Сааскы санаа

Сааскы күн түннүкпэр чаҕыллар,
Сиккиэр тыал лабааны хамсатар,
Сүрэхпэр сып-сылаас уһуктар,
Санаабын угуттуу тарҕанар.

Көй чыычаах омуннук күйгүөрэр,
Көҥүллүк киэҥ дуолга көччүйэр.
Көҕөрөр халлааҥҥа былыттар
Кый үөһэ угуйа усталлар.

Алыһын даҕаны баҕардым
Аттыбар биир чыычаах чырыптыан,
Аймана долгуйбут мин кутум
Ахтыбыт чуопчаарын бэлэхтиэн.

Ол чырып алыптаах күүһүттэн
Омуннук мин кынат үүннэриэм,
Очуру анаарыам үөһэттэн,
Очуос таас үрдүнэн тайаарыам.

Алыһын даҕаны баҕардым
Аттыбар биир чыычаах чырыптыан,
Аймана долгуйбут мин кутум
Ахтыбыт чуопчаарын бэлэхтиэн.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.