Олох

Олох кылгас дииллэр да, …
Баҕар уһун буолаарай?
Орто дойду чыычааҕар
Түннүк кэҥээн биэрээрэй…

Тапталлааҕы күүтэргэ,
Күнүм суола уһунуон,
Үлэ күүрээн кэмигэр,
Үргэр уота кылгаһыан.

Хаарыан доҕор сүтүүтэ,
Дьылҕа суоһугар соһуччутуон…
Куоппут ыллыгын үктэлэ,
Кылгас омооно кэччэгэйиэн…

Дьолтон үөрэн көттөххө,
Сиргэ түһэр дэбигэһиэн,
Хомолто хоннорор түүннэрэ,
Хараҥа күлүгэ бүппэтиэн,…

Олох кылгас дииллэр да,
Ончу ону санаамыахха,
Уһун эрдии талынан,
Утары эрдэн мөккүһүөххэ,…

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.