Сарсыардааҥы ардах

Түүнү быһа ыанньыйан
Тыыммат буолбут халлааны,
Тыҥ хатыыта синньин анньан
Тыаһаан-ууһаан ыатаҕыан…

Саҥа күн сирэйин
Сарсыардаттан сууннаҕа,
Көй салгын имнэрэ
Көҥүл көтө тыыннаҕа…

Чочумча буолаат уоһунна,
Чыычаах саҥата уһугунна,
Чуумпу турбут тулабыт
«Чууп-чаап»,- ырыаланна….

Хатыҥ лабаатыгар таммахтар
Харах уутунуу ыйаммыттар,
Эйигин кэтэһэр күннэрим
Эмискэ кууһа түһэллэр…

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.