Сүрэх, этиий эн кимҥин

Күөх нуолур тыаларым
Күөгэҥнэһэ түстүлэр,
Көҕөрүмтүйэр тыалларым
Көбүөхтэһэ күллүлэр.

Ыра санаа ыллыга
Ыйга тиийэ ыстанна,
Көтөр-мөҥөр түһүлгэ
Көҥүл күҥҥэ көтүттэ.

Олус истиҥ күлүк- эйиэнэ,
Бу тула сырдаан абылыыр,
Сүрэх эрэ этэригэр бэринэ
Этим-хааным эмиэ ыллыыр.

Хайдах сүрэх умнубат,
Халыҥ хаартан толлубат,
Ааста ини диэбитим,
Ааспат эбит, дьэ ити!.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.