Сүрэхпин биэрэбин

Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым —
Салгыҥҥа уйдаран
Саймааран кэлэҥҥин
Саатат-саарат, чыычааҕыам…
Сүрэхпин эйиэхэ бүтүннүү биэрэбин —
Сүрэҕим ымыыта эн эрэ эбиккин!

Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым —
Сарыалга сууланан
Сандааран кэлэҥҥин
Сылыт-сылыт, биэбэйиэм…
Сүрэхпин эйиэхэ бүтүннүү биэрэбин —
Сүрэҕим төлөнө эн эрэ эбиккин!

Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым —
Сыдьаайа умайар
Сардаана буолаҥҥын
Сэгэй-сэгэй, чэчигиэм…
Сүрэхпин эйиэхэ бүтүннүү биэрэбин —
Сүрэҕим чопчута эн эрэ эбиккин!

Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым —
Сэбирдэх суугуннаах
Сиккиэр тыал буолаҥҥын
Сипсий-сипсий, сэгэриэм…
Сүрэхпин эйиэхэ бүтүннүү биэрэбин —
Сүрэҕим уоскула эн эрэ эбиккин!

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.