Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр эр дьон оһуохайа

Бу сиргэ дойдулаах олохтоох омуктар буоламмыт,
Үрүҥ күн эргиирин батыһа, сиэттиһэ тутаммыт
Быстыспат ситимнээх уон икки иилэргэ силбэһэ
Эллэйтэн саҕыллан, салҕанан оһуохай дьиэрэйдэ.

Күүстээхтэр урааҥхай сахалар ааттарын ааттатан
Бүгүн күн үөрүүбүт үтүөтүн бар дьоҥҥо тиэртибит,
Оһуохай алгыстаах, иччилээх тылларын этитэн
Инники олоххо эрэллээх, эрчимнээх тэйдибит.

Сахалар сүүс араас омуктуун сомоҕо күүс буолан
Эйэлээх эйгэни куруутун бу маннык түстүөҕүҥ.
Ыраахтан эҥсиллэр өбүгэ оонньуутун дьиэрэтэн
Бу тыйыс дойдубут сайдарын түстээммит түмсүөҕүҥ.

Чысхааннаах тымныылаах, өҥүрүк куйаастаах бу сиргэ
Үйэлэр тухары олорор дьылҕалаах сахалар,
Өрүүтүн иллээхтик түмсэммит өйдөһөр туһугар
Оһуохай алыптаах тыллара ыраахха дьиэрэйдэ.

Оһуо- оһуо оһуокай, оһуокайдыыр оһуокай,
Эһиэ- эһиэ эһиэкэй, эһиэкэйдиир эһиэкэй
Саргыбытын салайдын, олохпутун түстээтин,
Уйгу- быйаҥ туолуохтун, Уруй- туску буолуохтун!

Эбии аах: