Сибэкки ыһыаҕа

Сибэкки ыһыаҕа дьүрүһүйэн
Сүһүөх ууллан дьүһүйэр,
Бырылас тыа уһугар
Бычыгырас үөрүү уһуктар…

Отур-ботур тоһугураан
Олуур былыт ботугуруур,
Уоһун иһигэр туойан
Уол-дорҕоон ойор…

«Оннуук, оннук, кук-куук, кук-куук,
Орто дойдуга мантан ордук
Сибэкки ыһыаҕа, куруук
Сиргэ буолбат курдуук»,-

Кэҕэ саҥата иһиллэн
Көтөн ааһар үөһэнэн,
Халыҥ былыт дьааһыйан
Халлаан сырдаан дьайҕарар…

Эбии аах: