Таабырынна таай — 6
Алтыс түһүмэх саҕаланна! Хомойуох иһин, ким да үс таабырыҥҥа үһүөннэригэр сөптөөх эппиэти эмиэ биэрбэтэ. Онон бу алтыс түһүмэххэ кыайбыт киһи телефонугар 300 солк. түһүөҕэ.
Ыам ыйын 28 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри (өрөбүл күн бүтүөр диэри), эппиэттэргитин манна аллараа суруйуҥ. Ким даҕаны кыайан таайбатаҕына, ол 300 солк. аныгыскы оонньууга көһөр, оччоҕуна сэттис түһүмэххэ кыайбыт 400 ылар. Бу кэннэ тиһэх, сэттис түһүмэх хаалла, кытаатыҥ!
- Тоҕус үөрэҕэстээх туут балык баар үһү.
- Үс эр бэрдэ биир суханан хоруталлар үһү.
- Эмиэ да күүтэр курдуктар, кэллэр эрэ куоталлар.
Төрдүс түһүмэх сөптөөх таайыыта тугуй?
Бэһис диэ? Төрдүс таайыылара манна бааллар: http://sakha.imholike.ru/taabyrynna-taaj-5/
Бэһис: 1. Өрт уота, 2. Саҥа күн, 3. Кыыл илин- кэлин атахтара
Иккис таабырыҥҥа саҕаланыыта 0:00, бүтүүтэ 24:00, чаһы көрдөрөрүнэн. Оччоҕо дьыл, ый да диэбиттэр сөпкө таайбыт буолаллар дии
1. Кыраабыл
2. Атырдьах
3. Ардах, самыыр
Бэҕэһээ суруйбутум барбатах эбит дии, сибээс мөлтөҕүттэн буоллаҕа
Кыраабыл,ус атахтаах сандалы,кулук
Ардах