саҕа үчүгэй ас бу орто дойдуга суох” диибит, сарсыныгар тэһи астаран туран, “кукуруза диэн адьарай аһа эбит, амтыын кириэс, сибээт-сибээт” диибит. Дьэ, утума суохпутунан быстарбыт сордоохторбут. Ол билиҥҥи олохпутугар даҕаны арылхайдык көстөр. Холобур, Миитэрэй эдэр сылдьан, хомсомуол сорудаҕынан хараҥа нэһилиэнньэҕэ абааһы-таҥара суоҕун дакаастаһан балайда күүгэн аллыбыта. Интэриэһинэйэ диэн, аны кэлэн санаатахха, Ньукуус итинник мунньахтарга мээнэ сылдьыбат, сырыттаҕына даҕаны үксүн Даайалыын саҥата суох олороллор эбит ээ…

Оттон билигин оччотооҕу Миитэрэй курдук бэдиктэр бу орто дойдуну быыһаатаҕына таҥара үөрэҕэ эрэ быыһыыр кыахтаах диэн айахтара кытаран олорор. Атын таҥаралары кыраан-таныйан туран, кинилэр эрэ таҥаралара кырдьыктааҕын туһунан дойҕохтууллар. Ол кинилэр таҥаралара диэн, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, сирдээҕи өй айан таһаарбыт айыылара буоллахтара эбээт. Итини баҕас Мааркыс оҕонньор олус сөпкө суруйан турар. Ону билигин аахсыбаттар, Мааркыс оннугар чыҥха атын апостоллар күннэрэ тахсыбыт чинчилээх. Ити чааһыгар хаһыат да, араадьыйа да хаалсыбат. Киин буоллун, өрөспүүбүлүкэ буоллун. Бары чоргуйан олороллор, хара сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри. Уонна бука бары сиэртибэ хомуйаллар. Бэйэҕин сиэртибэлииргин даҕаны сирбэттэр быһыылаах.

Сиэртибэ диэбиккэ дылы, бээрэ-бээрэ…

“Биир куттас саллаат олоҕун сиэртибэлээҥҥин атын уонунан саллаат олоҕун быыһыыгын, балаһыанньаны быыһыыгын…” — Миитэрэй кинигэтин хостоон эмиэ уоһа ибигирээтэ.

Толук буолуон, сиэртибэҕэ барыан баҕарбатах киһини куттас диир сөп дуо?! Оттон атын киһини сиэртибэлииргэ, толук туттарга ким быраап биэрэрий?!

Ким?!

Тылга ким да биэрбэт, ол эрээри айыы киһитин сылаас хаана халыйан тохтообот. Ону барытын айбыт таҥара үрдүк халлаантан саҥата суох таҥнары көрөн олордоҕо… Оттон сирдээҕи “апостоллар” маҥалайдара туолуох быһыыта биллибэт…

Оннооҕор сүөһүнү кэрэх биэрэри боппут сэбиэскэй былааспыт төһөлөөх киһи сырдык тыынын толук туттубутун билигин кэлэн сөҕөбүт. Ордук Бытыктаах Оҕонньор кэмигэр. Ол Кини эрэ Кэмэ буолбакка, биһиги эмиэ Кэммит этэ эбээт, дьиҥэ да баара! Биһиги… ол иһигэр мин, бииргэ улааппыт доҕорун бу илиитинэн ымыттан да көрбөккө толук биэрбит Хойутаанап Миитэрэй Ыстапаанабыс… Һук, бу тугуй?!

“В результате тщательно проведённой спецоперации в Чечне была уничтожена банда боевиков. При этом федеральные силы потеряли двух солдат… “ — мааҕын “Аламай күнү” истээри холбуу сатаабытыгар үлэлээбэтэх араадьыйата (арааһа, тыалга боруобаттар хатыспыттар диэн сабаҕалаабыта) эмискэ баҕайы саҥаран дэлби ыстанан иһэн харан хаалла.

Онтон өйүн-төйүн булуон ыккардыгар эмиэ тиллэн: “Всего за месяц…” — диэн хардьыгынаан эрдэҕинэ, Миитэрэй оронуттан өндөс гынаат, хаба тардан ылбыт тайаҕынан араадьыйа холбуурун бэрт ньымсатык сулбу охсон кэбистэ.

Дьэ уонна тугу даҕаны айаар, бэйэҥ дьыалаҥ…

Миитэрэй аҕылыы-аҕылыы, уҥуох-тирии атаҕын намылытан, оронугар олорболуу түһээт, туран оһоҕун диэки бакыҥнаата.

Тууй-сиэ! Таапачыкатын анньынарын умнан быһа сытыйбыт. Чэ-чэ… Атаҕа тымныыны билбэтэ тоҕо бэрдэй?! Адьас утуйан хаалбыттар быһыылаах: тыһыынчанан иннэлэр тэһитэ кэйиэлииллэр. Ол гынан баран, тымныыны билэр аат суох. Оттон көхсө төттөрүтүн тыбыс-тымныы тимиринэн хаарыйталыырга дылы. Дьиэтэ уорааннаммыта сүрдээх.

Дьулус бэҕэһээ киирэ сылдьан, улаханнык дьоһумсуйан (дьиэтигэр киниэхэ ким сып-сытыы саха быһаҕын итэҕэйиэй?) тыырбыт чыыппааныгар испиискэ симик уотун даҕайарын кытта оһоҕо куугуначчы тыаһаабытынан барда.

Дьэ бэрт, өссө чаас курдук сыта түһүөххэ син. Тыал, быһыыта, намыраабыт.

Миитэрэй оронугар акыҥнаан тиийэн ойоҕоһунан үҥкүрүйэн хаалла уонна устунан оһох тыаһыгар бигэнэн нухарыйыахча курдук буолла…

 

Куугунас тыас улааттар улаатан, сир-дойду бүтүннүү ньирилии титирэстээтэ.

Танкалар!

Миитэрэй тип-титирэс илиитинэн биноклын ылан, тыынын кыатана сатыы-сатыы, хараҕар даҕайда.

Туманынан бүрүллүбүт тумул кэтэҕиттэн араҕастыҥы өлбөөркөй эбириэн куйахтарыгар хап-хара кириэс ойуулаах баҕайылар биир-биир сынан тахсан, киэҥ хонууга тараахтыы тарҕанан истилэр.

Ээ, уйаларыгар уу киирбит ээ! Соҕуруу кумахтаах сиргэ сэриилэһэргэ анаан оҥоһуллубут “тигрдэрин” өҥүн да уларыта сатаабакка биһиэхэ бырахпыттар!

Тууй-сиэ! Ханнааҕы “тигрдэр”?! Олох даҕаны бэйэбит танкаларбыт эбит буолбаат?! Сулустаахтар дии?! Суох, эмиэ кириэс буолан хаалла! Тоҕо уларыйа сылдьарый?! Кубулуналлар дуо?!

Миитэрэйи көрдө-көрбүтүнэн тоҕу күрдьэн иһэллэр! Суох, туох даҕаны үчүгэйи эрэннэрбэт күтүрдэр быһыылаах…

Тоҕо даа элбэхтэрэй?! Ама, ити хап-хара дьаардаах буруонан барылаччы уһуура-уһуура, тимир тиһиликтэринэн, туохха да баардылаабакка, саҥа сэрбэлдьийэн эрэр сэппэрээктэри-хахыйахтары ньимси солоон иһэр танкаларга дьоннор бааллара буолуо дуо?!

Оччоҕо тоҕо тохтооботтор?! Дьоннор буоллахтарына?! Эмиэ да уот кыһыл сулустанан ылаллар дии?! Тоҕо?!

Өстөөх тоҕу анньан иһэр буоллаҕына, биһиги танкаларбыт ханналарый?! Артиллерия тоҕо ыппат?! Оттон штурмовиктарбыт?! Ханналарый?!

