Тапталтан тыллыбыт сүрэхтэр

Тапталтан тыллыбыт сүрэхтэр
Тылынан элбэҕи эппэттэр,
Ураты эйгэлээх буоланнар
Угуттуур иэйиинэн туолаллар.
Тапталтан тыллыбыт сүрэхтэр
Тырымнас кыымнары саҕаллар,
Тапталтан эрдийбит сүрэхтэр
Туохтан да чаҕыйбат буолаллар.
Тапталтан тыллыбыт сүрэхтэр
Оннооҕор өлүүнү кыайаллар,
Толору дьолунан туоланнар
Үйэлэр тухары сырдыыллар.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.