Метки: Арчылан
Таабырынна таай — 6
Алтыс түһүмэх саҕаланна! Хомойуох иһин, ким да үс таабырыҥҥа үһүөннэригэр сөптөөх эппиэти эмиэ биэрбэтэ. Онон бу алтыс түһүмэххэ кыайбыт киһи телефонугар 300 солк. түһүөҕэ. Ыам ыйын 28 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри (өрөбүл күн бүтүөр диэри),...
Аҕа аман санаата
Күлүүттэн дьоллоно, уолчааныам, Күөрэччи эйигин тамныыбын. Кый үөһэ — ол күҥҥэ — тиэрдиэхпин Күүс тиийбэт буоллаҕа, абаккам! Ол эрэн, далбарай, эн иһит, Оҥоччу көрүмэ омуннук. Кынаттаах санааны иитиммит Көтүөхтээх хотойдуу модуннук. Бастакы хардыыны оҥорор...
Тыастан дорҕоон, онтон — тыл
Ыам ыйын 14 күнүгэр «Айар Кут» бөлөх СӨ СС чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, «Күрүлгэн » уус-уран сурунаал, «Кыым» хаһыат «Кулуһун » уус-уран сыһыарыытын дьаһабылларынан үлэлиир Афанасий Гаврильевич Гуриновы-Арчыланы кытары көрүстүбүт. Бу көрсүһүүгэ Арчылан тыастан...
Таабырынна таай — 5
Төрдүс түһүмэҕи хайдах эрэ ыарырҕаттыгыт. Таайыылара манныктар: 1. «Айыы оҕото» диэн тылларга таайыыта бэйэтэ көстө сытар этэ. Чуоҕур эбэтэр ала өҥнөөх сылгы. 2. Мээчиги бары сөпкө эппиттэр. 3. Хаар ууллан сир хараарарын эмиэ сөпкө таайбыттар....
Хаастар. Кэпсээн.
— Хаас диэн саа сүкпүккэ эрэ барытыгар тосхойбот астык булт. Бастаан утаа оҕо сылдьан, саа тутаат, хаастарга хаста да бэрт тоҕоостоохтук түбэһитэлээн баран, малыйан турабын, — Байбал үөһэнэн ааспыт хаас үөрүн ыраахха диэри батыһыннара...
Таабырынна таай — 4
Дьэ ити курдук иннибит диэки баран иһэбит. Биир да түһүмэҕи көтүппэккэ барытын таайан иһэргит хайҕабыллаах. Кыайыылаах тахсыбыт Суоруну эҕэрдэлиибит, телефонун күүтэбит — почтаҕа эбэтэр манна. Ыам ыйын 14 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри (өрөбүл күн бүтүөр диэри),...
Таабырынна таай — 3
Үһүс түһүмэх кыайыылааҕын Этиҥниирэбэни эҕэрдэлиибит, кини иккис таабырыны таба таайан, толкуйдаан, сүрэҕэлдьээбэккэ чопчулаан, барыларын кыайда. Онон приз киниэхэ үөрэ-көтө айаннаата. Ыам ыйын 10 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри, эппиэттэргитин манна аллараа суруйуҥ. Ким үс таабырыны үһүөннэрин...
Ол түгэн уораана. Сэһэҥҥэ киирии тыл
Ааптартан Бастакы уус-уран кинигэбин абаҕам Тимофей Дмитриевич Гуринов (1925-1945) уонна таайым Савва Ксенофонтович Федотов (1918-…) сырдык кэриэстэригэр аныыбын Мин кинилэри көрбөтөҕүм — Дьылҕа Хаан ыйааҕа оннук. Эдэркээн бэйэлээх дьон дойдуларын көмүскэлигэр турунан, биирдэрэ уот...
Ол түгэн уораана. Сэһэн
Сэһэҥҥэ киирии тылы манна аах. Туох иһин бу киһи Лабаатын тонотто?! Туох аньыы кинини Бу маннык оҥордо?! Пётр Одорусов, “Сэрии тыыннаах туоһута” 1. Тыал уурайыахча уурайбата. Тохтуохча буола-буола, эбии сэтэрэн, быһыта биэртэлээн кэлэр. Бу...