Тоҕо ким да кыһаллыбатый?!

Мин сыгынньах илиибинэн тугу гынабын, бу биир бэстилиэт оҕотунан?! Тоҕо соҕотохпунуй?! Ротам ханнаный?! Хайыы үйэ ньыһыйбыттар дуо?! Тоҕо түргэнэй?!

Сири-халлааны титирэстэтэн лиһигирээн иһэр танкалар хоҥ тимир башнялара эргичиҥнээн, буускаларын уоһа уҥа-хаҥас тиҥсирийэ чолоҥноон, иҥсэлээхтик оҥоҥнуулларын Миитэрэй дьулайбыттыы көрө сытта. Эт-этэ атайан, иһигэр кутуйахтар дьүүлэ-дьаабыта суох сүүрэлээн бардылар.

Оол үөһэ-аллара ыстаҥалыы хараарыҥныыр тыраҕас чуолҕаннарынан эмиэ кыраҕатык кэтии истэхтэрэ.

Кимнээх?!

Биллэн турар, өстөөхтөр! Фашистар! Илэ сиэхситтэр!

Ойон турдар эрэ, ымыттан да көрбөккө, бүлүмүөтүнэн саба тибиирдиэхтэрэ. Онтон биир эмэ танка тугу да аһыммат, ыарыы диэни билбэт тимир тиистээх тиһиликтэринэн, ханнык эрэ бадараан баҕатын тэпсэр курдук, өссө илдьи өтүүктээн ааһыа.

Хараҕар хара буору кытта булкуһа уон аҥыы ыһыллыбыт бэйэлээтэр бэйэтин сэймэгин хааннаах илдьиркэйдэрэ уонна танка мотуорун сыралҕаныттан сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн мап-маҥан болотуогунан сотто олорор ньылаччы тарааныллыбыт бэскилээх, салыҥнааҕынан көрбүт харахтаах танкист уолчаан көстөн кэлэргэ дылы гынна. Били гитлерюгенд аны танкист буолан хаалбыт дуо?!

Тоҕо маннык ааргытык өлүөхтээҕий, кини?! Тоҕо?!

Ол иирээки буулдьа ардаҕыттан мүччү туттардаҕына даҕаны, син биир ытыллар. Бэйэтин дьоно, сэбиэскэйдэр сэбиэскэйдэрэ ыталлар. НКВД боһуйар этэрээттэрэ даҕаны, сэбиэскэйдэр буоллахтара. Эбиитин таҥнарыахсыт диэхтэрэ. Тоҕо итиннигий?! Абакка-ам! Тоҕо кинини ким да аһымматый?! Тоҕо кини олох олоруо суохтааҕый?! Аа?! Тоҕо ким да хардарбатый?! Тоҕо?!

Миитэрэй сүр дириҥник хаһыллыбыт (хайа ыккардыгар хаһа охсубутай?!) окуопатын түгэҕэр умса түһэ сытан, хайдах даҕаны өрүһүнэр кыаҕа суоҕуттан абаккаран, күрдьүккэ быраҕыллыбыт ыт оҕотунуу кэдэрийэ-кэдэрийэ сири тиэйэн, ыйылаамахтыы сытта.

Ама, манна төрөөбүт алааһыттан чиэски дойду буоругар тыыннаахтыы көмүллүөх муҥа булуо дуо?!

Эмискэ санныттан ким эрэ тардыалаабытыгар эргиллэ биэрбитэ, Ньукуус кэлэн турар эбит. Биир дьааһык танканы сууһарар гранатаны сүгэн мадьалытан аҕалбыт, өссө пилоткатын быыһыгар ньургуһун кыбытыммыт. Миитэрэй ону атыҥырыы көрдө да, туох да диэбэтэ: хайдах да диэбит иһин, син маскировка суотугар аахсыахха буоллаҕа.

