Таабырынна таай — 2
Иккис түһүмэх саҕаланна-аааа! Түргэтээҥ! Арчылан эһиэхэ саҥа таабырыннары бэлэмнээбит.
Бастакы түһүмэх, Кристина Ябловская үс таабырыны үһүөннэрин бэрт түргэнник таайа охсон, эрдэ түмүктэннэ. Приз киниэхэ хайы-үйэ айаннаан тиийдэҕэ.
Ыам ыйын 10 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри, эппиэттэргитин манна аллараа суруйуҥ. Ким үс таабырыны үһүөннэрин таайбыт, телефонугар 100 солк. киириэ. Ким даҕаны кыайан таайбатаҕына, ол 100 солк. аныгыскы оонньууга көһөр, оччоҕуна иккис түһүмэххэ кыайбыт 200 ылар. Ол курдук салҕана, эбиллэ турар. Барыта сэттэ түһүмэх күүтэр.
1. Киһи да, кыыл да, көтөр да буолбатах эрээри, кыламаннаах туох эрэ баар үһү.
2. Талларгыт эрэ, дьолу солуурунан үллэриэм диир баар үһү.
3. Чанчыктаах аата чанчыктаппат баар үһү.
1. Куел
2. Депутат
3. Оьох
1. Күөл кытыытын ото.
2. Дьокутаат
3. Көмүлүөк оһох чанчыга.
Таайыыларгытын чопчулуур ирдэнэр.
1.Күөл тулалыы үүммүт хомус от
2. Депутатка кандидат
3. Оһох чанчыга (туох эмэ ойоҕос, кытыы өттө)
Этиҥниирэбэ, саамай сөп! Маладьыас! Кырдьык, депутат диэн талыллыбыт буоллаҕа дии, онон «талларгыт эрэ» диэбэт. Депутакка кандидат! Атыттарыҥ эмиэ сөптөр. Телефоҥҥун манна эбэтэр sakhaimholike@mail.ru почтаҕа ыыт.
Почтаҕар телефонум номерын ыыттым
Махтал) Үһүс түһүмэх хаһан буолар?
Приз тиийдэ дуо? Үһүс түһүмэх бүгүн буолуо