Архив по месяцам: Февраль 2017

сардаана

Эн хаарга сардаана үүннэрдиҥ…

Сорох дьон иллэҥ кэмнэригэр кыһын сардаана сибэкки үүннэрэллэр эбит. Бу аҕыйах хонуктааҕыта дьиэ иһигэр тыллыбыт сардаананы сөҕө-махтайа көрөллөр, бэркэ сэргииллэр, диэн кэпсииллэр ааҕааччылар.  

Оҕо хаһыатын төрүттээччи

Бэҕэһээ Бүлүү улууһун Дьөккөнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина Нина Иннокентьевна Протопопова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Нина Иннокентьевна 1927 сыллаахха олунньу 18 күнүгэр Бүлүү улууһун Уотту нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха государственнай университет историяҕа...

Кыра дуобатчыт улахан ситиһиилэрэ

Ааспыт сыл бүтүүтүгэр Чурапчы улууһугар Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы олимпийскай эрэллэр республикатааҕы интернат-оскуолатыгар «Эдэр талааннар» диэн дуобакка республикатааҕы күрэхтэһии буолан ааспыта.

Эр дьон оһуохайа. Элгээйи, Угут-Күөл

Былырыын муус устарга Республика күнүгэр киин куоракка аан маҥнай эр дьон оһуохайа буолбута. Бу уруккуттан баар эбит. 1958 c. Элгээйи Угут-Күөлүгэр ыһыахха түһэриллибит хаартыска ону туоһулуур.

«Уран Иис: үгэс уонна аныгы кэм» быыстапка үөрүүлээх сабыллыыта

Олунньу 19 күнүгэр, өрөбулгэ, кунус 14.00 чаастан Комдрагмет дьиэтин көрдөрөр саалатыгар «Уран Иис: үгэс уонна аныгы кэм» быыстапка үөрүүлээх сабыллыыта буолар. Быыстапкаҕа кыттыбыт маастардар үлэлэрин сэргэ Любовь Прокопьева, Тамара Игнатьева, Уруйдаана Харитонова, Наталия Павлова...

Продюсер диэн кимий?

«Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа федеральнай ханааллары кытта тэҥҥэ сайдыы суолун тутуһар; ол курдук, бу саас продюсерскай диэн көрүҥҥэ бэйэтин үлэтин көһөрүөҕэ. Биллэн турар, маннык уларыйыы анал бэлэмнээх специалистары эрэйэр, онон «Саха» НКИХ салалтата үлэһиттэрин үөрэттэрбитэ...