— Табаарыс ыстаарсай лейтенант, баларга запалларын хайдах эриллэрий?

— Эйигин байыаннай кууруска үөрэппэтэхтэрэ дуо, Ньукуус?

— Суох, биһиэхэ “лимонканы” эрэ үөрэппиттэрэ, табаарыс ыстаарсай лейтенант.

— Син биир ол курдук, — Миитэрэй тоҕо эрэ сонньуйан ылла. — Уонна эн миигин “табаарыс ыстаарсай лейтенант” диэмэ. Манна эн биһиккиттэн ураты ким да суох…

— Оччоҕо ким диибиний?! — туох даҕаны бокуойа суох запал эрийэ олорор Ньукуус соһуйбуттуу өрө көрө түстэ. — Ээ, эн төрүт даҕаны хапытаан буолбут эбиккин дуу?! Мэтээлиҥ-уордьаныҥ элбэҕиэн?! Отой бэйэтэ куйах курдук буолсу… Кэннигэр эмиэ иилиниэҥ этэ…

Миитэрэй өндөс гынан, түөһүн көрө биэрбитэ, кырдьык, былыргы бухатыырдар үрүҥ көмүс хатырык куйахтарыныы, күн уотугар күлүмүрдүү оонньоон сүрдээх эбит. Мэктиэтигэр, хараҕа саатарга дылы гынна. Тыый, окуопа түгэҕэр хантан кэлбит күн уотай?! Ээ, ол иһин даҕаныы: Салихов гармошката сытар эбит дии…

Өссө мэтээллэрэ хас хамсаатаҕын ахсын, кып-кыра алтан аарыктары санатан, кылыгырыы тыаһыыллар. Хайдах-хайдаҕый?! Хантан бачча элбэх буолан хааллылар?! Эмиэ да юбилейнай мэтээллэр баарга дылылар, оччоҕо сэрии бүппүтэ дуо?! Оттон танкалар?! Тоҕо сир ньирилиирий?! Чэ-чэ, кыргыһыы кэнниттэн тыыннаах хааллахха быһаарсыллыа!

— Көннөрү Миитэрэй диэ… Өстүбэс даҕаны, эн куоп… барбытыҥ буолбат дуо?!

— Ол — урут, Миитэрэй, ол — урут. Онно бэл ымыы саппыйам суоҕа дии… Оттон билигин мин бу Бакамда Маарын быраҕан ханна куотуомуй! Манна ийэм, Даайам, Ньургунум уонна хормуоскам бааллар эбээт!

— Хайдах буоллуҥ?! Бу Бакамда Маара буолбатах, Ньукуус!

— Уолум Ньургун сиэннэрбин кытта Бакамда буорун ытыһан аҕалан, бу толооҥҥо туруоруллубут мэҥэ таас тулатыгар үүнэр сибэккилэргэ ыспыттарын билбэт этиҥ дуо?! Онон биһиги күөһэлийэ оонньообут тапталлаах Бакамдабыт мантан саҕаланар! Субу мантан! Тур, Миитэрэй, тур! Биһигини Бакамда Маара ыҥырар!

Миитэрэй хас да гранатаны харбаан ылаат, ойон туран көрбүтэ, кырдьык, иннигэр Бакамда Маара нэлэһийэ сытар!

Тоҕо даа киэҥэй?! Бакамда Маара харах ыларын тухары ача күөҕүнэн долгулдьуйа оонньоон, алтан отунан аҥаарыйа, симэх отунан сириэдийэ тэлгэнэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт бу кыырпах да былыта суох күөх халлаанныын, бу өндөл мэҥэ халлаанныын бииргэ ыпсан-силбэһэн хааларга дылы эбит дии! Кээс, доҕор?!

Бу барыта мин төрөөбүт Бакамдам дуо?! Ээ, букатын даҕаны Кэрэх Ыйаабыт муҥураах тиитин төрдүгэр окуопалана сыталлар эбит буолбаат?! Ол эрээри Кэрэх Ыйаабыттан Бакамда Маара көстүө суохтаах этэ ээ?.. Кэрдэн кэбиспиттэр дуо, ама?!

