Суруйбут киһи хаарга +видео

Тохтоон ылыан эн долгуйа
Тыллар тылбар кыттыһа,
Сырдык мичээр ыаллаһыа
Хаартан иэйии ыллаһыа.

Тугу эрэ дьоһуннааҕы
Тугу эрэ олус дьоллооҕу,
Суруйбут киһи бу хаарга
Ааҕан ааһар эн суолгар.

Харда хаарга суруйуоҥ
Иэйии тылын ойуулуоҥ,
Сиккиэр хаары көтүтүө
Ыраас санааны кынаттыа.

Тугу эрэ дьоһуннааҕы
Тугу эрэ олус дьоллооҕу,
Суруйбут киһи бу хаарга
Ааҕан ааһар эн суолгар.

Ситэн кэлиэ сипсийиэ
Ытыспар кыраһа кыыдамныа,
Хаар илдьитин тиэрдиэҕэ
Иэйиибэр кыттыһа иҥиэҕэ.

Тугу эрэ дьоһуннааҕы
Тугу эрэ олус дьоллооҕу,
Суруйбут киһи бу хаарга
Ааҕан ааһар эн суолгар.

Эбии аах:

  1. Андреев Егор Хоһуунай:

    Хоһоон тылларын телефону ааҕа сытан иэйии киирэн суруйбутум.
    Телефон, ыраас хаар, кимиэхэ эрэ суруйабын кини эппиэттиир.

  2. Варвара Попова:

    Олус үчүгэй хоһоон

  3. Варвара Попова:

    Олус үчүгэй хоһоон

  4. Андреев Егор Хоһуунай:

    Махтал!

  5. Андреев Егор Хоһуунай:

    Махтал айдарыылаах ырыаһыкка Анна Тотоноваҕа хоһооммун ырыа гынан көтүппүтүгэр!

  6. СахаИмхолайк:

    Наһаа үчүгэй хоһоон, ырыа дии! Махтал ааптарга Егор Андреевка — Хоһуунайга уонна Анна Тотоноваҕа.

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.