Сардаана сибэкким

Кырдалбар кытара тэтэрэн
Кыыс оҕо кэриэтэ киэркэйэн,
Күн уота күлүмнэс күүһүнэн
Кыыһаҕын , тырымныы сэгэйэн.

Симээтиҥ тулабар сыдьаайа,
Сырдыгы, ырааһы анаара,
Сир ийэм ньууругар сандаара
Сибэкки кэрэтэ сардаана.

Сарсыарда сарыалга саһаҥҥын,
Сахалыы саргыны саҕаҥҥын,
Санаабын саамылыы сайабын,
Саҥаны сааһылыы айабын.

Сүргэбин көтөҕө сэрэнэн
Кэрэтик ыраахтан киэркэйэн,
Сүрэхпэр тапталы иҥэрэн
Кыыһаҕын килбиктик мичийэн.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.