Алтан күн күөрэйдэ

Илин халлаан биллэ сырдаата,
Саҕахтан саһарҕа билиннэ,
Саҥа күн уһуктан өндөйдө,
Мэндээрэ, дьэндэйэ тилиннэ.

Күн көмүс утаҕын сыыйталаан
Күөх халлаан нэлэйэ сырдаата,
Аламай күн үөрэ мичээрдээн
Орто сир олоҕо оргуйда.

Көҥүл күн көҥүллүк күөрэйэн
Көрүлүү, күөнэхтии оонньоото,
Көтөр- сүүрэр онтон үөрэн
Сандал саас кэрэтин өйдөөтө.

Күн Ийэ барахсан үтүөтэ
Илгийэр сылааһын түһэрдэ,
Мөһүүрэ дьиримин толбоно
Күөл үрдүн чомполуу оймоото.

Үрүҥ күн олоҕо салҕанна
Ньургуһун киэргэнэ симэннэ,
Күн солко утаҕын түһэрдэ
Дьон — аймах сырдыкка таласта.

Күн көмүс иитигэр холбоһон
Күн сылаас сыһыанын ылынан
Бытархай чөмчүүгүн үллэстиэх,
Арылы кустугар иилтэлиэх.

Эбии аах:

Бэлиэтээһиннэр

Ваш адрес email не будет опубликован.