Эбэтэр танкалар Кэрэх Ыйаабыт алааһын быыһыыр чараас ойууру ньимси тэпсэн кэбиспит муҥнара дуу?!

Өстүбэс, танкалар ханналарый, танкалар?! Гранатам?!

Илиитин көрө биэрбитэ, күп-күөх атан эрэр ньургуһун дьөрбөтүн бобо тута сылдьар эбит!

Бай, гранаталара ханналарый?! Ньукуус бу тугу булан аҕалбытай?!

— Ньукуус!!!

Миитэрэй

Миитэрэй уһуутаабытынан оронугар олоро биэрдэ.

Хайдах-хайдаҕый?! Ээ, түүл эбит буолбаат?! Ол да буоллар иччилээх түүл… Иччилээх… Арааһа, өбүгэлэригэр аттанар түгэнэ мүччүрүйбэккэ үтэн-анньан кэллэҕэ… Ньукуус кинини анараа дойдуга илдьэ кэлбит буоллаҕа…

Сүүһүн ортотугар бычалыйан тахсыбыт аҕыйах таммах тыбыс-тымныы көлөһүнү тарбаҕын төбөтүнэн сотон ылан баран, тоҕо эрэ амтаһыйан көрдө.

Уонна бэйэтэ бэйэтиттэн сонньуйа санаата: көлөһүн көлөһүнтэн туох уратыланыай?! Урут да аһыы амтаннаах буолара, билигин да минньийэн кэлбэтэх эбит. Саллар сааһын тухары төһө эрэ көлөһүнү тохто? Онтон төһөтө эрэ айыы тыыннаах, төһөтө эрэ хара дьайдаах көлөһүн буолуохтаах. Оттон бу орто дойдуга тохпут бүтэһик көлөһүнэ туох тыыннааҕа буолуой?.. Бүтэһик көлөһүнэ… Үлэттэн буолбакка, санааттан-онооттон ыгыллан тахсыбыт көлөһүнэ… Бүтэһик…

Миитэрэй уҥуох-уҥуохтара таһыгырыы тыаһаабытынан, тайаҕар тирэнэн, нүксүллэн турда. Онтон, кыыкыныы-кыыкыныы, таҥас ыскаабын диэки сүдьүҥнээн иһэн, оһоҕор халыйда.

Оһох маһа умайан бүппүт. Дьулус бэркэ кыһаллан-мүһэллэн тырыыҥкалаабыт маһыттан оҕонньор бөдөҥ, эттээх соҕустарын талан, оһоҕун тобус-толору хаалаата уонна, өр умайдын диэн, алларанан үрэрин либиччи сабан кэбистэ.

Дьэ бэрт, ол эрээри дьабдьыннахха сатаныыһы. Тыына кылгаабыта сүрдээх. Сэниэтэ тэстибит эрэһиинэ тыыттан салгын тахсарын курдук баранар. Аны ситэ таҥныбакка, маннык баккынан сылдьан охтуо…

Ыскаабыгар сыһаҕастанан тиийэн, ыраас ис таҥас ылла. Ол кэннэ көмүс сабынан тигиллибит погоннаах уонна туох баар уордьана-мэтээлэ кэккэлии анньыллыбыт, били Кыайыы 40 сылынааҕы парадка тиктэрэн биэрбит кителлэрин хостоон таһаарда.

Тоҕо даа ыараханай?! Кырдьык, куйах курдук эбит дии…

7.

Дьэ, кыах оҕонньор. Оһоҕун баҕас оттунан унаарыта сытар. Сорох итиччэ сааһыгар тиийэр эрэ, суох эрэ?

Марыына тибии тибэн аһыллыбат буолбут кэлииккэ хаарын хаатыҥкатынан хаһыйбалаан баран, тэлэйэ тарта. Онтон дьиэҕэ барар суол омоонунан чиҥээбит хаары чөм-чөм үктээн иһэн туораан таҕыста.