Арчылан хоһооннорун туһунан +видео
Суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүүтүн, СӨ Суруйааччыларын уонна Арассыыйа Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Афанасий Гуриновы – Арчыланы иккитэ түбэһэн көрбүтүм. Бэйэтэ сүрэҕин баҕатынан миэхэ эрийэн, үтүө тылы сүбэлээн турара истиҥ, сылаас....
Кымыспын ытыйан
Кымыспын ытыйан бардарбын — Мин санаан кэлэбин эбээбин: Кини куура хаппыт харытын, Мунчаарыы былаастаах тойугун… Ытыгым курдурҕас саҥатын Ытыктыы дьулайа истэбин… Ытылын, кымыһым, ытылын! Ыймахтыам турдаҕа — күн сарсын.
Хаһыакка сурутуу салҕанар
П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дьаһалтата ветераннарыгар уонна оскуола библиотекатыгар анаан «Үтүө дьыала» тэрээһин чэрчитинэн «Кыымҥа», «Күрүлгэҥҥэ», «Байдамҥа» суруйтарда. Республика араас сонунун, саҥа тахсар айымньылары үөрэнээччилэр, үлэһиттэр, ветераннар бу хаһыат, сурунаал...
Дьол чыычааҕа
Сааскы чаҕыл күннэргэ Сиккиэр тыаллыын сырсарбар — Дьол, дьол, дьол, Дьол талымас чыычааҕа, Мин үрдүбэр битий дуу, Мин аттыбар чуопчаар дуу! Самаан сайын устата Сир быйаҥын сомсорбор — Дьол, дьол, дьол, Дьол талымас чыычааҕа,...
Баҕа санаам
Сэгэриэм, Көмүһүөм, Чыычааҕыам, Эн эрэ, эн эрэ сүрэххэр Кэхтибэт ньургуһун буоламмын Мэлдьитин тыллыахпын баҕардым. Сэгэриэм, Көмүһүөм, Чыычааҕыам, Эн эрэ, эн эрэ сылааскар Угуттуур нууралы буламмын Дьоллоохпун дэниэхпин баҕардым. Сэгэриэм, Көмүһүөм, Чыычааҕыам, Эн эрэ, эн...
Эн мин түүлбэр киирбиккин
Эрэйим дуу? Эгэйим дуу? Эймэнитэ долгутан, Эттиин-хаанныын иэйдэрэн, Эйэҕэстик көрөҥҥүн Эн мин түүлбэр киирбиккин… Арай, арай, кэрэ куо, Арай, арай, тырым куо, Үрүмэччи буолаҥҥын Үрүҥ түүлбүн киэргэтэн Тэлээрбэхтээн кэлэҥҥин Түөспэр ыга сыстаргын Сэгэлдьийэн ааһаргар...
Сүрэхпин биэрэбин
Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым — Салгыҥҥа уйдаран Саймааран кэлэҥҥин Саатат-саарат, чыычааҕыам… Сүрэхпин эйиэхэ бүтүннүү биэрэбин — Сүрэҕим ымыыта эн эрэ эбиккин! Сүрэхпин эйиэхэ тэлэччи арыйдым — Сарыалга сууланан Сандааран кэлэҥҥин Сылыт-сылыт, биэбэйиэм… Сүрэхпин эйиэхэ...
Сааскы санаа
Сааскы күн түннүкпэр чаҕыллар, Сиккиэр тыал лабааны хамсатар, Сүрэхпэр сып-сылаас уһуктар, Санаабын угуттуу тарҕанар. Көй чыычаах омуннук күйгүөрэр, Көҥүллүк киэҥ дуолга көччүйэр. Көҕөрөр халлааҥҥа былыттар Кый үөһэ угуйа усталлар. Алыһын даҕаны баҕардым Аттыбар биир...