Бээ, моонньоҕон сабыытын тыал дэлби хастыы тардан кэбиһээхтээбит. Таарыйа көннөрөн ааһыахха. Туома, оҕонньор өссө да оронугар сытар быһыылаах: түннүктэрэ сабыылаахтар.

Бу моонньоҕон угун Миитэрэй сиэнэ Ньуукка олордубута. Туһугар эмиэ бэрт дьикти оҕо, оттон этэҥҥэ эргиллэн кэлээхтиир ини…

Марыына, сабыыны көннөрө туран, үөһэ тыынан ылла.

Оҕонньор сиэнэ сураҕа суох сүппүтүн истиэҕиттэн ордук хоттордо. Дьэ, иэдээн…

Ньуукка кыра эрдэҕиттэн араас оту-маһы үүннэрэ, куһу-хоруолугу иитэ сатаан ахан биэрээхтиирэ. Кинилэр Миисэлэрэ онно саппай-иппэй уопсан, Марыыналаах билиҥҥэ диэри хоруолук туталлар.

Оттон бу моонньоҕон аатырдар “Хара кыталык” диэн суортара үһү. Ньуукка инньэ куораттан булан аҕалан олордубута. Онон оҕонньор бэркэ харыһыйар. Хаар түспүтүн кэннэ, улаханнык тиритэн-хорутан, бу отуу оҕотун курдугу оҥорон бүрүйэн кэбиспит этэ. Марыына ону интэриэһиргээн ыйыппытыгар: “Маннык киллэм, аһаҕас сиргэ туран, кыһыҥҥы тымныыларга үлүйэн хаалыа, моонньоҕон айылҕаҕа от-мас хонноҕор-быттыгар хорҕойон үүнэрин сөбүлүүр”, — диэн быһааран турар. Кырдьыга оннук. Тугу даҕаны сатаан харайдаххына үүнэр…

Муҥхаал уола баара, оттон Миисэ курдук биир эмэ соччо куонкуруһа суох үөрэххэ киирэн хаалбакка аармыйаҕа хабыллан хаалаахтаатаҕа. “Булгу быраас буолабын, син биир киириэҕим”, — диэн тыллааҕа. Эһэтин курдук эмиэ өһөс ээ. Оҕонньор өсөһүгэр куоракка таас дьиэ да ылбакка хаалла дии. Даайа кэнники кэмҥэ бэркэ эрийсэбин даҕаны, муннунан да, айаҕынан да тыыммат буолан хаалар диэн кэпсээн аһарбыттааҕа. Оннооҕор буолуохтар ылаллар, ол кини эрэ ыллаҕына сир-халлаан сиҥнэн түһэр үһүө?! Бу үктээтэр өҕүлдьүйбэт, баттаатар маталдьыйбат орто туруу дойду буора оннооҕор буолуоҕу уйан-билэн турдаҕа. Итиннэ баҕас Миитэрэй Ыстапаанабыс улаханнык сыыстарар. Ол гынан баран, Марыына оҕонньорго бэйэтигэр инньэ диэн этиэҕин тоҕо эрэ толло саныыр… Хас киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ быһаарар буоллаҕа, онно Марыына эмиэ туох буолан туораттан ороостоҕой?!

Баттыгы туора ууран баран, күүлэ аанын арыйбытыгар хайдах эрэ куһаҕан баҕайытык хаахыныы тыаһаата. Ону атыҥырыы истэн, Марыына этин сааһа бүтүннүү аһыллан хааларга дылы буолла. Муҥ саатар, күүлэ түүҥҥү дьыбары тутан турар буолан, уорааннаах баҕайы эбит. Инньэ гынан, хайдах эрэ киһи кутун-сүрүн эбии аймыыр быһыылаах.

Оҕонньор кэнники кэмҥэ аанын иһиттэн хатаммат, таһыттан ити күүлэтин баттаттаран эрэ кэбиһэр. Кырдьаҕас киһи тугу эрэ биттэнэн-билгэлэнэн эрдэҕэ… Ол эрээри оһоҕун оттуммут дии, чэ-чэ, барыта этэҥҥэ ини. Барыттан бары дьаархаммыта буолан…

Марыына эмискэ баҕайы өрүкүнүйэн кэлбит санаатын уоскутуммута буола-буола, дьиэ аанын арыйда. Оһох диэкиттэн сылаас салгын илгийэр, ол гынан баран — уу чуумпу.

Аатынан ыҥырыаҕын тоҕо эрэ туттунан, көхсүн этитэ-этитэ, оҕонньор сытар хоһун өҥөс гынаат, төттөрү ыстанан иһэн тохтуу биэрдэ уонна, чугуруҥнуу-чугуруҥнуу, хоско хаттаан киирдэ.

Оҕонньор хаар маҥан баттаҕа-бытыга туртайан, илиитин түөһүгэр хатыйа ууран, чөкө баҕайытык хомуллубут оронугар тыылыы тэбэн сытар эбит. Утуйа сытар диэҕи өлүнньүк таҥаһын кэтэ сытар: хап-хара көстүүмнээх уонна хап-хара бачыыҥкалаах. Көстүүм саҕатыттан мап-маҥан ырбаахы саҕата туналыйар… Учууталлыы сылдьыбыт кэминээҕитин курдук…

Марыына айаҕын саба тутунна, онтон эмискэ анньан кэлбит хараҕын уутун кыатана сатыы-сатыы, ойоҕоһунан тиийэн, ытыһын оҕонньор сүүһүгэр бэркэ сэрэнэн уураат, сулбу тардан ылла уонна бокуойа суох таһырдьа харбыаласта…

* * *

Миитэрэй Ыстапаанабыһы биир дойдулаахтара улаханнык чиэстээн харайбыттара. Орто Сурт тиһэх ветеранын кытта дэриэбинэ барыта турардыын-турбаттыын быраһаайдаспыта. Оҕонньордорун кэриэһин толорон, көмүс уҥуоҕун төрөөбүт Бакамдатын Маарыгар таһааран кистээбиттэрэ. Тыытыллыбатах, ып-ыраас маҥан хаарынан бүрүллэ сытар халдьаайыга харааран тахсыбыт томтор үрдүгэр үс төгүллээх салют сатараабыта.

Арай кыыһа Даайа уонна кинини кытта барсыбыт Ньургун Никандрович суохтара. Оҕонньор остуолга хаалларбыт суругар “ыҥырымаҥ, этимэҥ, Ньуукканы буллуннар” диэбит этэ. Уонна, эмиэ ол сурук этэринэн, кыыһа Даайа “За Отвагу” диэн саллааттарга эрэ бэриллэр мэтээли бэйэтин дьиэ кэргэнигэр өйдөбүнньүк быһыытынан хаалларан баран, аҕатын параднай кителин туох баар уордьаннары-мэтээллэри оскуолатааҕы кыраайы үөрэтэр музейга бэлэх туттарыах тустаах диэн үһү. Ол музейы кэмигэр оҕонньор бэйэтэ сүүрэн-көтөн, биир-биэс кэппиэйкэтэ суох тэрийэн турардаах. Өссө Ньургун Никандрович аатыгар сургуустаах халыҥ пакет хаалларбыт дииллэр…

Кэлбит дьон массыыналарыгар олорон барыахча буолан эрдэхтэринэ, олуурдаах олунньу ыйы солбуйа охсорго тиэтэйбит кубулҕаттаах кулун тутар ала буркуна өрө ытыллан тахсан, хараара сытар томтору тунал хаарынан саба тибэн, сири-дойдуну кытта көрүөх бэтэрээ тэҥнээн кэбиспитэ…

2002-2004 сс.

 

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.